Кистэл буолбатах, кэнники кэмҥэ мөлтөхтүк саҥарар оҕо наһаа элбээтэ. Бука, үгүс төрөппүт логопед өҥөтүнэн туһаммыт буолуохтаах. Өскөтүн оннук аҕыйах дьарык кэнниттэн көммүт буоллаҕына, ол аата оҕо саҥатын кэһиллиитэ кыра, чэпчэки соҕус эбит. Оттон улахан кэһиллиилээхтэри кытта уһуннук, утумнаахтык, хас эмэ сыл устата дьаныардаахтык дьарыктаныахха наада. Оччоҕо эрэ көдьүүстээх, туһалаах, ситиһиилээх буолар.
Онуоха Дьокуускай куоракка саҥалара мөлөх оҕолор тылларын сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай интэринээт-оскуола баар. Мин бу оскуолаҕа үлэлээбитим хаһыс да сыла. Д.Б. Кабалевскай концепциятыгар олоҕуран, музыка уруогун биэрэбин.
Билэргит курдук, эппэт кэлэҕэй дьон ыллаатахтарына, тардыалаталлара ааһан хаалар. Тоҕо диэтэххэ, матыыпка уйдаран, ол тэтиминэн сөпкө тыынан, дорҕоону иҥнигэһэ суох чуолкайдык таһаараллар. Ол иһин музыка уруога диэн бу аҥаардас кэрэ эйгэтин кытта алтыһыы, өйү-сүрэҕи духуобунай байытыы эрэ буолбатах: бу туох хайа иннинэ, бастатан туран, сөпкө тыынарга, дорҕоону сыыһата суох таһаарарга уһуйар үөрэх. Чахчыта да, ырыанан үлүһүйбүт оҕолор саҥалара биллэ тупсар.
Дьэ, ол туһуттан хас уруок иннинэ мин “распевка” диэни ыытабын. Онно муусука тэтиминэн дорҕоону араастаан оонньотон, уһатан-кэҥэтэн, куолаһы үрдэтэн-намтатан, күөмэйдэрин сибээскэлэрин эрчийэбит, салгыны сөпкө эҕирийэргэ үөрэнэбит.
Онтон тиэкиһи кытта үлэ барар. Ырыаларын тылын нойосуус үөрэтэллэр. Өйдөрүгэр тутар дьоҕурдара эмиэ сайдар. Ону дорҕоонноохтук ааҕан, тыл былчыҥнарын сайыннарабыт. Ол артикуляцияҕа, дикцияҕа, интонацияҕа туһалаах. Ол кэнниттэн биирдэ баян доҕуһуолунан ырыаҕа кубулутабыт.
Бастакы президент М.Е. Николаев “Музыка для всех” бырайыагын өйөөн, оҕолору араас инструменнарга оонньуурга үөрэтэбин. Музыканы истэр дьоҕуру сайыннарыы чуолкайдык саҥарарга эмиэ сабыдыаллыыр.
Аны туран, мөлтөх саҥалаах оҕо сыанаҕа тахсан ыллаатаҕына, ытыс тыаһынан биһирэннэҕинэ, куонкуруска миэстэлэстэҕинэ, “мин да сатыыр, кыайар эбиппиин ээ” диэн эр санааланар, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Ол киһи быһыытынан сайдыытыгар олус улахан суолталаах.
Ырыаҕа сылдьар оҕолор, чуолаан “Музыкальная шкатулка” куруһуокпар дьарыктанар үөрэнээччилэрим, биир интэриэстээхтирин кытта алтыһан, кэпсэтэн, коммуникативнай дьоҕурдарын сайыннараллар. Ансаамбыллаах буоланнар, кэлэктииптии өй-санаа олохсуйар, уопсастыбаҕа наадалаах дьон буолалларын дьэҥкэ өйдүүллэр, социализацияны ааһаллар. Араас куонкурустарга кыттан, ыырдарын, эйгэлэрин кэҥэтэллэр, билэр-көрөр баҕалара улаатар.
Ситиһиилэрбититтэн аҕыйаҕын бэлиэтиир буоллахха, былырыын 2018 сыллаахха “СМАР-АРТ” норуттар икки ардыларынааҕы инклюзивнай фестивальга алын сүһүөх бөлөҕүм уолаттара Алеша Габышев, Вова Морозов, Владик Афанасьев, Тимур Сивцев, Владик Якубов, Виорея Макарея, Арсен Кириллин, Сергей Гринович, Данил Ожигов, Аэлита Бугаева (кылаас салайааччыта Мальцева Анна Викторовна) II степеннээх лауреат, 15-18 саастаахтарга Дьулус Захаров, Алеша Маренков, Данил Острелин, Альберт Павлов, Исай Иванов Гран-при буолбуттара.
Бүтүн Россиятааҕы “Литературная Россия” диэн научнай-чинчийэр уонна айар куонкуруска Милана Федорова, Айыллаана Спиридонова III степеннээх Диплому тутан үөрдүбүттэрэ. Сылын аайы ыытыллар “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” фестиваль чэрчитинэн ыытыллар “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска лауреат, дипломант буолбута.
Быйыл 2019 сыллаахха доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор “От сердца к сердцу” өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалларыгар А.В. Мальцева салайааччылаах кылаас алын сүһүөхтэргэ “Серебряный голос” номинацияҕа кыайбыттара.
Оҕо эн үөрэххин ылынарын туһугар учуутал бары өттүнэн холобур буоларга кыһаллыахтаах. Ол санааттан бу кыһын “Саха” НКИХ тэрийбит “Эн — сулускун” телевизионнай бырайыагар кыттан, полуфиналга тахсар чиэскэ тиксибитим. Үөрэнээччилэрим күннэтэ алтыһар уһуйааччыларын күөх экраҥҥа көрөн, киэн туттар иэйиигэ куустарбыттара, өссө дьулуһан туран дьарыктанар буоллулар. Оттон ол күөдьүйбүт баҕа сааналарын мүччү туппакка, хас күн аайы утумнаахтык эрчийэргэ, кэрэҕэ уһуйарга туох баар сатабылбын, кыһамньыбын уурабын, 39 сыллаах баай уопуппун туһанабын.
Иван Баишев, үрдүк категориялаах учуутал,
СӨ Үөрэҕин уонна Култууратын туйгуна.