“Дьылҕа кирбиилэрэ”. Буруолуу сылдьар, биир тыынынан ааҕыллар саҥа кинигэ. Саамай сыаналааҕа – кэм уонна бириэмэ туһунан кэпсиир, толкуйдатар, долгутар, үгүс түгэннэргэ уйадытар.
Кинигэ геройа – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт, Ил Түмэн VI Ыҥырыылаах Мунньаҕын депутата Руслан Еремеевич Федотов. Ааптар – суруйааччы Зинаида Архипова. Оҥорон, бэчээттээн таһаарааччы “Алта” издательство.
“Дьылҕа кирбиилэрэ” кинигэ биһирэмэ бу күннэргэ Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын дьиэтигэр буолан ааста.
Үлэнэн үүммүт киһи
Руслан Еремеевич Федотов Амма Лээгититтэн төрүттээх, Алексей Еремеев эппитин курдук, “үлэнэн үүммүт, хара илиитинэн бэйэтин-бэйэтэ оҥорбут киһи”. Өрөспүүбүлүкэҕэ кинини биллэр урбаанньыт, спонсор, меценат, олох түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэригэр араас кыһалҕаларга, моһоллорго олуйтарбыт дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх киһи быһыытынан билэллэр. Оттон Руслан Еремеевич хайдах үүнэн-сайдан тахсыбытай? Дьоҥҥо утары уунар көмөтүн тирэҕэ тугуй? Олох сүнньүн тутар сыннастара тугуй? Кыайыыны-хотторууну, түһүүнү-тахсыыны уйар күүһүн кистэлэҥэ тугуй?
“…олох ситимин биир утаҕа мин буолабын”
Кинигэ Мундуруччу үрэх үһүйээниттэн саҕаланар. Кырдьаҕас эбэтэ сиэнэ Руслан дьикти түүлү түһээбитин истэн, мөҕүттэн иһэн былыр кыргыс үйэтин саҕана олорон ааспыт өбүгэлэрин туһунан уос номоҕо буолбут үһүйээнин кэпсиир.
“…Эн кимиэхэ сүгүрүйэҕин диэн миигиттэн ыйыттахтарына, мин, бука, бу хоспоххо харалла сытар улахан убайдарбын ааттаталыам. Кинилэртэн быстыбакка кэлбит олох ситимин биир утаҕа мин буолабын. Кинилэр үрдүк ааттарын ааттаан туран ыарахан күммэр көрдөһөбүн, өрөгөйдүүр күммэр махтанабын. Төрөөбүт дойдуну көмүскүүр, дьоҥҥор-сэргэҕэр дурда-хахха, тулааһын буолар ытык өйдөбүллэргэ кинилэр хорсун быһыыларыттан үөрэнэбин”.
Бу – Руслан Еремеевич кинигэтин ис хоһоонун сүрүн тирэх өйдөбүлэ.
“Ааҕар ыччат үүнэн тахсарыгар эрэллээхпин”
Руслан Еремеевич оҕо сааһыгар кинигэ, остуоруйа кырата суох миэстэни ылбытын киһи долгуйа ааҕар: “Биһиги төрүөхпүт иннинэ аҕабыт ийэбитигэр нуучча улуу суруйааччыта А.С. Пушкин “Руслан и Людмила” айымньытын ааҕара эбитэ үһү, онтон сиэттэрэн миигин уонна балтыбын ол остуоруйа геройдарын ааттарынан сүрэхтээбиттэрэ буолуо диэн кэпсииллэрэ. Оҕо сырыттахпытына, аҕабыт киэһэ утуйуох иннинэ барыбытыгар доргуччу кинигэ ааҕара. Сүрдээх үчүгэйдик, ылыннарыылаахтык ааҕара, остуоруйалары киинэ көрө сытар курдук харахпытыгар ойуулаан көрөрбүт. Ый кыыһын туһунан остуоруйаны истэн баран, тулаайах кыыһы наһаа аһыммыппын өйдүүбүн, кыһын ыйдаҥалаах киэһэ таһырдьа тахсан, оргуһахтаах кыыс ыйга соҕотоҕун сылдьара буолуо диэн харахпар оҥорон көрөн ытыырым”.
