Дойдубутугар буола турар уустук балаһыанньа хас биирдии киһини долгутар. Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин олохтоохторо, ийэлэрэ ааспыт сылтан быстах байыаннай эпэрээсийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорон таҥас тигэн ыыталлар.
Бу үлэни сүрүннээн, «Алгыс» нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн уһун кэмҥэ салайан кэлбит, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Елизавета Петровна Антонова ыытан кэллэ.
Тигиллэр таҥас матырыйаалын Ньурбаттан Галина Федороваттан ылан тахсан, ааспыт сылга ийэлэр 121 балаклава, 235 автомат колпачога, 174 повязка, 87 кылынан угунньук (стелька), ону сэргэ 39 устуука үрүҥ сиэллээх, кытыаннаах, туостаах набор, кээнчэ бэлэмнээн ыыппыттара. Быйыл тохсунньу 17 күнүгэр Саҥа дьыл өрөбүллэригэр ийэлэр сүрэхтэрин баҕатынан, илиилэрин сылааһынан тикпит — 29 куллуку, 7 — сэлиэччик, 14 — балаклава, 227 — повязка тигэн, бэлэмнээн посылка оҥорон Ньурба штабыгар туттардылар.
Мария Николаева, Хаҥалас, Ньурба.