«Тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа» диэн саха тылын учуутала Татьяна Егоровна Андросова кэпсээнин саҕалаата. Кабинет иһигэр көмүлүөк оһох, үс атахтаах төгүрүк остуол, остуолга чүмэчи эйгэни ордук тыҥааһыннаата.
Бастатан туран, Таҥха Хаан ыйын туһунан иһиттибит.
Таҥарата: Таҥха Хаан.
Ойуута: орто күөрчэх (көҕөр ойуу).
Суолтата: инникини өтө көрүнүү.
Тыла: туску.
Сулуһа: Орой сулус.
Бухатыыра: Дьулларыта Дохсун.
Куота: Сырдык Куо.
Мала: түөрэх.
Тыаһа: аарык.
Үүнээйитэ: тиит.
Көтөрө: чооруос.
Кыыла: сиэгэн.
Аһа: тоҥ диэн биллибит.
Тохсунньу ый Айыыта – Таҥха, сүрүн туома—инникини өтө көрүү.
Таҥха Хааҥҥа хайыһыы
Таҥха Хааҥҥа хайыһыы туспа алгыстанар эбит. Биһиги бастаан ыраастанныбыт. Туос уонна боҕуруоскай от уматан, сыт таһааран, дэйбииринэн ыраастаныы буолла. Ол кэннэ Дьылҕа Хааны, Чыҥыс Хааны, Одун Хааны кытта тэҥҥэ ахтыллар Айыылартан биирдэстэрэ Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин, айылҕа бу дьикти кэмигэр саха дьоно билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөн, хайдах билгэлэнэллэрин туһунан Х кылаас үөрэнээччилэрэ Нарыйа Сыромятникова уонна Данил Барашков кэпсээтилэр.
Тоҕо бу кэмҥэ өбүгэлэрбит Таҥха оонньуулларай?
Тымныы оройугар, күн муҥутаан кылгаабыт кэмигэр, кыыл, сүүрэр-көтөр барыта утуйар турукка киирэр. Сырдык хараҥалыын, күнүс түүннүүн тэҥнэһэллэр. Сир күҥҥэ чугаһыыр. Киһи этэ-сиинэ эмиэ уларыйар. Итинник турукка киһи өйүн-санаатын түгэҕэр бүгэ сылдьар сэрэйии, таайыы уһуктар. Киһи сэрэнэр, дьаахханар буолар. Дьэ бу кэмҥэ санааларын бөҕөхсүтэр билгэ оҥостон, күүс-күдэх ылаллар.
Бу кэмңэ сүллүүкүттэр – уу иччилэрэ тахсаллар диэн итэҕэл баар. Тохсунньу 12 күнүттэн 19 күнүгэр диэри аллараа дойдуттан уунан, ойбонунан сүллүүкүттэр тахсаллар диэн буолар. Сүллүүкүн киирбэтин диэн дьиэҕэ, хотоҥҥо аан айаҕар, түннүк анныгар тымтыгынан кириэс саайаллар, уураллар. Ити кэмҥэ сууйуллубут таҥас таһырдьа ыйаммат. Таҥха кэмигэр оҕолору мээнэ саҥардыбаттар. Улаханнык кыыһырсар, мордьооттоһор, этиһэр, куһаҕаннык тыллаһар, киһини хомотор көҥүллэммэт. Бу этиллибити кэстэххэ, барыта бэйэҕэр куһаҕанынан дьайар дииллэр эбит.
Таҥха туомун оҥоруу бэрээдэгэ маны сатаабат буоллахха, Таҥха иһиллиир кутталлаах буолуон сөп.
Астык Таҥха буолла
Таҥхалааһын араас көрүҥнэрэ баалларын биллибит: таҥха иһиллээһин,
түөрэх быраҕыыта, остуол хаамтарыыта, суоруна, бүргэс сүүрдүүтэ, этэрбэс хаамтарыыта, сүллүүкүҥҥэ киирии, бүлүүһэ сүүрдүүтэ, сылгы кэпсэтиитин иһиллээһин, хаар сиидэлээһин, о.д.а.
Таҥха киэһэтин саамай сонуна – таҥхаланыы буолла. Ол курдук, бастаан түөрэх бырахтыбыт. Онтон инники идэбитин таайыстыбыт. Олус диэн интириэһинэй, бэһиэлэй, эмиэ да кутталлаах түгэннэр буолан аастылар.
Маша Прокопьева, IX кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин олус сэҥээрдим. Урут куоракка үөрэнэ сырыттахпына, маннык тэрээһин буолбатаҕа. Манна бастакыбын көрдүм. Биһиги, сахалар, бэйэбит эмиэ итэҕэлбитигэр сөп түбэһэр ураты билгэлээһиннэхпититтэн астынным. Дьиҥэр, олох итэҕэйбэппин эрээри, олус сэҥээрдим.
Оля Прокопьева, IX кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин олох итэҕэйэбин. Иччи, абааһы, Айыылар барыта бааллар дии саныыбын. Ол иһин сиэри тутуһабын. Иитиим да оннук: дьиҥ сахалыы. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ хайдах эрэ сорох кэмҥэ киһи этин сааһа арыллан ылла. Сорох сирдэринэн көрүдьүөстэр да көстөн аастылар. Астык Таҥха буолла. Сорох оҕолор инники идэлэрин таларга саҥа өрүттэри көрүннүлэр. Алеша Сокольников механик буолуом диир, онтон эмискэ артыыс идэтэ түбэспитигэр, аҥаардас артыыс эрэ буолбакка, тыйаатырга олус элбэх үлэһит: оператор арааһа, монтажниктар, видеооператордар, киинэ, тэлэбиидэнньэ араас техническэй үлэһиттэрэ бааллар, диэн учууталбыт быһаарбытыгар олус сэҥээрдэ. Баҕар, Алеша инники олоҕун бу Таҥха киэһэтин кэннэ таба тайанан, булан ылыа.
Руслана Иванова, Чурапчы улууһун Т.М. Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, “Айар аартык” юнкоровскай пост, Чурапчы улууһа.