Руслан Еремеевич биллэр урбаанньыт буолан туран, кинигэтин сүрэхтэниитигэр холобур эрэ буолар кыахтаах өссө биир киэҥ хардыыны оҥордо. Оҕо литературатыгар бастыҥ суруйуу иһин бириэмийэни олохтуур туһунан “Саха сирин суруйааччылара” ассоциацияны (бэрэссэдээтэл О.Г. Сидоров), “Алта” издательствоны (салайааччы З.А. Архипова) кытта Сөбүлэҥҥэ илии баттаста.
“Депутаттыыр үлэбин түмүктээри тураммын сахалыы ааҕар ыччат үүнэн тахсарыгар туһалаах, көмөлөөх буоллун диэн мөлүйүөн аҥаара суумалаах бириэмийэни олохтуурга быһаарынным. Оҕолору умсугутар, өйдөрүн-санааларын сайыннарар саҥа айымньылар баар буоллуннар, айымньы нөҥүө киэҥ толкуйдаах, ырааҕы көрөр ыччат үүнэн таҕыстын. Оҕо литературата сайыннын, ааҕар ыччат элбээтин”, — диэн Руслан Еремеевич кинигэтин биһирэмигэр баҕа санаатын тиэртэ.
Дьоһун кинигэ – махтал бэлиэтэ
Бу кинигэ тахсыытын бастакынан көҕүлээбит киһинэн Амма улууһун оччотооҕу баһылыга Николай Архипович Архипов буолар. Кини 2018 сыл күһүнүгэр: “Убайбытыгар биһиги утары уунар улахан бэлэхпит, барыбыт аатыттан махталбыт дьоһуннаах кинигэ буолуохтаах. Ону түмэр, суруйар ааптарга көмө, өйөбүл буолларгыт,” — диэн Николай Архипович сурук-бичик эйгэтин үлэһиттэригэр бэйэтин санаатын тиэрдибитэ. Биэс төгүрүк сыл ааспытын кэннэ Николай Архипович Руслан Еремеевичка Амма дьонун аатыттан аныан баҕарбыт дириҥ махтала дьоһун кинигэ буолан күн сирин көрдө.
Бу күн Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин дириҥ ис хоһоонноох кинигэ күн сирин көрбүтүнэн кини геройун уонна ааптарын эҕэрдэлээтэ.
Герой уонна ааптар
Саха норуодунай суруйааччыта Наталья Харлампьева саҥа тахсыбыт кинигэҕэ үрдүк сыанабылы биэрдэ: “Ахтыы хомуурунньугун уонна уус-уран автобиографияны арааран өйдүөххэ наада. Зинаида Архипова суруйан таһаарбыт уус-уран биографията олус уустук көрүҥ. Билигин баар, үлэлии-хамсыы сылдьар тыыннаах киһи туһунан суруйан таһаарыы өссө уустук. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун аатыттан Зинаида Архипованы айар үлэтигэр ылбыт үрдүк кирбиитинэн, оттон кинигэ геройун Руслан Еремеевыһы ааптарыгар таба тайаммытынан, аатын ааттатар дьоһун кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин”.
