Сотору күүтүүлээх Саҥа Дьылбыт бырааһынньыга буолуо. Бары бу бырааһынньыкка чугас дьоммутугар бэлэх оҥорон үөрдээри толкуйдана сылдьабыт. Бэлэх хайаан да ыар сыанаҕа атыылаһыллыбыт буолуохтаах диэн сыыһа, киһи ис сүрэҕиттэн бэйэтин илиитинэн оҥорбут бэлэҕэ ордук сылаас, истиҥ буолар.
Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Марат Cухомясов эмиэ итинник толкуйдуур. Кини боростуой таастары ураты хатыламмат бэлэх оҥорорун туһунан маннык кэпсиир:
— Уруһуй уруогар учууталбыт Анна Егоровна айылҕа таастарын уруһуйдуур ньыманы көрдөрбүтэ. Мин маны олус сөбүлүү уонна сэргии көрбүтүм. Уруһуйдаммыт таас бэртээхэй бэлэх буолуон сөп эбит дии санаабытым. Итинник бэлэх кимиэхэ да суох, хатыламмат. Сиэпкэ укта сылдьар харысхал, талисман да буолуон сөп. Эбэтэр магниты сыһыаран баран дьиэ тээбиринин киэргэлэ да буолуон сөп. Бастаан тааспын сууйан, куурдан бэлэмниибин. Туох быһыытыгар маарынныырынан көрөн тугу ойуулуурбун быһаарбын. Ойуулуурбар акриловай кыраасканы туттабын. Бу кырааска хаттаҕына сууйуллан-сотуллан хаалбат. Эбии лаахтааһыҥҥа наадыйбат, бэйэтиттэн килэбэчийэр. Таастары үксүн харамайдар быһыыларыгар маарынната көрөбүн. Ол иһин мин таастарым кыыллар-көтөрдөр уруһуйдаах тахсаллар.
Дьэ, маннык олус интэриэһинэй, ураты санааннан оҥоһуллубут бэлэҕи ылартан ама ким үөрүө суоҕай?! Бу таастартан ордук сылаас, ордук сырдык кэлэргэ дылы. Таастары ыллатар Марат инникитин да маннык истиҥ санаалаах, ураты толкуйдаах буола улаатарыгар баҕарабыт.
Изабелла Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.