Ааҕыы — сайдыы, үүнүү тирэҕэ. СӨ үөрэҕириитин эйгэтигэр быйылгы сыл ааҕыы сылынан биллэриллибитэ. Бу чэрчитинэн, бүтүн Сунтаарбыт улууһугар олунньу ыйтан – ахсынньыга дылы бары нэһилиэктэринэн, үөрэх тэрилтэлэрин устун «Ааҕыы түһүлгэтин Чорооно» алгыһынан арыалланан аартыктары арыйан айанныы сылдьар. Л.А.Попов аатынан Арыылаах агро хайысхалаах оскуола көҕүлээһининэн улус бастыҥ бырайыага буолан, биһирэнэн, эстафета суолун тутан нэһилиэктэри сэргэхситэр. Сунтаар улууһун бастакы норуодунай суруйааччыта, киэн туттар киһибит Леонид Поповка Шея олохтоохторо 1983 сыллаахха туттарбыт чороонноро ааҕыыны көҕүлээн биһиэхэ Күүкэйгэ, оскуолабытыгар ааны аһан, айхаллана ыалдьыттаан ааста. Манна даҕатан санаан кэпсээтэххэ, оскуолабыт учуутала Ираида Михайловна Герасимова ол кэм үөрүүлээх түгэнин туоһута, оҕо сааһын кэрэ өйдөбүлүн улуу суруйааччыны кытта алтыһыытын санаппыта история кэрэһитэ буолла. Биһиги тэрээһиммит сүрүн сыала билии биир ыллыга ааҕыынан арылларын, ааҕыы – ситиһии төрдө буоларын өйдөтүү. СӨ норуодунай суруйааччыта Л.А.Попов киэн туттуубут буоларын чиҥэтии. Аҕа баһылыкпыт Юрий Семенович Прокопьев биһирээһининэн, истиҥ эҕэрдэтинэн Ааҕыы чороонун күннэрэ саҕаламмыттара.
Бэлиэ күн илдьитинэн үйэлэргэ үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн бииргэ үллэстэр, үгүс үтүө дьоммутун үөрэх-үлэ сырдык суолунан көччөх гынан көтүтүһэр ыаллыы олорор Кутана нэһилиэгин Ааҕыы чороонун аҕалбыт А.А.Иванов – Күндэ аатынан Кутана орто оскуолата буолла.
Делегация салайааччыта бибилэтиэкэр, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Изабелла НиколаевнаТретьякова, саха тылын учуутала Елена Евгеньевна Архангельская, оҕо тэрилтэтин лидерэ Валентин Готовцев Ааҕыы чороонун эстафетатын Леонид Попов туһунан дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээн туран, чороону оскуолабыт дириэктэригэр Егор Иванович Алексеевка дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттарбыттара. Егор Иванович харда тылыгар сыл дьоһун күүрээнигэр кыттыһарбытын сэргиирин биллэрэн, көхтөөх буоларбытыгар ыҥырбыта.
Маннык бэлиэ тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, филологическай наука дуоктара, профессор Василий Васильевич Илларионов ыыппыт бэлэҕин «учууталлар учууталлара” Николаева Мария Васильевна алгыстаах тылларынан тарбахтаах таарыйбатах, илиилээх туппатах саҥа олоҥхо кинигэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттаран үөрдүбүтэ уонна көҥүл ааҕыы күннэригэр олоҥхо түһүлгэтигэр үмүөрүһэргэ ыҥырбыта. Ааҕыы эйгэтин күн аайы көҕүлүүр олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Львова Нюргуяна Прокопьевна эҕэрдэ тылын ааҕааччыларыгар анаабыта. Ааҕыы чороонун көрсүү күнэ ырыанан, хоһоонунан ситэриллэн,
Ааҕар киһи билиилээх,
Билиилээх киһи ситиһиилээх,
Ситиһиилээх киһи кэскиллээх! — диэн үөрүүлээх чааһа түмүктэммитэ.
Ааҕыы чорооно ыалдьыттыыр күннэригэр тиһигин быспакка, киэҥ ис хоһоонноох араас үлэ нэһилиэк араас эйгэтигэр ыытылынна, маны сэргэ “Ураты тыыннаах учуутал…” диэн Күүкэй оскуолатын бэтэрээн учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна Михаил Александрович Федоровка аналлаах кини оӊоһуу кинигэлэринэн кинигэ быыстапката турда. Ааҕыы күннэрин аартыга арыллан, хас биирдии киһиэхэ көӊүл санаатын ууран кинигэлиин алтыһар күннэрэ биллэриллибитэ.
