2009 сыл. Маҥнайгы учууталбытын кытары билсии. Аан бастакы уруоктар. Саҥа тэтэрээт, кинигэ… Бу барыта соторутааҕыта эрэ буолбут курдук эрээри, номнуо 11 сыл ааһа охсубут.
11 сыл устата кылааспытыгар элбэх оҕо кэлэн-баран, билигин 6 эрэ буолан хааллыбыт.
Аҕыйах да буолларбыт, сүрдээх иллээхпит, куруутун бииргэ өйдөһөн-өйөһөн сылдьабыт. Маҥнайгы учууталбыт Спиридонова Акулина Спиридоновна ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэтэн, иккис ийэбит курдук буолбута. Билигин учууталларбыт — Алексеева Айыына Геннадьевна уонна Иванова Светлана Ивановна.
Биһиги оскуолаҕа үөрэнэ эрэ буолбакка, доҕотторбутун кытта кэпсэтэ, аралдьыйа, араас тэрээһиннэри тэрийэ, кыттыыны ыла күн аайы барабыт. Сылын аайы оскуолабыт Саҥа дьылын долгуйа күүтээччибит, Саҥа дьылга бэлэмнэнэр туспа «кыракый олох” курдук буолааччы.
Оскуолабыт 120 эрэ оҕолоох чөкө буоламмыт, бэйэ бэйэбитин бары билэбит, куруутун билсэбит, бииргэ оонньуубут, күүлэйдиибит.
Оскуолабыт барахсан иккис дьиэбит курдук буолар этэ даҕаны, карантин буолуоҕуттан ыла сылдьа иликпит. Бэйэ-бэйэбитин наһаа ахтыһабыт, суохтуубут, оскуолабытын кытта быраһаайдаспакка эрэ барарбыт наһаа хомолтолоох…
Бу сыл 11-с кылаастарга барыларыгар хомолтолоох да, үөрүүлээх да, буолуо дии саныыбын.Ол эрээри бу 11 сылы быһа үөрэнэн баран, бүтэһик чуораан, кэнсиэр, “выпускной» биэчэр буолбатыттан ханнык да оҕо үөрбэтэ буолуо.
ЕГЭ туттарар оҕолорго барыларыгар ситиһиини, баҕарбыт үөрэхпитигэр бары киирэрбитигэр, талбыт идэбитин баһылыырбытыгар баҕарабын!
Ааптар: Нарыйаана Ушатова,«Тымтык» пост.
Ороhу, Үөһээ Бүлүү.