СӨ үөрэх тэрилтэлэрин күһүҥҥү сүбэ мунньаҕын чэрчитинэн, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, педагогтар, исписэлиистэр, Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынын кураатардара уонна лиидэрдэрэ кыттыылаах онлайн площадка тэриллэн ыытылынна. Оҕо хамсааһына инникитин государственнай уонна общественнай структуралары кытары хардарыта дьайсан, тэҥҥэ үлэлэһэн сайдыы суолун тобуларын, үлэтин уопутун түмэн тарҕатарын туһунан санаа атастаһыыта буолла.
Мунньаҕы Саха сиринээҕи салаа координатора, “Росдетцентр” ыччаты кытта үлэтин исписэлииһэ Н.В. Макарова иилээн-саҕалаан ыытта. Бочуоттаах ыалдьыттарынан “Росдетцентр” дириэктэрин солбуйааччы Е.С. Носиков, СӨ ыччат бэлиитикэтигэр уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ С.А. Саргыдаев, СӨ Ил Дарханын уонна Правительствотын көҕүлүүр бырайыактарын олоххо киллэрии Департаменын салайааччыта Н.В. Членова буоллулар. Ону тэҥэ Мииринэйдээҕи политехническэй лиссиэй IX кылааһын үөрэнээччитэ, Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынан актыбыыһа Владислав Бурнашев, Алданнааҕы лицей иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта А.С. Фалина, Булуҥ улууһугар оҕо хамсааһынын кураатара М.Л. Капитонова, Чурапчы улууһун Хатылы орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Л.Г. Слепцова, Бүлүү улууһун Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” техническэй иһитиннэрэр киин педагог-тэрийээччитэ Т.А. Томская олус интэриэһинэй ис хоһоонноох дакылааттарынан кытыннылар.
Ол курдук, бу үөрэх дьылыгар Россия үөрэнээччилэрин хамсааһына өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 100 % хабарга дьулуһуоҕа. Онно бытаан интэриниэттээх хоту улуустарга харчы көрөн, өйөөһүн боппуруоһа эмиэ көрүллүөҕэ. Бу сыл ахсынньы ыйыгар диэри оҕо хамсааһынын тэрилтэлэрин икки ардыларыгар саамай күүстээх үлэни көрдөрөр марафон ыытыллара былааннанар. Хас нэдиэлэ аайы кураатардарга, педагогтарга аналлаах вединардар ыытыллар боппуруостара сэҥээриини ылла. Ону сэргэ “Мы – будущее России” курдук улахан бырайыакка үөрэнээччилэр актыыбынайдык кыттыылара оҕо хамсааһынын биир сайдар суола буоларын умнуо суохтаахпыт.
Сүбэ мунньахха этиллибит баҕа санаалар, сүбэлэр, этиилэр биир биир олоххо киирэн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Россия үөрэнээччилэрин хамсааһына – аныгы ыччат көхтөөх олоҕо, киһи быһыытынан ситэн тахсарга, тус кыаҕы толору арыйарга биир саамай сөптөөх быһаарыныыта.
Вера Петрова