Саха сатаабатаҕа суох. Табаҕа оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбыт биир сэдэх идэлээх киһинэн Николай Зыков буолар. Кини — авиация салаатыгар инженер-конструктор.
____________________________________________________________________________________________________________________________________
Николай Афанасьевич бастаан Моорук орто оскуолатыгар, онтон Табаҕа орто оскуолатыгар төрдүс кылаастан сэттис кылааска диэри үөрэммит. Кэлин ахсыстан онуска диэри Бүтэйдээххэ олорон, орто оскуоланы 1966 сыллаахха бүтэрбит.
— Үлэҥ ис хоһоонун кытта билиһиннэриэҥ дуо?
— Инженер-конструктор диэн идэ олус эппиэтинэстээх, манна биһиги вертолеттары, самолеттары чертежтыыбыт. Авиазаводка 10000-тан тахса киһи үлэлиир, ол иһигэр кылаабынай конструктор отделыгар 200 киһи. Мин бастакы категориялаах зеро диэн үлэлээбитим. Интэриэһинэй баҕайы үлэ, бастаан көннөрү үлэһитинэн киирэн баран үөрэххин үрдэтэр кыахтааххын. Бу билиҥҥи үйэҕэ электро-чертежи киирэннэр, урукку курдук кумааҕы чертежтарбытын соспот буолбуппут, онтон 4-5 ол кэриҥэ паапка буолара. Компьютерга чертежтаан бараммыт тута улахан станокка вертолет, самолет деталларын арааһынай тимиртэн оҥоробут. Биһиги ордук вертолет М48 оҥорор этибит.
— Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит буолан үрдүк үөрэххэ киирдэҕин. Учууталлар оччолорго хайдах үөрэтэллэрэй?
— Биһигини Табаҕаҕа Евдокия Федоровна Афанасьева диэн учуутал нуучча тылыгар үөрэппитэ. Физика, математика уруоктарын Вацлав Афанасьевич Марков олус кэрэхсэбиллээхтик, үөрэнээччи өйүгэр түһэр гына ыытара. Сороҕор уһун переменаҕа кинини кытта остуол тенниһигэр оонньуурбут. Историяны Семен Семенович Платонов, ырыа уруогун Юрий Михайлович Бродников үөрэппиттэрэ. Уруһуй уруогун Суола уонна Табаҕа оскуолаларыгар Яков Михайлович Зыков, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа, үөрэппитэ. Үтүө майгылаах, киһи быһыытынан боростуой учуутал, хас биирдии бэйэбитигэр олус болҕомтолоох сыһыаннааҕа. Кини биһиэхэ сэрии алдьархайын, суоһун-суодалын кэпсиирэ. Бэйэтэ наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур эбит этэ. Үрдүкү кылааска саха тылыгар, аны санаатахха, саха тылын толору баһылаабыт, идэтигэр бэриниилээх, олус билиилээх учуутал Тимофей Саввич Попов үөрэппит эбит. Бу күлэ-үөрэ сылдьар олус холку, сэмэй киһи этэ. Санааны тылынан толору этэргэ, суругунан наадалааҕы, тугу көрбүккүн, ис туруккун дьүһүйэргэ кыһаллан үөрэтэрэ.
— Оскуола кэнниттэн ханна үөрэммиккиний, туох идэни ылбыккыный уонна ханна үлэлээбиккиний?
— 1968 сыллаахха Бүтэйдээх оскуолатын бүтэрэн баран, Табаҕаҕа Ала-Биэҕэ ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Ф.П.Слепцоваҕа олорон тутуу биригээдэтигэр үлэлээбитим. Кэлин Казанскайдааҕы авиационнай институту алта аҥаар сыл үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэнниттэн биир сыл спутниктары оҥорор Красноярскайдааҕы механическай заводка инженер-механигынан үлэлээбитим. Онтон Улан-Удэҕа авиационнай заводка 40 сыл үлэлээбитим. 2014 сылтан саҕалаан Москваҕа баар акционернай обществоҕа «Московский вертолетный завод им. М.Л.Миля» дуогабар түһэрсэн, «көмө курдук» вертолет саҥа модификацияларыгар былаан быһыытынан чертежтары оҥоруунан дьарыктанабын.
— Үлэҕэр туох ситиһиилэрдээххиний?
— Ситиһиилэрим элбэхтэр эрээри, саамай сүрүнүм: «За модернизацию вертолетов» диэн грамота уонна «Юбилейная медаль космонавтики РФ».
— Билигин Дьокуускайга олороргун истибиппит, урут ханнык куоракка олорбуккунуй?
— Бу иннинэ мин Улан-Удэҕа олорбутум, онтон былырыын пенсияҕа тахсаммын Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэммин кытары көһөн кэлбиппит.
— Эн идэҥ олус сэдэх, бу идэни ылыан баҕалаах оҕолорго тугу этиэҥ этэй?
— Оҕолор авиацияҕа киирэ сатаатыннар диэн баҕалаахпын. Саха сирин авиациятын сайыннардыннар, онно киһи тиийбэт, наһаа аҕыйахтар, ол иһин сайдыбат. Инженер-конструктор, инженер-механик эҥин идэлэрин таллыннар уонна төрөөбүт сирдэрин сайыннара турдуннар.
Ааптар: Санникова Юлия, 11 кылаас. Табаҕа орто оскуолата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. «Кыымчаан» эдкорпост.