Дьоҥҥо-сэргэҕэ, чуолаан ыччакка, тулалыыр эйгэни кытта алтыһыы быраабылаларын тутуһууну, үөрүйэххэ кубулутууну, айылҕаны кытта алтыһыыны, тыынар тыыннаахха
харыстабыллаахтык сыһыаны, кыра экологическай кыһалҕалары таба көрүүнү, быһаарыыны эркин сыал оҥостор — Д.Г. Макаров аатынан «Зеленый пояс Вилюя» экологическай пуонда.
2013 сыллаахха Бүлүү улууһун чулуу киһитин, улуус лесхуоһун салайбыт Дмитрий Гаврильевич Макаров сырдык кэриэһигэр аймахтара, доҕотторо көҕүлээһиннэринэн пуонда төрүттэммит.
Пуонда салайааччыта, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир-хамныыр Прасковья Гаврильевна Макарова этэ. Хомойуох иһин, былырыын ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт. Билигин эдьиийэ Ксения Гаврильевна Поскачина, саҥаһа Пелагея Семеновна салайаллар. «Балтым суох буолбутун кэннэ бастаан, биллэн турар, олус ыарахан этэ. Ол гынан баран, күүстээх санаа ылынаммыт, үлэбитин салгыырга быһаарыммыппыт», — диир Ксения Гаврильевна.
Пуонда үлэтэ-хамнаһа, былааннара элбэх. Биир бастыҥ бырайыактарынан буолаллар: «День реки Вилюй» диэн сылын ахсын бэстибээл, «Кымыс — Дьөһөгөй бэлэҕэ» бэстибээл, Наталья Водянова пуондатыттан оҕо былассааккатын туруоруу, «Ыра санаам — ыраас Бүлүү», «Школьные лесничества Вилюя — наследники Героя Советского Союза, воина-лесника Степанова Николая Саввича».
2018 сыллаахха «АЛРОСА» АХ-ҕа техногеннай саахал буолан тыһыынчанан туонна кирдээх уу Бүлүүгэ түспүтэ. Бу быһылааҥҥа бэйэлэрин санааларын, көрүүлэрин биллэрэн, Бүлүү улууһун, Дьокуускай куорат оҕолоро 4000 кумааҕынан кыталык оҥорон Ил Дархаҥҥа А.С. Николаевка тиэрдибиттэрэ.
«Оҕо тутта-хапта сылдьарыгар күннээҕи олоҕор көстүөхтээх. Маннык иитиилээх оҕо соҕотоҕун да сылдьан айылҕалыын алтыһыы быраабылаларын тутуһарын таһынан атын дьону эмиэ оннукка
көҕүлүөҕэ, холобур буолуоҕа», — дииллэр Ксения Гаврильевна уонна Пелагея Семеновна.
Мини-питомниктары оҥоруу — пуонда эмиэ биир бастыҥ үлэтэ. Ол курдук, Сэбиэскэй Сойуус Геройун Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3 нүөмэрдээх, Сэбиэскэй Сойуус Геройун А.А. Миронов аатынан Мастаах орто, Социалистическай Үлэ Геройун В.П. Трофимова аатынан Өкүндү орто оскуолаларыгар кыыллары ууһатар сирдэр аһыллыбыттара.
Ону таһынан, «Хомустаах» диэн экотропа дьон кэрэхсэбилин тардар. Манна быраабылалар, олус элбэх үүнээйилэр, кыыллар тустарынан информационнай истиэндэлэр бааллар. Бу Президент Гранын өйөөһүнүнүэн тутуллубут.
«Зеленый пояс Вилюя» экологическай пуонда тохсус сылын үлэлиир. Манна республика араас муннуктарыттан элбэх дьон сылдьан ааһар, сэҥээрэр. Туһалаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!
Эльдар Садовников