Бүгүн — филолог-учуонай, судаарыстыбаннай деятель, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччы, поэт Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнэ.
П.А.Ойуунускай сэтинньи 11 күнүгэр 1893 сыллаахха Таатта улууһун III Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ. 1917 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларын бүтэрбитэ. 1917-1918 сылларга Томскайдааҕы учууталлар институттарыгар үөрэммитэ. Бу сыллартан судаарыстыбаннай уонна литературнай үлэтин саҕалаабыта. М.К.Аммосовы кытта саха хара үлэһиттэрин Сойуустарын тэрийбиттэрэ.
1922 сыллаахха Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Салгыы ЦИК бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1935 сыллаахха Тылы уонна култуураны чинчийэр институту тэрийэр уонна бастакы дириэктэринэн буолар. 1917 с. бастакы “Үлэһит ырыата” диэн хоһоонун, 1919 сыллаахха “Син биир буолбаат?” диэн норуокка киэҥник биллибит хоһоонннорун айбыта.
Петр Оконешников хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 2019 c.
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхолору бэчээттэппитэ. 1938 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы сессиятыттан кэлэн иһэн, Иркутскайга тутуллан, репрессияҕа түбэспитэ. 1939 с. алтынньы 31 күнүгэр хаайыыга сытан өлбүтэ. Дьон-норуот улуу киһибитин ытыктаан, кини аатын оскуолаларга, мусуойдарга, тыйаатырдарга, Дьокуускайдааҕы аэропортка иҥэрбиттэрэ.
Ааптар: Сайыына Иванова, Дьокуускай.