Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ учууталларын II-с Сийиэһин көрсө элбэх кэпсэтиһии, чопчулаһыы, сүрүн соруктары торумнааһын буола турар. Ыытыллаары турар Сийиэс сүрүн санаата төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии эйгэтэ күүһүрүүтэ — Арассыыйа кыаҕын көстүүтэ буоларын бигэргэтэрдии ыытыллара тоҕоостоох.
Ол курдук быйылгы үөрэх дьылыгар үөрэтии-иитии үлэтигэр ити хайысхаҕа ордук улахан болҕомто уурулунна. Тылбытын харыстыыр, сайыннарар туһуттан, төрөөбүт тылбытынан үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтэри ырытар, саҥа сүүрээннэри көрөр төгүрүк остуол ҮӨСИҮ үнүстүүт көҕүлээһининэн тэрилиннэ. Үөрэтии чопчу алын уонна сүрүн сүһүөҕэр федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартара саҥардыллан балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн үлэҕэ киирэринэн учууталлар үлэлэрин саҕалаары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Атырдьах ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин үгэс буолбут мунньахтарын чэрчитинэн ити төгүрүк остуол «Саҥардыллыбыт БГҮӨС төрөөбүт тылы үөрэтиигэ дьайыыта уонна инники кэскилэ» диэн аатынан ыытылынна. Барыта куйаар ситиминэн уонна сирэй 130 киһи кыттыыны ылла.
Төгүрүк остуолга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ И.П. Любимова, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Бэдэрээлинэй Үнүбэрсиэт Бэрэсидьиэнэ, педагогикаҕа билим дуоктара, психологическай билим хандьыдаата, Арассыыйатааҕы Академия академига Е.И. Михайлова, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт дириэктэрэ Н.М. Павлов, дириэктэри солбуйааччылара О.И. Михалева, С.В. Дедюкина, үнүстүүт уопуттаах методиһа, учуобунньук ааптара В.Р. Шишигина, филология кафедратын аҕа учуутала Ф.В. Ядрихинская, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын учууталларын ассоциацияларын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Р.Н. Каженкин, эбэҥки тылын учууталларын ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ М.П. Дьяконова, С.С. Семенова, салайааччылаах бөлөхтөн «Мультидитек» сыыппара кыһатын дириэктэрэ Т.В. Тарабукина, Айыы Кыһатын алын сүһүөҕүн учуутала В.П. Дьяконова, ону таһынан саха, эбэҥки тылын, литэрэтиирэтин учууталлара кэпсэтиини таһааран санаа атастастылар.
Үөрэх миниистирэ Ирина Павловна Любимова бэлиэтииринэн, саха, эбээн, эбэҥки, чукча, юкагир, долган тылларын үөрэтиигэ систиэмэлээх үлэ тиһигин быспакка ыытылла турар. 641 өрөспүүбүлүкэ оскуолатыттан 393 оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтэллэр. Ити уопсай өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын ахсааныттан 61,3% ылар. Саҕаланаары турар саҥа үөрэх дьылыгар аҥардас Дьокуускай куоракка төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ 48 кылаас-кэмпилиэк арыллыбыта үөрдэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата кэлэр икки сыл устата учуобунньук, босуобуйа оскуолаҕа барытыгар тиийэрин, хас биирдии оҕо үөрэнэр кинигэлээх буоларын ситиһэргэ суолталаах былаан, дьаһал ылыммытын иһитиннэрдэ. Уһуйаан иитиллээчилэригэр, оскуола саастаах оҕолорго үөрэтиигэ-иитиигэ элбэх анал литэрэтиирэ оҥоһуллан бэчээттэнэн тахсыбыт. Оҕо сайдыылаах, төрөөбүт төрүт тылынан саҥарар, үөрэнэр кыаҕар усулуобуйа баарын, тэриллибитин бигэргэтэр. Чаас аччаабатын туһугар үгүс үлэ ыытылынна. Ол курдук анал бөлөх тэриллэн үөрэх алын уонна орто сүһүөҕүн бырагыраамаларын, үөрэҕин былааннарын сиһилии үөрэтэн, ырытыһан эттээх-сииннээх этии киллэрэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Үөрэҕин министиэристибэтигэр ыытыллыбыта.
