Бэчээт эйгэтигэр син уһун кэм үлэлээтим. Онон дьон туохха ордук сыыһарын билэр буоллум. Дьэ, туохха?
- Хос аакка. “Баһылай Манчаары аатынан киин” диэн суруйаллар. Ити сыыһа. Сахаларга псевдоним киһи дьиҥнээх аатын иннигэр турар. Онон сөптөөҕө — Манчаары Баһылай, Кыталык Уйбаан, Хомус Уйбаан диэн.
- Икки тылтан турар аакка биирин кыраттан суруйуу. Холобура, Ый кыыһа, Сиэйэ уола, Айыы уола, Туора күөл, Улахан мастаах диэбит буолаллар. Дьиҥэр, киһи, сир-дойду аата барыта улахантан суруллуохтаах: Ый Кыыһа, Айыы Уола, Туора Күөл, Улахан Мастаах.
- Диэри (до) уонна дылы (наподобие, как, вроде, словно, подобно) диэн тыллары бутуйаллар. “Диэри” диэн кэми уонна кээмэйи быһаарарга туттуллар: онуоха диэри, 20 кг диэри, 6 миэтэрэҕэ диэри, олунньу 13 күнүгэр диэри. Оттон “дылы” тэҥнэбилгэ: киниэхэ дылы, үөрбүккэ дылы, мэкчиргэҕэ дылы, о.д.а.
- Оттон уонна онтон диэни эмиэ бутуйаллар. “Оттон” диэн тыл нууччалыы “а” диэн. Холобура: “Я работаю, а Маша отдыхает” – “Мин үлэлиибин, оттон Маша сынньанар”. “Онтон” — “затем, после, потом” диэн өйдөбүллээх.
- “Сонньуйар” (ироничная улыбка, насмешливая улыбка, саркастическая улыбка, ехидная улыбка), “санньыйар” (печалиться, грустить). Ону аныгы дьон “барбыккын санаан сонньуйдум” диэн ыллыыллар. Ол аата кыыһа быраҕын барбытыгар, уолбут үөннээхтик мичээрдиир эбит. Ис хоһоонунан оннук тахсан кэлэр. Дьиҥэр, хомойон санньыйара буолуо ээ.
- Этиигэ тыл ситимин кэһии. Холобура бу соторутааҕыта эттилэр: “Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Сахалинтан НВК-нан быһа кыһыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулары көрдөрүөхтэрэ”. Манна Сахабыт сирэ ытыктабыллаах дуу, биитэр олохтоохторо дуу? Бука, олохтоохторо буолуо ээ. “Быһа кыһыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы” диэн букатын өйдөммөт. Аны “бастакы Азия” диэн баар үһү дуо? Азия соҕотох ини. Бастакы оонньуулар баар буолуохтарын сөп. Итини сөпкө сааһылаан саҥардахха, маннык иһиллиэхтээх: “Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кыһыҥҥы спортивнай бастакы оонньуулары “Саха” НКИХ ханаала Сахалинтан быһа көрдөрүөҕэ”.
- Нууччаттан киирбит, “ие” диэнин бүтэр тыллары наар элбэх ахсаан “ия” диэн сыһыарыытыгар туруораллар уонна онно эбии сахалыы сыһыарыыны эбэллэр. Ол түмүгэр илин уонна кэлин аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ кэһиллэр. Холобура, “черченияҕа”, “телевиденияҕа” дииллэр. Дьиҥэр, “телевидениеҕэ”, “черчениеҕэ” диэн буолуохтаах.
- Истиили бутуйуу. “Дьиэтээҕи үлэни бэрэбиэркээлэһин буолла” – “дьиэтээҕи үлэни бэрэбиэркэлээтилэр”, “уол кыттыыны ылла” –“уол кытынна”, “быйыл биэ төрөөһүнэ эрдэлээн буолла” – “быйыл биэ эрдэ төрөөтө”.
- Элбэх ахсааҥҥа. Өскөтүн ахсаана хас буолара чопчу сыыппаранан ыйыллыбыт буоллаҕына, предметэ элбэх ахсааҥҥа туруо суохтаах. “Сэттэ кыталыктар” – сыыһа, “сэттэ кыталык” – сөп.
- Социальнай ситимҥэ тылы кылгатан суруйуу содула. Бары “ду” (дуу) да “бо” (буолуо) буолан хааллыбыт.
Итинтэн да элбэх сыыһаны санаан кэлэ, холобурдаан аҕала туруохха сөп. Тылы сыыһа суруйуу, сурук бэлиэтин сыыһа туруоруу, тылы атын суолтаҕа туттуу, о.д.а. элбэх. Ол эрээри итинник ымпыктары-чымпыктары ырытыах иннинэ, бастаан оҕолорбутун сахалыы саҥардарга кыһаллыаҕыҥ. Ону да кыайа иликпит. Ол туһуттан хас биирдии саха ыала дьиэтигэр оҕолорун кытта сахалыы кэпсэтиэхтээх. Оччоҕо нуучча да кылааһыгар үөрэммит оҕо төрөөбүт тылын билэ улаатар.
А. Иевлева.