Саха тылынан саҥарар, саха тылынан киэн туттар киһи — кини дьиҥ саха. Олунньу 13 күнэ – Саха төрүт тылын күнэ. Хас биирдии сахабын дэнэр, Сахатынан киэн туттар киһиэхэ бу күн сүдү суолталаах. Биһиги оскуолабытыгар бу күн эмиэ сүдү суолталаах, бэрт сэргэх күн, тэрээһин буолар.
Ол курдук хас сыл ахсын буоларын курдук биһиэхэ линейка буолла, оҕолор доргуччу, дьоһунаахтык Россия уонна Саха сирин гимнэрин ыллаатылар. Саха нэдиэлэтигэр оройуон, оскуола иһинэн ыытыллыбыт араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттыбыт, миэстэлэспит оҕолору чиэстээтилэр.
Ону таһынан, Софья Ивановна салайааччылаах Иван Яковлевич Танхаров аатынан култуурунай-этнографическай киин үлэһиттэрэ оҕолорго анаан саха төрүт инструменнарыгар оонньоотулар, маастар-кылаас көрдөрдүлэр, ол курдук, кыл-кылыһах, сиксиир, дьаҕа уонна күпсүүр доҕуһуоллаах ырыа тыаһатаннар, оҕолор, учууталлар олуһун да астынныбыт, үөрдүбүт. Саха төрүт инструменнара олус да кэрэ, киһи дууһатын олус да уоскутар тыастаахтарын эт кулгаахпынан истэммин итэҕэйдим. Хас биирдии сахабын диир киһи хайаан да истиэхтээх, тыаһатан көрүөхтээх эбит.
Ол кэннэ илии илииттэн ылсаммыт, тоҥолохтон тутуһан, оһуохай алыптаах муусукатыгар уйдаран, оһуохайдаан дайдыбыт. Кыһыҥҥы тымныы дьыбардаах күннэргэ сахаҕа оһуохай тыаһа сайыҥҥылыы сылаас, итиилии илгэ күннэри санатан сүрэҕи сылаанньытан олус да минньигэстик, кэрэтик да киирдэ.
Оҕолор, учууталлар бары астынан, үөрэн туран оһуохай тылын үтүгүннүбут. Оскуола оҕолоро бу күммүтүн — саха буоларбыт бэлиэ күнүн олус үрдүк таһымҥа ыыппыт учууталларбытыгар, И.Я. Танхаров аатынан култуурунай-этнографическай киин үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Хас биирдии саха буоларынан киэн туттар киһиэхэ, кыһыҥҥы тымныы күҥҥэ, оһуохай олус наадалаах эбит диэн түмүккэ кэллибит. Бу күн саха буоларбытынан, сахабыт тыла кэрэтинэн өссө биирдэ киэн тутуннубут.
Дайаана Иванова, Хатыы орто оскуолатын «Чуораанчык» медиакиин эдкора.