Саҥа сыл “Саҥа ааттарынан” саҕаланар буолбута быйыл XIX сыла. Бу 19-с аһаҕас куонкурус уотун уматар чиэскэ тигистилэр – былырыыҥҥы “Саха Сирин саҥа ааттара-2018” күөн күрэс муҥутуур кыайыылааҕа Айсулу Туркебаева уонна Музыка үрдүкү оскуолатын бүтэрбит, билигин Москваҕа “Русская филармония” симфоническай оркестрга кларнет бөлөҕүн солиһа Ирина Догуева.
Быйылгы куонкуруска барыта 390 оҕо кытынна. Кинилэр үрэр, итиэннэ струналаах инструменнарга, фортепианоҕа, фольклорга, ырыаны академическайдык толорууга, музыка теориятыгар, “Музыка для всех”, “Юный композитор”, “Учитель-ученик” номинацияларга күрэхтэстилэр.
Музыканы доҕуһуоллуурга, тыаһатарга, ыллыырга уһуйулла сылдьар дьоҕурдаах оҕолорго “Саҥа ааттар” саамай долгутуулаах уонна үрдүк таһымнаах күрэх буолар. Манна миэстэлэһии улахан ситиһиинэн ааҕыллар. Тоҕо диэтэххэ, “Саҥа ааттарга” өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан күрэхтэһэ кэлэллэр. Кинилэри улахан музыканнар сыаналыыллар. Маныаха дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Сириттэн эрэ буолбакка, соҕурууттан эмиэ ыҥырыллан үлэлииллэр. Ол курдук, быйыл Москваттан П.И. Чайковскай аатынан государственнай консерватория фортепианоҕа преподавателэ Богданова Наталья Викторовна, Гнесиннэр ааттарынан Музыка Россиятааҕы академиятын баяҥҥа уонна аккордеоҥҥа кафедратын профессора Гунин Виталий Николаевич, бу академия струналаах норуодунай инструменнарын кафедратын доцена Гунина Инна Алексеевна кэлэн, биһиги оҕолорбут талааннарын көрдүлэр, маастар-кылаастары биэрдилэр.
Айыы Кыһатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Терентьева норуодунай инструменнар салааларыгар кыттан, орто бөлөхтөргө II миэстэ буолла. Кини домраҕа оонньуур.
—-Домбра — казахтар инструменнара. Оттон нууччалар киэнэ домра диэн. Мин бу инструмены тыаһатарга дьарыктаммытым үһүс сыла. Дьокуускайдааҕы Оҕо искусствотын 2-с №-дээх оскуолатыгар сылдьабын. Уһуйааччым Екатерина Сергеевна Попова диэн. Кини наһаа үчүгэйдик үөрэтэр. Хаһан да мөхпөт. Бу куонкуруска учууталбын кытта иккиэн тэҥҥэ намыын (кантилена) уонна түргэн матыыптары толорон, “Учитель-ученик” номинацияҕа бастаатыбыт.
Дьиҥэр, мин бастаан скрипкаҕа үөрэниэхпин баҕарбытым ээ. Ол гынан баран тургутууну ааспатаҕым. Хата, домраҕа киирбитим да үчүгэй эбит. Киһини уоскутар дьикти дьүрүскэни бу үс струналаах инструмент дорҕоон гынан көтүтэр алыптаах. Эбэм Любовь Ивановна Терентьева эмиэ домристка. Кини миэхэ сүбэлиир, ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрэр. Кылааска эрэ үөрэнэринэн муҥурданыа суохтааххын. Эбии дьиэҕэ эрчиллиэххэ наада. Ол иһин мин күн аайы чаас курдук домрабар оонньуубун. Оскуолабын бүтэрдэхпинэ, Екатерина Сергеевна курдук, оҕолору домраҕа үөрэтиэм — диир Сайаана Терентьева.
—Улахаттарга өссө биир үөрэнээччим миэстэлэстэ: Алина Алексеева иккистээтэ. Сайаанаҕа Т.Н. Шипилова, Алинаҕа О.И. Беркес фортепианоҕа доҕуһуоллаабыттара.
Бу икки кыыһым дьоҕурдаахтар уонна баҕалаахтар. Былырыын Сайаана “Созвездие Арктики” куонкуруска устудьуоннары кытта куоталаһан, II м буолбута. Алина бу Саҥа дьыл эрэ иннинэ Покровскайга буолбут Бүтүн Россиятааҕы “Волшебство звука” куонкуруска II степеннээх лауреат аатын сүктэ. Ол күрэххэ мин Сайааналыын эмиэ “Учитель-ученик” бастаабыппыт.
Москваттан кэлбит Виталий Николаевич уонна Инна Алексеевна Гуниннар маастар-кылаастарыгар сылдьан, элбэҕи эбиннибит.
Домра кылааһыгар 7-8 саастарыттан киирдэхтэринэ, 8 сыл үөрэнэллэр. Ол иһин үксүн 9 саастарыттан саҕалыыллар. Оччоҕо 5 сыллаах үөрэх буолар. Нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктыыбын. Спецтэрин сэргэ сольфеджиоҕа, музыкальнай литератураҕа, хорга дьарыктаналлар, оркестрга оонньууллар. Биһиги оскуолабыт 202 мкр баар. Экзамеҥҥа ритмнэрин, слухтарын, интонированиены тургутан көрөбүт. Кэлэн туттарсыҥ диэн ыҥырабыт, — диир домраҕа уһуйааччы Екатерина Сергеевна Попова.