Саха норуодунай суруйааччыта, 1995-2000 сс. Амма улууһун баһылыга, Ил Түмэн IV Ыҥырыылаах Мунньаҕын депутата Дмитрий Наумов: “Саамай үөрбүтүм – кинигэ “розовай биография” буолбатах. Ис дууһаттан дьиҥнээхтик суруллубут кинигэ. Руслан Еремеевич үүнэн-сайдан тахсыбыт кэмин мин 1995 сылтан ыла эт харахпынан билэн, мэһэйдэспэккэ-таһайдаспакка, эрэйдээбэккэ-буруйдаабакка үлэлээбиппинэн билигин киэн туттабын. Руслан Еремеевич Лээги нэһилиэгин дьонун-сэргэтин түмэн, материальнай да, моральнай да өттүнэн өйөөн, олус үчүгэйдик тэрийэн, Лээги туһунан төһөлөөх үчүгэй кинигэ тахсыбытын билэбин. Кинигэҕэ 2009 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр туруоруллубут мэҥэ таас тула эмээхситтэр Лээги ытык буорун кута турар хаартыскалара баар. Эмээхситтэр дойдуларын буорун аҕалан куппуттарын кымаахтаан ылан, харахтарын уутун кытта сии туралларын көрбүппүн олох умнубаппын. Ити киһи тыыннааҕын тухары умнубат түгэнэ. Руслан Еремеевич үлэҕинэн-хамнаскынан эрэ буолбакка, баай-дуол дууһаҕынан дойдугун уонна бу дойдуттан арахсыбыт, сүрэхтэрин-быардарын ыарыылара гынан кэлбит дьоҥҥор-сэргэҕэр итии тапталгын бу кинигэттэн эмиэ булан аахтым. Бу дойдуну ыспаттарын-тохпотторун, кини алдьамматын, күл-көмөр буолбатын диэн улаханнык дьаһаллан үлэлии-хамсыы сылдьаҕын”.
Дойдуга таптал, доҕордуу сыһыан
Кинигэ биһирэмигэр кыттыыны ылбыт Руслан Еремеевич партнердара дойдуга таптал, доҕордуу сыһыан туһунан бэлиэтээн эттилэр. Ульяновскай куораттан “Мир” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Зубков: “Туох ханнык иннинэ мин Руслан Еремеевыһы аан бастаан дьону сыаналыыр, доҕордоһуу истиҥ сыһыаны кыайа тутар уонна дойдутун таптыыр киһи быһыытынан ылынабын. Бу кинигэ саха дьонугар, үүнэр ыччакка тугунан да сыаналаммат өй-санаа баайа буолар”, — диэн эттэ.
Татарстантан кэлбит “Запчасть-Торг” ХЭТ дириэктэрэ Юлия Коновалова: “Руслан Еремеевич дьылабыай партнер эрэ буолбатах. Кини, бастатан туран, учуутал, наставник. Аныгы сайдыылаахүйэҕэ норуот үгэһин, духуобунай уонна материальнай өрүттэри биир тэҥник тутан илдьэ сылдьыы улахан үлэттэн тахсар. Бу кинигэҕэ кини бэйэтин эрэ туһунан суруйбат. Олох устун бииргэ хардыылаан иһэр дьоннорун барыларын түмэн киллэрбитэ Руслан Еремеевич киэҥ-куоҥ көҕүстээҕин көрдөрөр”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Урбаан эйгэтигэр бииргэ алтыспыт, үлэлээбит Ньургун Гольдеров ырыынакка киирии бастакы сылларын туһунан ахтан ааста, саҥа кинигэҕэ, кини ааптарыгар үрдүк сыанабылы биэрдэ: “Дойду ыһыллыытын саҕана тыа хаһаайыстыбатын техниканан хааччыйар дьон хайа диэки барарбытын билбэккэ олордохпутуна, Руслан Еремеевич үлэлээн саҕалаабыта. Улууспут салалтатын кытта тапсан, бэйэ-бэйэбитигэр хардарыта көмөлөһөн, түмсэн, биир санаанан үлэлээбиппит. Өй-санаа өттүнэн ыарахаттар бааллара. “Үспүкүлээннэр”, “дьон харчытын соролооччулар” диэн элбэхтик сирэй-харах анньылар этибит эрээри, боростуой дьон биһиэхэ махтанар, бэйэ олоҕор суоһуур кутталлары аахсыбакка соҕуруунан-хотунан эргийэн тыа сирин техниканан, саппаас чааһынан хааччыйар, булар-талар үлэбитин сыаналыыллар, махтаналлар этэ. Руслан Еремеевич булар-талар, кэпсэтэр, бэйэтин тылыгар киллэрэр ураты хаачыстыбалардаах.
