Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын учуонайдара Саха сиригэр ирбэт тоҥ ириитин картатын оҥордулар.
«Ирбэт тоҥ института өрөспүүбүлүкэ ландшафтнай картатын оҥордулар. Манна ирбэт тоҥ температуратын, дириҥин, криогеннай бырассыас туһунан информация баар», — диэтэ үнүстүтүүт дириэктэрин солбуйааччы Александр Федоров.
Карта ирбэт тоҥ ириитэ төһө түргэнин быһаарыаҕа. Саха сирэ 95%-на ирбэт тоҥ үрдүгэр турар. Ирэр түгэнигэр дьиэлэр акылааттара эмсэҕэлиир кутталлаах.
АХШ учуонайдара сабаҕалыылларынан, ирбэт тоҥ 2050 сыл диэки алдьаныан сөп.
«Туундара сирэ бүтэһик отут сыл устата 2-3 кыраадыс сылыйбыт. Тайҕаҕа — 0,5 кыраадыс», — диир Александр Федоров.
1990-с сыллартан Саха сирин киин уонна хотугу өттүгэр аһаҕас учаастактарга сир сиҥнэн эрэр. Холобур, Чурапчы аэропордун балаһата сиҥнэн, билигин туһаттан тахсыбыт.