Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын учуутала Наталья Александровна Кривошапкина саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуроков «Таптал букета» хоһоонугар олоҕуран «Таптал букетын» паннотун (туттубут матырыйаала — джинса, сатин, органза, мулине, атлас лента, стеганый синтепон, крейзи квилт, объёмные цветы, вышивка, свободно-ходовая стежка) сүрэҕин сылааһын, илиитин дьоҕурун, баай көрүүтүн ууран оҥорбута олус кэрэхсэбиллээх!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.