Кинигэҕэ Сэбиэскэй сойуус ыһылларын саҕана дьылҕата Тарас Десяткины кытта көрсүһүннэрбитин киһи долгуйа ааҕар. Аны төрүттэрин-уустарын туһунан кинигэҕэ сиһилии ойууланан киирбитэ ааҕааччы интэриэһин тардар. Кинигэ ааптара, бэйэбит кыыспыт Зинаида Архипова сүрдээҕин арыллыбыт. Бу иининэ поэт быһыытынан билэр эбит буоллахпытына, аны прозаҕа хоннохтоохтук ылсар кэмин кэлбит диэн эйиэхэ эрэлбит өссө улаатта”.
Ньургун Васильевич бэйэтин этиитин киһи киһиэхэ сыһыанын туһунан түмүктээтэ: “Үгүс дьон Руслан Еремеевич биһикки куһаҕан сыһыаннаахпыт диэн өйдүүр. Оннук буолбатах. Политическай көрүүлэрбит атын буолуохтарын сөп. Оттон үлэҕэ санаабыт, көрүүбүт биир. Бэйэ-бэйэбитигэр убаастабыллаах, истиҥ сыһыаммытын ханнык да түгэҥҥэ харыстыыбыт, туора соппоппут”.
Тэрээһиннээх үлэ
Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын бэрээссэдээтэлэ Алексей Еремеев: “Аммалар бу сылларга депутаккытыгар табылынныгыт. Руслан Еремеевич курдук дойдутун таптыыр, дьоҥҥо көмөлөһөр киһи Амма туһугар түөһүнэн анньа сылдьар. Төрөөбүт улууһугар туһааннаах боппуруостары Ил Түмэн салалтатыгар тириэдэр, ылыннарыылаахтык кэпсэтэр.
Урбаанньыт үлэтэ тэрээһиннээх, кытаанах, бэйэҕэ ирдэбиллээх буолууну ирдиир. Тыа сирин дьоно “иэс биэр”, ”эһиил биэриэм”, “аны күһүн идэһэҕэ аахсыам” диэн судургу соҕустук сыһыаннаһыан эмиэ сөп. Ону сөпкө аттаран, сааһылаан, тыа сирин дьонун кытта биир тылы булан, эйэ-дэмнээхтик үлэлии сылдьаҕын. Саха киһитэ баайдаах-дуоллаах буоллаҕына, бэйэтин норуотугар көмүскэлэ быдан чугас буолар. Билигин араас хайысхаҕа ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар урбаанньыттарбыт тарбахха баттанар ахсааннаахтар. Кинилэр ортолоругар Руслан Еремеевич Федотов баар. Норуоккар, дьоҥҥор-сэргэҕэр сүрдээх улахан дьыаланы оҥоро сылдьаҕын”, – диэн бэлиэтээн эттэ.
Өбүгэ ситимин күүһэ, кыаҕа
Биһиги бары даҕаны “быраҕыллыбыт өтөхтөн, курааныхсыйбыт алаастан” төрүттээх-уустаах дьоммут. Өбүгэ быстыбат ситимин кыаҕын-күүһүн туһанар улуу күүс атахпыт анныгар өссө да арыллыбакка сытарын билигин ситэ өйдүү иликпит. “Биһиги Лээгиттэн төрүттээх Хаҥаластар буолабыт. Лээгини көһөрүү саҕана эһэм 14 саастаах эбит. Дойдуларыттан көһөргө күһэллэн, 14 хонук устата уунан айаннаан Нөмүгү сирин булан, бу сири сөбүлээн, олохсуйан, силис-мутук тардыбыттара. Оҕо сырыттахпытына, эһэбит Иван Петрович Никифоров Лээги туһунан элбэҕи кэпсиирэ. Эһэбит биир сыл дойдутун ахтылҕана батарбакка, 250 км түөрт күн устата сатыы хааман Лээгигэ тиийэн турардаах. Дойду ахтылаҕана диэн тугун эһэбит холобуругар көрөн улааппыппыт. Билигин убайыбыт Руслан Еремеевич, өбүгэлэрбит суолларын батыһаммыт, урбаан эйгэтигэр үэлии сылдьабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ Нөмүгүтээҕи килиэп кэмбинээтэ өрөспүүбүлүкэ 24 улууһун хааччыйан олорор. Өбүгэ ситимин кыаҕын, күүһүн убайбыт Руслан Еремеевич холобуругар көрөбүт”, – диэн эдэр урбаанньыт, Нөмүгүтээҕи килиэп кэмбинээтин генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Нестерев санаатын үллэһиннэ.
