Бу дьыл алтынньы ыйыгар Таатта улууһун Орто-Амма нэһилиэгин бары төрөппүттэрэ соһуччу бэлэҕи тутан, олуһун диэн үөрдүбүт-көттүбүт, үтүө санаалаах хамсааһын түмүгүн сөхтүбүт-махтайдыбыт. Ол курдук, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина “Харбалаах хас биирдии ыалыгар “Сааскы кэм” баар буолуохтаах”, диэн ааттаах бачыымы көтөҕөн, хас биирдии ыалга саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов — Амма Аччыгыйа саха урукку олоҕун энциклопедията буолбут, саха норуотун биир киэн туттар айымньыта, бастакы бырайыагынан бэчээттэммит «Сааскы кэм» романын бэлэх уунна.
Ромаҥҥа бултуур-алтыыр, сынньанар, бары билэр сирбит-уоппут ойууланар, сорох дьон аймахтара прототип буолан киирбиттэр, ону таһынан Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө “Сааскы кэм” романынан режиссер Алексей Романов устубут киинэтигэр Харбалаах олохтоохторуттан элбэх киһи көстөн ааһар. Онон Харбалаахтарга бу кинигэ олус чугас, күндү айымньы.
Кинигэ дьиэ кэргэн ытык мала буолан, үрдүккэ, сырдыкка, кэрэҕэ сирдии турдун диэн санаанан салайтаран, бачыымы көтөхпүт учууталга, Валентина Семеновна Кривошапкинаҕа Орто-Амма нэһилиэгин бары төрөппүттэрэ махталбыт муҥура суох.
Ону таһынан махталбытын үтүө санаа бачыымын өйөөн, үбүнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар: СӨ үтүөлээх учуутала, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Харбалаах орто оскуолатын маҥнайгы дириэктэрэ, нэһилиэк ытык-мааны киһитэ, Амма Аччыгыйын кыра инитэ Трофим Егорович Мординов оҕолоругар, сиэннэригэр, “Мясной двор” тэрилтэ салайааччытыгар, нэһилиэгин туһугар ис дууһатынан ыалдьар, кыһаллар киэн туттар ыччакка Спартак Иванович Петровка, куруук ханнык баҕарар тэрээһиннэри көҕүлүүр, өйүүр чох карьерын “Төлөн” ААУо кэлэктиибигэр, ген.дириэктэргэ Прокопий Дмитриевич Рахлеевка, киэн туттар ыччаттарбытыгар Үп министиэристибэтин салаатын начальнига Дария Ивановна Романоваҕа, Валентина Семеновна үөрэнээччилэригэр Изабелла Иннокентьевна Беркинаҕа, Дмитрий Валерьевич Поповка, Александр Александрович Халыевка, Афанасий Петрович Дайбанныровка, бырайыак ааптара Валентина Семеновна Кривошапкина дьиэ кэргэнигэр: аҕалара Валентин Иванович Кривошапкинҥа, кыргыттарыгар Иванна Валентиновна Малышеваҕа, Лариса Валентиновна Руфоваҕа, Вилора Валентиновна Кривошапкинаҕа, Дьокуускайтан сүүстэн тахса кинигэни сүгэн-көтөҕөн, тиэйэн аҕалбыт Павел Николаевич Канаевка.
Түгэнинэн туһанан, бэлиэтээн этэр буоллахха, бырайыак ааптара, Валентина Семеновна өр сыл үлэлээбит уопутугар тирэҕирэн, иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ дьиэ кэргэни кытыннарар сыалтан дьиэ кэргэн хаһыаттарын куонкуруһун тэрийэн ыытар буолбута уонча сыл буолла. Бу уонча сыл устата Валентина Семеновна бэйэтин дьиэ кэргэнэ кинини улаханнык өйөөн, дьиэ кэргэн хаһыаттарыгар куонкуруһу биир да сылы көтүппэккэ үбүлээн кэллэ. Учуутал бэйэтин тус холобурунан үөрэнээччилэрин дьиэ кэргэттэрин көҕүлүүр буолан, бүтүн нэһилиэк ыаллара сыл аайы көрдүүр, чинчийэр, суруйар, ойуулуур үлэнэн утумнаахтык дьарыктаналлар.
“Харбалаах хас биирдии ыалыгар “Сааскы кэм” баар буолуохтаах” бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут күндү бэлэҕи, “Сааскы кэм” романы төрөппүттэр оҕолорбутун кытта бииргэ ааҕыахпытын, ис хоһоонун илдьиритиһэн кэпсэтиэхпитин, олорор сирбит устуоруйатын билиһиннэриэхпитин, кэпсэнэр сирдэринэн дьиэ кэргэнинэн сылдьан оҕолорбутун сырытыннаран, төрөөбүт дойдунан киэн туттарга уһуйуохпутун наада.
Идэтигэр бэриниилээх, киэҥ көрүүлээх, дьон туһугар, кэлэр кэнчээри ыччат инники сайдыытын туһугар бары кыаҕын ууран туран үлэлиир, үтүө санаалаах учууталбытыгар, Валентина Семеновнаҕа үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, өссө да элбэх дьон биһирэбилин ылар бырайыактары баҕарабыт. Кини үлэтин холобур оҥостон, үүнүөххэйиҥ, сайдыаххайыҥ, инники диэки тэҥҥэ хаамсыаххайыҥ.
Ирина Гаврильевна ВАСИЛЬЕВА, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ,
Харбалаах, Таатта.