Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах бөһүөлэгин олохтоохторо Саҥа дьылы көрсө саҥа оскуоланы бэлэх туттулар. Бу туһунан Балыктаах орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ, “Өркөн”пост чилиэннэрэ Володя Артемьев, Сайдам Винокуров суруйаллар.
Ырыаҕа ылланар сүүһүнэн уоттардаах Балыктаах бөһүөлэгэ оскуолаҕа үөрэнэр105 оҕолоох. Саргылаах Саҥа дьылы көрсө, саҥа таас оскуола дьоһун бэлэх буолан, үлэҕэ киирдэ. Ахсынньы 26 күнүгэр оскуоланы үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинэ буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салайааччылара кэлэн, бэйэлэрин эҕэрдэлэрин эттилэр, алгыстарын анаатылар.
Икки этээстээх саҥа оскуолабыт тутуллан, үлэҕэ киирэриттэн олус үөрэбит. Биһиги оҕолор, күһүн сир тоҥо илигинэ, кылааппытын киллэрэн, тула мас олордубуппут. Билигин үөрэнэр кыһабыт бөһүөлэк кэрэ көстүүтэ буолан, уоттарын сандаарда тыган, турара олус үчүгэй. Инники үөрэхпитигэр, оскуолабытыгар туһалаах дьон буолан тахсарга санаабытын кынаттыыр.
Уустук кэм буолан. үөрүүлээх аһыллыы тэрээһинин куйаар ситимин нөҥүө көрдүбүт. Бииртэн биир сонун оборудованиелаах кылаастар, бибилэтиэкэ, спортивнай саала, тренажернай саала, мастерской баалларын көрөн, күүтүүлээх дьоллоох түгэн илэ тосхойбутун итэҕэйдибит.