Төрүччү: XIV-XV үйэттэн
Руслан Еремеевич бииргэ үлэлэһэр, алтыһар, чугас дьонноро ахтан аһарбыттарын курдук, кини сиргэ чиҥник үктэнэр, булгуруйбат кытаанах санаатын, толкуйун тирэҕэ – төрүччүтэ.
Ситиһилээх урбаанньыт XIV-XV үйэттэн Эллэй Боотуртан саҕалаан ийэтин өттүнэн 19 көлүөнэҕэ диэри, аҕатын өттүнэн Кытыан Киһилээхэптэн саҕалаан төрүччүтүн бу кинигэҕэ көрүөххэ сөп. Дьокуускайдааҕы научнай киин архыыбын уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин архыыбын матырыйаалларыгар олоҕуран оҥоһуллубут.
“Мин кимминий, хантан кэлбиппиний” диэн ыйытыылар үөскүүр кэмнэригэр Руслан Еремеевич аймахтара, хаан-уруу чугас дьонноро бу төрүччүнү көрөн, хантан хаан-уруу тардыылаахтарын билэр, сиргэ тирэхтэрин бөҕөргөтөр кыахтаахтарын көрөн, эн эмиэ онно дьулуһаҕын.
Хайдах баарбынан, дьоммор-сэргэбэр аһаҕастык
“Кинигэ таһаарыытын туһунан этиини өр толкуйдаабытым. Киһи тыыннааҕар кинигэ сурулларыттан мунаахсыйар, аһаҕастык эттэххэ, куттанар этим. Ол гынан баран киһи олоҕо диэн олус кылгас, биирдэ баар, биирдэ суох, үлэлии-хамсыы сылдьар кэмҥэр этэн-тыынан хаалбытын ордук диэн санаа үүйэ-хаайа тутан, сөбүлэҥмин биэрбитим. Бэйэм олоҕум туһунан баары баарынан, үчүгэйи үчүгэйинэн, хайдах баарбынан дьоммор-сэргэбэр аһаҕастык кэпсээтим.
Бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Бүгүн манна мин аттыбар үөрэппит учууталым Надежда Романовна Ефремова, физикаҕа үөрэппит учууталым Никифор Никифорович Бубякин баалларыттан үөрэбин, махтанабын. Атын тутуллаах саҥа олоххо урбаанньыт быһыытынан үлэбин саҕалыырбар, атахпар турарбар көмөлөспүт, өйөөбүт Лээгим дьонугар, Амма, Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторугар, партнердарбар махтанабын. Былырыын Саха сирэ баһаартан эмсэҕэлээбит уустук кэмнэригэр бу бүгүн кэлэн олорор партнердарым кырата суох харчынан көмөлөспүттэрин, Саха сиригэр бэйэлэрин баҕаларынан сүрхтэрин сылааһын анаабыттарын мин хайаан да дьонум-сэргэм ортотугар этэн махтаныахпын баҕарабын”, – диэн Руслан Еремеевич махтал истиҥ тылларынан кинигэ биһирэмин түмүктээтэ.
Сардаана МАТВЕЕВА