Саҥа дьыл — оҕо-аймах эрэ буолбакка, улахан да дьон долгуйа күүтэр бырааһынньыга. Биһиги эрдэттэн бэлэмнэммиппит: ый саҕаланыаҕыттан адвент-календарынан күн аайы оҕолорго араас сорудаҕы толотторон, саҥа дьыллааҕы настырыанньаны бэлэхтээбиппит. Ол курдук ырыа-хоһоон, үҥкүү үөрэппиппит, уһуйааммытын киэргэппиппит, илиинэн оҥоһуктары оҥорбуппут, камин туруорбуппут, оҕолор елка оонньуурун дьиэлэриттэн аҕалан, баҕа санааларын этэн туран харыйаҕа иилэн симээбиттэрэ, харыйа аттыгар олорон аһаабыппыт, ол иннигэр түннүгүнэн Тымныы оҕонньор сыарҕалаах атынан ааһарын көрөн үөрбүппүт-көппүппүт. Аралдьытыыбытын уолаттарбыт элбэхтэринэн, «Космоска мүччүргэннээх айан» диэн ааттаан, төрөппүттэрбит мааска тикпиттэрэ, иитээччилэрбит Надежда Михайловна — летчик-космонавт, Валентина Васильевна — инопланетянин оруолун толорбуттара, космоска сөптөөх атрибуттары оҥорбуттара.
Оҕолорбутун кытта олус таттаран, умсугуйан «артыыстаан»оонньоотубут. Кылгастык билиһиннэрдэ: атын планетаттан инопланетянин көтөр тэриэлкэтинэн кэлэн, Тымныы оҕоннорбутун илдьэ баран, ыксата сырытта, оҕолору кытта ракетанан космоска көтөммүт, төттөрү аҕаллыбыт. Уһуйааммытыгар кэлэн ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит, Тымныы оҕонньордуун астына оонньоотубут. Элбэҕи биллибит. Луноходка аптаах сулустары уган, Тымныы оҕонньорбутуттан кэһиитин ылан, үөрүү аргыстаах тарҕастыбыт.
Н.М. Иванова, В.В. Данилова уһуйаан иитээччилэрэ, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.