Мин аатым Сайыына. Мин саамай сөбүлүүр бырааһынньыгым Саҥа дьыл буолар. Тоҕо диэтэргин, киһиэхэ барытыгар элбэх үөрүүнү, дьиктини аҕалар.
Дьон-сэргэ барыта кэтэһэр, үчүгэйи эрэнэн, баҕаран туран. Хас дьиэ аайы харыйа киэргэтэллэр, гирлянда ыйыыллар. Оскуолаҕа, дьыссаакка оҕолор маскарад кэтэллэр. Эһэ дьыл Хаарчааналыын эҕэрдэлии кэлэллэр, бэлэх ууналлар. Ийэбиниин элбэх минньигэс бүлүүдэлэри астыыбыт, аҕабыныын таһырдьа салют тахсан ытабыт. Бары баҕа санааларбытын этэбит. Олохпут саҥаттан саҕаланар уонна салҕанар.
Сайыына Алексеева, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 2 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Саҥа дьылы мин дьиэбэр көрсөбүн, харыйабын, дьиэбин киэргэтэбин. Таһырдьа салют көрөбүн. Тымныы оҕонньор кэһиитин кэтэһэбин, сарсыарда туран харыйа аннын көрөбүн.
Мин быйыл үчүгэйдик үөрэнним, ийэм-аҕам тылын истэбин, балтыбын көрөбүн. Тымныы оҕонньор миэхэ мин баҕарар Алисабын бэлэхтиэ диэн эрэнэбин. Төрөппүттэрбэр, бииргэ үөрэнэр оҕолорбор уонна учууталбар Сардаана Дмитриевнаҕа дьолу, доруобуйаны уонна ситиһиини баҕарабын!
Тапталаана Федосеева, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 2 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Сана дьыл саамай кырасыабай, дьикти, аптаах бырааhынньык. Оҕо барыта, мин эмиэ күүтэбин. Иккис кылааска үчүгэйдик үөрэнэбин.
Уруhуйдуурбун, ыллыырбын, кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Быйыл элбэх олимпиадаҕа ситиhиилээхтик кытынным. Тымныы оҕонньортон бэлэх күүтэбин. Саҥа дьылга барыгытыгар доруобуйаны, үөрүүнү, дьолу баҕарабын! Баҕа санааларгыт туоллуннар! Саҥа дьолунан, Саҥа дьылынан!
Саша Лукачевская,
С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 2 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Мин саҥа дьылы наһаа сөбүлүүбүн, уонна өр кэтэстим. Бүгүн балтыбын кытта харыйабытын туруорбуппут. Онтон кыра балтым кэлбитэ уонна оонньуурдары ыйыырга көмөлөспүтэ.
Гирлянда бөҕө ыйаабыппыт. Мин иллэрээ күн балтыларбын кытта симэхтэрин оҥорбуппут, килэбэчиппиппит, кырааскалаабыппыт. Харыйа оонньуурдарын оҥорорбутун наһаа сөбүлүүбүт, кыра эрдэхпититтэн оҥоробут. Уһуйааҥҥа эмиэ оҥорооччубут. Онтон эһиги итинник бэйэҕит оонньуурдары оҥорооччугут? Оҕолоор, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Үөрэххитигэр ситиһиини баҕарабын, баҕа санааларгыт барыта туоллуннар!
Амелия Егорова, саха национальнай гимназиятын
3 “В” кылааһын үөрэнээччитэ.
Саҥа дьыл – быйылгы дьыл бүтэһик уонна кэлэр сыл бастакы күнүн көрсө ыытыллар. Ылыллыбыт халандаарынан сөп түбэһиннэрэн элбэх омук бэлиэтиир.
Саҥа дьылы оҕо аймах күүтэр, дьон-сэргэ харыйаны симиир, дьиэтин киэргэтэр, бэлэх оҥорор. Күндү Сахабыт сирин дьоно эһигини үүнэн иһэр бу дьоро бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин, баҕа санааларгыт бары туоллуннар, чэгиэн буолуҥ, үөрүүнү, дьолу баҕарабын!
Айсен Дьячковскай, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 4 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Саҥа дьыл аан дойдуга бэлиэтэнэр бырааһынньык. Араас дойдуларга кыһын атын-атын чыһыылаҕа бэлиэтииллэр. Бу бырааһынньыкка сүрүн дьоруой сахаларга Чысхаан, нууччаларга Дед Мороз, Америкаҕа уонна Австралияҕа Санта Клаус, Белоруссияҕа Зюзя уонна да араас дойдуга, норуоттарга атын ааттаах биир персонаж. Кини аптаах персонаж. Оҕолор итэҕэйэллэр сылы быһа бэрэдэктээх буоллахтарына, Чысхаан бэлэх аҕалар, ол иһин киниэхэ сурук суруйаллар. Өссо Саҥа дьылы кытта сыһыаннаах маннык үһүйээн баар: Германияҕа куһаҕан бэрээдэктээх оҕолору Крампус хайаҕа илдьэ барар.
Мин санаабар Саҥа дьылга биир сыл бүтэр уонна саҥа сыл кэлэр, ол иһин дьон, оҕолор сылларын хайдах атаарбыттарын, бэрээдэктэрин саныыллар. Бары бэйэ бэйэлэригэр бэлэх биэрэллэр. Сорохтор Саҥа дьыл биир нэдиэлэ иннинэ “Тайный Санта” оонньууллар, ол аата бэлэх бэрсэллэр уонна ким бэлэхтээбитин биллэрбэттэр, сюрприз оҥороллор.
Бары харыйаны уонна дьиэлэрин киэргэтэллэр, күүтэллэр. Мин эмиэ Саҥа дьылы сөбүлүүбүн, дьоммун кытта дьиэбитин киэргэтэбит, харыйаны симиибит уонна Чысхааҥҥа сурук сыл аайы суруйабын.
Аня Прокопьева, саха национальнай гимназиятын 3 «А» кылааһын үөрэнээччитэ.
Саҥа дьыл — остуоруйа аптаах кэмэ! Бу кэмҥэ баҕарбыт баҕа санааҥ барыта туолар. Оҕолор Саҥа дьылы наhаа кэтэhэллэр, элбэх кэhии ылаарылар уонна минньигэс ас сиэрилэр.
Саҥа дьылы дьиэ кэргэни кытта көрсөр ордук дии саныыбын. Дьиэни кырасыабайдык киэргэтиэххэ сөп, харыйа туруоран, гирлянда, наклейка ыйаан. Оччоҕо олус кэрэ буолуо!
Нарыйа Романова, саха национальнай гимназиятын 4 «В» кылааһын үөрэнээччитэ.
«Арыллыы» суруналыыстыка куруһуогун үөрэнээччилэрэ, Дьокуускай.
1
Сана дьыл миэхэ саамай кэтэьэр бырааьыньыгым
Мин сана дьыл собулуубун ол иьин эдьийдээ5им Дьокуускай куораттан кэлэллэр, бэрэскии, Алаадьы, оливье араас аьалыгы сиэххэ соп баше чоккай
5кл ёrrrr