Коронавируснай инпиэксийэ үгүс үөрэх тэрилтэлэригэр элбэх уларытыыны киллэрдэ. Ону Саха сирэ эрэ буолбакка, бүтүн Аан дойду этинэн-ханынан биллэ диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.
От ыйын 15 күнүгэр РФ Үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччы Татьяна Васильева уонна Саха сирин өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев аһаҕас пресс-конференцияҕа кыттыыны ыллылар.
«Дойдуга үөскээбит балаһыанньанан үөрэҕи онлайн ыытарга күһэллибиппит. Биир да оскуола сабыллыбата, ыарахаттар үөскээбэттэрин туһугар бары сырабытын уурдубут. Онон үөрэх салайааччыларыгар, уһуйааччыларга, тэрийээччилэргэ, төрөппүттэргэ уонна оҕолорго түгэнинэн туһанан махталбын биллэриэхпин баҕарабын», — диэтэ РФ Үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччы.
«Саҥа технологиялары туһанан, бары эйгэни хабан үөрэх дьыла түмүктэннэ. Төрөппүт үөрэх хаачыстыбатын туһугар долгуйара оруннаах. Ол эрэн оскуолаҕа биһиги оҕону личность быһыытынан иитэн, оттон үөрэх кыһатыгар анал идэлээх дьону үөрэтэн таһаарабыт. Дойдуга тахсыбыт ыархан балаһыанньа биир өттүнэн саҥа саҕахтары арыйда. Бу үөрэхтээһин сайдыытын биир көрүҥэ буолла», — диэн Михаил Сивцев бэлиэтээн эттэ.
Салгыы Татьяна Васильева корреспонденнар боппуруостарыгар эппиэттээтэ:
-Бала5ан ыйын 1 күнүн харыстанар миэрэни барытын тутуһан оскуолаҕа көрсүөхпүт.
-Оҕо өр кэмҥэ ыалдьар түгэнигэр, дьыл кэмин араас ыарыыта турбут, тымныы ордук сытыырхайар кэмигэр дистанционнай үөрэхтээһин туттуллуон сөп.
-Дойду араас муннуктарыттан араас хайысхаҕа уһуйааччылар, учуонайдар уо.д.а. үөрэнээччини кытта интернет нөҥүө быһа сибээскэ тахсан үөрэтэр кыахтаннылар.
«Ол эрэн ханнык да түгэҥҥэ үөрэнээччи учууталы, бэйэтин үөлээннээхтэрин кытта алтыһан үүнэрэ-сайдара сөптөөх. Бу бэйэтэ туспа эйгэ буолар. Онтон дистанционнай үөрэхтээһин көмө буолара саарбаҕа суох », — диэн түмүктээтэ Татьяна Васильева.
Наталья Борисова.