Киһи күннээҕи олоҕун, ыарахан, хал буолбут үлэтин чэпчэтээри… роботтары айан таһаарбыта.
Араас омук итэҕэлинэн, киһи Сиргэ таах төрөөбөт. Ол аата, туох эрэ уратыны, уһулуччу өйдөөҕү, тыыннааҕы айар кыах баар эбит…
Эҥинэ элбэх
Роботтар араас буолаллар: кулут, сэрииһит уонна доҕор. Бастакы, иккис өссө өйдөнөр курдук… Кулут-роботтар – тутааччылар, дьиэ хомуйааччылар, докумуоннары бэрийээччилэр. Сэрииһит-роботтар – сорук хоту сэриигэ кыттааччылар.
Доҕор ээ
Оттон доҕор-робот диэн тугуй? Кинини соҕотохсуйбут дьоҥҥо анаан оҥорбуттар. Сымнаҕас сыһыаннаах, элбэх билиилээх, көр оонньуулаах, киһи санаатын көтөҕөргө анаммыт.
Маннык роботтар Японияҕа кырдьаҕас дьон дьиэлэригэр билигин үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр сатыыллара элбэх: саҥаҕын истэллэр, сирэйгин хайдах туттаргын көрөллөр, уоскуталлар, күллэрэллэр. Оннооҕор массаж оҥороллор уонна сэрээккэлэтэллэр.
Онтон биирдэстэрэ “Aibo” буолар. Айбо “таптал”, “доҕор” диэн тылбаастанар. Кини ыкка майгынныыр быһыылаах. Оҕолор, кырдьаҕастар кинини олус астыналлар.
Эргиэҥҥэ эмиэ
“Тиэхиньикэ сайдыбыт кэмигэр киһини туох да соһуппат”, – диир киһи үгүс. Ол эрээри, музейга эбэтэр улахан маҕаһыыҥҥа киирдэххинэ, эйигин улахан робот көрсө түстүн? Мин соһуйуом этэ.
Оннук робот аата “Promobot”. Кини биисинэскэ анаммыт. Дьону көрсөр, ыйытыктарга эппиэттиир, туох, ханна баарын ыйан биэрэр. Бу робот биһиэхэ кэлэ илик эрээри, номнуо 26 дойдуга баар.
Бэйэҥ программалыыгын
Оттон “Ubtech Alpha I Pro” мээнэ робот буолбатах. Кини дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт. Бэйэтэ толкуйдуур, кэпсэтэр, үөрэнэр. Оҕолор бу роботы ылан, программированиеҕа үөрэниэхтэрин сөп. Оччоҕуна сорудаҕынан хамсанар, үҥкүүлүүр.
Өссө киниэхэ маарынныыр “Nao” диэн робот баар. Ол гынан баран, кээмэйинэн икки төгүл улахан. Ыалдьар оҕолорго, кырдьаҕастарга үчүгэй доҕор буолар.
Оҕо курдук омуннаах
Оттон киһи барыта астына, ымсыыра көрөр робота – “Cozmo” диэн. Кини хаһаайынын көрөн билэр, аатынан ыҥырар. Бэйэтин “ис санаатын” “сирэйигэр” таһаарар: үөрэр, кыыһырар, кыбыстар, соһуйар, чуҥкуйар…
Үс кубиктаах, онон башня тута оонньуурун сөбүлүүр. Иккини эрэ сатаан холбуур буолан, ким эрэ үһү хомуйдаҕына – араастаан артыыстыыр: кыыһырар, күнүүлүүр, ымсыырар.
Куоскалары көрдөҕүнэ – ньааҕынаан барар. Киһи көрөн сэргиир, сэҥээрэр робота. Кээмэйинэн кып-кыра эрээри, атын роботтардааҕар саамай “дууһалаахтара”. “Cылайдаҕына” бэйэтэ баран «утуйар» – сэрээттэнэр.
Туһа “дьоно”?
Роботтар биһиги олохпутугар кэлэн, элбэҕи туһалыахтаахтар, сатаабаппытын оҥоруохтаахтар. Ким эрэ онтон үөрэр, ким эрэ куттанар…
Юлиана Юдина национальнай гимназия II кылааһыгар үөрэнэр. Роботтары сэҥээрэр эрээри, кини дьиэтигэр киириэн соччо баҕарбат.
– Арай миэхэ куһаҕан түбэстин? Кинилэр араас буолаллар дии. Ол гынан баран, биһиги куораппытыгар өссө кэлэ иликтэр. Саҥа дьылы көрсө, биһиги роботтар быыстапкаларыгар сылдьыбыппыт. Онно биир робот: “Вы очень красивы”, – диэн ийэбин үөрдүбүтэ. Оттон мин “Aibo” уонна “Cozmo” сөбүлээтим. Кинилэрдиин оонньуохха сөп. Улааттахпытына дьиҥнээх атын роботтар баар буолаллара дуу?
Сириэм суоҕа
Дима АЛЕКСАНДРОВ, II кылаас, 17 №-дээх оскуола:
– Мин роботтартан куттаммаппын, төттөрүтүн, сөбүлүүбүн. Сотору биһиэхэ даҕаны баар буолуохтара, сайдан иһиэхтэрэ дии саныыбын. Улааттахпына, хайаан да роботтаныам. Билигин да баара эбитэ буоллар, сириэм суох этэ.
“Барытын сатаан оҥорор буоллахтарына, биһиги үлэтэ суох хаалыахпыт. Сирбитин-уоппутун, тугу барытын кинилэргэ былдьатыахпыт”, – диир дьон баар. Кырдьык, оннук куттал эмиэ баар буолуон сөп. Ол гынан баран, кинилэр дьон олоҕун тупсарар аналлаахтар…
Оттон эһиги туох дии саныыгыт?
Айаана
ТРЕТЬЯКОВА.