Бастакы кылаас, бастакы чуораан –саҥардыы эрэ оскуолам боруогар үктэммит курдугум, онтон билигин номнуо 11 үөрэх сыла биллибэккэ ааста. Аҕыйах ыйынан эксээмэн туттаран, бэйэбит талбыт идэбитинэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэ барарбыт чугаһаатар-чугаһаан иһэр.
Мин маҥнайгы кылааска кэлбиппэр, сып-сырдык мичээринэн бастакы учууталым Елена Прокопьевна Лыткина көрсөн, үөрэххэ талаһарга, бастакы хардыылары оҥорорго көмөлөспүтэ, ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппитэ. Иккис кылааска Е.И.Аммосова француз тылын үөрэтэн саҕалаан, ити күнтэн мин сөбүлүүр уруогум француз тыла буолбута. Бэһис кылаастан А.А.Аммосова кылааспыт салайааччытынан буолбута. Кини наһаа үчүгэй, сэмэй этэ, куруутун биһигини өйүүрэ, сүбэ-ама биэрэрэ. Алын кылаастан саҕалаан, чинчийэр үлэнэн дьарыктанар буолбутум, дакылаат ааҕары наһаа сөбүлээбитим. Бастаан чинчийэр үлэбин ийэбиниин суруйар этим, үрдүкү кылааска саха тылын, литературатын учуутала А.Н.Шелковникова салайааччым буолбута. Элбэх чинчийэр үлэни оҥорбуппут, элбэх кэмпириэнсийэҕэ кыттан, улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэрин лауреата, бастакы, иккис истиэпэннээх лауреат буолбутум. Маны таһынан, Алена Николаевна миигин суруналыыстыканы кытта билиһиннэрбитэ, “Репортер” түмсүүгэ дьарыктанан, күннээҕи оскуолам олоҕун туһунан “Кэскил”, нэһилиэк, улуус хаһыаттарыгар суруйар этим. Онон иккитэ “Океан” лааҕырга путевканан наҕараадаламмыппын саамай дьоллоох түгэннэрим дии саныыбын. Учууталбар элбэх олох уопутугар үөрэппитигэр, хас да сылы быһа үлэ бөҕөнү үлэлээн, күүс-көмө, өйөбүл буолбутугар махтанабыт!
Кылааһым туһунан кэпсээтэххэ, тылым да тиийиэ суох курдук, наһаа таптыыбын кылааспын! Бары бииргэ уон биир сыл устата, этиһэн-охсуһан, эйэлэһэн, үөрэн-көтөн дьиҥнээх доҕордоһуу диэни билбиппит. Төһөлөөх элбэх ыарахаттары, үөрүүнү-хомойууну, кыайыыны көрсүбүппүт буолуой?! Бастакы кыайыы, холонуу — барытыгар ылсан иһэр дьон этибит! Оскуолаҕа саамай чугас дьоннорунан кылааһым оҕолоро буолаллар. Өр бириэмэ ааспытын кэннэ, куруутун бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн, өйөһөн сылдьыахпыт диэн эрэнэбин. Үрдүкү кылааска саҥа элбэх бэридимиэттэр баар буолбуттара, химияны уонна биологияны наһаа сөбүлээбитим. Учууталларым А.И.Петрова уонна С.М.Васильева үтүө сабыдыалларынан быраас идэтин баһылыахпын баҕарабын.
Оскуола диэн учебник, тэтэрээт, уруоктар уонна хонтуруолунай эрэ буолбатах. Оскуола олоҕор улахан миэстэни араас тэрээһиннэр, кэнсиэртэр, күрэхтэр, похуоттар ылаллар. Бастакы ситиһии, кыайыы, бастакы алҕас, өһүргэнсии, киҥир-хаҥыр кэпсэтии эмиэ баара. Бэйэҥ саастыылаахтаргын, учууталларгын, атын дьону кытта алтыһан, сыһыаны тутарга, иирсээнэ суох боппуруоһу быһаарарга, бэйэҥ көрүүгүн туруорсарга эмиэ оскуолаҕа үөрэнэҕин. Ол эмиэ туһалаах, социализация диэн киһи олоҕун биир олугун ааһаҕын.
Оскуолам миэхэ элбэх билиини, үрдүк үөрэххэ талаһарга суолу, олоххо дьулууру уонна дьиҥнээх доҕоттору биэрдэ. Бастатан туран, олох уопутун уонна саамай сүрүнэ, дьоллоох оҕо сааһы, бэлэхтээтэ. Уон биир сыл биллибэккэ ааста. Инники олохпор улахан кэскили биэрбиккитигэр үөрэппит учууталларбар уонна оскуолабар махтаныам этэ. Быраһаай, тапталлаах саха-француз лиссиэйим, куруутун сүрэхпэр баар буолуоҥ! Баҕарыам этэ, үүнэ-сайда чэчирии, элбэх улуу үөрэхтээх дьону таһаара тураргар, сыл аайы оскуолабыт историятыгар бэлиэ түгэннэр уонна ситиһиилэр баар буоллуннар!
Адриана Данилова, “Репортер” түмсүү.
Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ, Нам.