Худуоһунньуктар — улуу поэттар диэн мээнэҕэ эппэттэр. СѲ норуодунай суруйааччыта Л.А.Попов айымньыларынан уруһуйунан дьүһүйүү ыытыллыбыта. Манна ийэ оҕотунуун кыттан, айымньылаах үлэлэрэ тиһиллэн, альбом оҥоһуллан Арыылаах оскуолатын музейыгар бэлэх ыытылынна. Бу тэрээһини эдэр уруһуй учуутала Васильев Олег Григорьевич көҕүлээбитэ хайҕаллаах. Ааҕыы чорооно “Биһик” детсадпыт кырачааннарыгар ыалдьыттаата.
Эбээлэр “Таал Таал эмээхсин” остуоруйаны сиэннэригэр аудио ааҕыынан иһитиннэрбиттэрин кэрэхсээтилэр, иитээччилэр Л.А.Попов Куобахчаанын тутан олорон, дорҕоонноохтук ааҕан, кинигэ алыбыгар киллэрбиттэр.
Ааҕыы эстафетатын биир сүрүн сыалынан биир дойдулаахтарбыт айымньыларын үүнэр ыччакка тиэрдии буолар.
Ол чэрчитинэн «Айар дьулуур абылаҥа» диэн Күүкэйтэн төрүттээх Андрей Илларионович Егоров-Чокуур төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин “Иэйии абылаҥа” литературнай түмсүүлэрдиин истиӊ көрсүһүүгэ анаммыта.
Сунтаар улууһун “Ньургуһун” түмсүү Кутанатааҕы бөлөҕүн суруйааччы Дьячковская Валентина Григорьевна салайааччылаах кэлэн, тэрээһин суолтатын үрдэппитэ.
Оҕо сааһы көччүтэр, саататар тускунан алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр литературнай-спортивнай оонньуу “Пройди путь к сокровищу” диэн аахпыт кинигэлэринэн ыйытыктары, 10 эриирдээх-мускуурдаах моһолу туораан, билии кылаата “кинигэ” буоларын быһаардылар.
Ханнык да литература аан бастаан хоһоонтон саҕаланар. Ол тэҥэ ааҕыы абылаҥар ылларыы биир сүрүн хардыытынан литературнай киэһэлэргэ болҕомто буолла. “Поэзии чарущие строки”, “Поэзия — музыка слов” курдук иэйиилээх киэһэлэр буолан ааспыттара кэрэ өйдөбүлү хаалларбыта.
Бу кэмнэргэ Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы модельнай библиотека бэлэмнээбит видеоматырыйаалын туһанан, Л.А.Попов олоҕун, айар үлэтин дириҥник билиһиннэрии барда.
“Учуутал уонна үөрэнээччи” диэн норуодунай поэт патриотическай хоһооннорун доҕоонноохтук ааҕыы сүргэни көтөхтө.
Көрөөччү киэҥ дьүүлүгэр С.Маршак “12 месяцев” остуоруйатын инсценировкалаан көрдөрүүлэрэ сэргээһини ылбыта, ылбаҕайдык нууччалыы саҥаран оруолларын таба биэрдилэр. Соһуччу талааннар арылыннылар.
Ааҕыы чороонун ыалдьыттааһына бириэмэни биллэрбэккэ, сэргэхтик ааста. Улаханныын-кыралыын көхтөөхтүк кыттан, кинигэ билии төрдө буоларын, киһиэхэ чугас доҕорун кэриэтэ аралдьытарын, кэрэ эйгэҕэ сирдиирин өссө төгүл чиҥэттэ. Биһирэммит кыттааччылар хайҕал сурук туттулар. Онтон бу күннэр күүрээннэригэр сөп түбэһиннэрэн айар куттаах хоһоонньут Луиза Прокопьева–Сыккыс Л.А.Поповка анабыл хоһоонун уонна кини айымньытыгар нууччалыы тылбаастарын утары уунан ааҕааччы эйгэтигэр таһаарда. Тэрээһиннэри “Кустук” пресс киин иитиллээччилэрэ тиһэн, анал хаһыат таһаардылар.
Ааҕыы чороонун эстафетата салгыы Толоон нэһилиэгин оскуола-саадыгар ураты болҕомтолоох, киэҥ билии сыаннастарын тутан олорор дойдуга туттарылынна.
Ксения Саввинова, оскуола бибилэтиэкэрэ, «Кустук» пресс киин.