Судаарыстыбаннай бэлиитикэ уонна уопсай үөрэхтээһини салайар Департамент солбуйааччы бэрэссэдээтэлин А.А. Тимофеева, Үөрэх сайдыытын үнүстүүтүн дириэктэри эбээһинэһин толорооччу Т.В. Суханова кытта барыллаан үөрэх былааныгар төрөөбүт тылы, култуураны үөрэтии чаһыларын чопчу ыйан күүстээх кэпсэтии, быһаарсыы буолбута. Соторутааҕыта Арассыыйа Үөрэҕин миниистирин С.С. Кравцов илии баттаһыннаах бирикээскэ саҥардыллыбыт БҮөС–гар ити этиллибит уларытыылары киллэрэн үөрэх былааныгар төрөөбүт тылы үөрэтии чааһа сөргүтүлүннэ. Саҥардыллыбыт БҮөС–гар олоххо киирэринэн анал хамыыһыйа тэриллэн барыллаан үөрэх бырагыраамалара алын, орто сүһүөхтэргэ оҥоһуллан Үөрэх министиэристибэтин сыаналыыр сүбэтигэр көрүллүөхтэрэ. Ону тэҥэ учуобунньуктар, босуобуйалар саҥа ирдэбилинэн саҥардыллан тахсыахтара.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстыыр уонна сайыннарар» судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн «Төрүт тыллар» үөрэтэр-иитэр хайысхалаах портал олоххо киирэн үлэлии турарын истэн турабыт. Ол үлэ салҕыы тэриллиитин саҥа сирэйдэр үлэлэрин ҮӨСИҮ үнүстүүт дириэктэрэ Нь.М. Павлов, үлэһиттэрэ сиһилии арыйан көрдөрөн кэпсээтилэр. Платформа билигин араас хайысхалаах матырыйаалынан кэмиттэн кэмигэр угуллан, ис хоһооно байан иһэр эбит. Портал үлэтин ситимнээхтик ҮӨСИҮ үнүстүүт үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыта сылдьаллар. Нууччалыы да, сахалыы да тылынан тэҥинэн үлэлиир портал биллэрдик тупсубута, байбыта бу төгүрүк остуолга дьэҥкэтик көһүннэ. Төрөөбүт тыл учууталларыгар портал үлэтэ сирэй үөрэнэр кэмҥэ, ыраахтан да олорон үөрэнии араас түгэнигэр (харантыыҥҥа, улахан тымныыга) үлэлииргэ табыгастаах. Портал үлэтэ бастатан туран, үөрэнээччилэргэ ананар. Оҕолор уруокка тугу өйдөөбөтөхтөрүн көрүөхтэрин, баар сорудахтары толоруохтарын, тургутуктарынан бэйэлэрин бэрэбиэркэлэниэхтэрин сөп. Оҕо сынньалаҥар да, үөрэххэ да аналлаах матырыйаал толору баар. Киинэлэри, испэктээктэри да көрөр кыахтаахтар уонна оҕо тылын саппааһын байытарга видео устуулар дэлэйдэр. Иккиһинэн, төрөппүккэ көмөлөөх. Төрөппүт платформа нөҥүө оҕотугар көмөлөһүөн, тугу үөрэтэллэрин билсиэн, бэйэтэ даҕаны билиитин хаҥатынарыгар туһалаах матырыйаал үгүс. Ол иһин төрөппүккэ аналлаах бэсиэдэлэр, төрөөбүт тылы үөрэтиигэ сүбэлэр-амалар баар буолуохтара, ситэри форумнар, кэпсэтиилэр сирэйдэрэ кэҥээн иһиэхтэрэ. Үсүһүнэн, учууталга аналлаах. Платформаҕа презентациялары, суруйааччылар олохторугар, айар үлэлэригэр сыһыаннаах хаартыскаларын, араас табылыыссалар, оҥкуллар бааллар, бэйэтин уруогун оҥостор, матырыйаалын төһө баҕарар тупсарар кыахтаах. Учуутал тус матырыйаалын туһанан кылаас оҕотун киллэрэн үлэлэтиэн сөп.
ҮӨСИҮ үнүстүүт методиһа В.Р. Шишигина саҥа оҥоһуллубут учуутал үлэлиир бырагырааматын сыыппара эйгэтигэр тутулун оҥостор (конструктор), ис хоһоонун киллэрэн туттуллар үнүстүрүмүөнүн көрдөрдө. Учууталга үлэлииригэр улахан көмө тэрил оҥоһуллубута, бу хайысха салҕыы оҥоһуллар, тупсарыллар соруктаах үлэлии сылдьалларын көрдөрбүттэрэ биһирэбили ылла. Салгыы портал үлэтигэр төрүт олохтоох омуктар тылларынан нууччалыы, сахалыы матырыйаалларынан байытар, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, уһуйаан иитиллээччилэригэр, алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах үлэ хайысхата кэлэр сылтан былааннанан, үп көрүллэн кэҥээн иһэрэ ирдэнэр.
Төгүрүк остуолга ону таһынан сыыппара эйгэтин бары күүһүн-кыаҕын туһанан кылаас таһынан үлэни тэрийиигэ, бастакы кылаас үөрэнээччитигэр буукубаарга көмө литэрэтиирэни туттары хас биирдии алын да, орто да сүһүөх учуутала туһанарыгар туһалаах, наадалаах үлэ бара турарын кэлбит ыалдьыттар сырдаттылар.
Кэпсэтиигэ үөрэхпит эйгэтигэр тахсыбыт уларыйыылар төрөөбүт тылбытын үөрэтиигэ охсуута суох, ис хоһоонун байытыыга, кэҥэтиигэ үгүс саҥа сүүрээн киирэн учууталлар үлэлэрин ис хоһоонун өссө ордук тупсаран, салгыы таһаарыылаахтык үлэлииргэ кыах бэрилиннэ диэн сүрүн санаа этилиннэ. Уонна төгүрүк остуол түмүктүүр докумуонугар суруллубут сүрүн этиилэри кытта мустубут дьон бары сөбүлэстилэр.
Сотору Арассыыйа бары оскуолалара балаҕан ыйын 1 күнүттэн толору үлэлээн саҕалыахтара. Төрөөбүт тылбытынан үөрэтии-иитии саҥа үөрэх дьылыгар ситиһиилээх, таһаарыылаах буоларыгар төгүрүк остуол кыттыылаахтара салгыы бу кэпсэтиигэ таарыллыбыт боппуруостары кэпсэтиһэн өссө күүскэ ылыннарыылаахтык быһаарсан бииргэ үлэлиэххэ диэн түмүккэ кэллилэр.
О.И. Михалева, ҮӨСИҮҮ дириэктэри солбуйааччы,
Ф.В. Ядрихинская, ҮӨСИҮҮ филология кафедратын аҕа учуутала.