Быйыл биһиги оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөргө бэлэмнэнэбит. Иван Егорович Федосеев — Доосо аатынан Дириҥ агро хайысхалаах орто оскуолата 100 сыллаах историята сүрдээх баай, интэриэһинэй. Бу үгүс сыллар устата саҥа бииртэн биир улахан уларыйыылар киирэллэр, үөрэнэр кыһабыт күнтэн күн үүнэн-сайдан иһэр.
Биһиги оскуолабыт 1921 сыл сэтинньи 20 күнүгэр Сидоров И.П чааһынай дьиэтигэр аһыллыбыта . Маҥнайгы учуутал Мария Алексеевна Аммосова этэ.
1924-25 оскуола типовой дьиэтэ тутуллан бүтэн улэҕэ киирбитэ. Онон 1925-26 сыллаахха үөрэх дьылыгар оскуола 4 кылаастанан саҥа үөрэх сылын көрсүбүт.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар Дириҥ оскуолата сэттэ кылаастаах этэ. Сэрии сылларыгар үөрэтэр-иитэр улэҕэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөбүл турбута. 1941-42 сыллаахха үөрэх дьылыгар оскуола иһинэн 60 миэстэлээх интэринээт аһыллыбыта, 22 төгүрүк тулаайах оҕолор үөрэнэллэрэ.
1945-54 сылларга ситэтэ суох орто оскуола быһыытынан үлэлээбитэ. Нэһилиэктэр туруорсууларынан 1953 сыллаахха 8-9 кылаас аһыллыбыта уонна 1956 сыллаахха аан бастаан орто оскуоланы 25 оҕо бүтэрбитэ.
Математикаҕа, физикаҕа дириҥэтэн үөрэтэр кылаастарга оҕолору хомуйуу 1969-70 сыллаахха саҕаламмыта,1965 сылтан 320 миэстэлээх саҥа оскуола тутуута саҕаламмыта.
1968 сыл муус устар 6 күнүгэр саҥа оскуола дьиэтигэр киирбиттэрэ.
1988 сыллаахха Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин 148 нүөмэрдээх уурааҕынан Дириҥ орто оскуолата тыа хаһаайыстыбатын төрүттэрин дириҥэтэн үөрэтэр оскуола буолбута. Агрооскуола-саҥалыы тииптээх оскуола, тыа сирин оҕото аҥардас интеллектуальнай өттүнэн эрэ сайдыбакка, тыа сирин үлэтин сатыыр, олоххо туһанар уонна инники олоҕор идэни таба буларыгар оҥкулу уурар соруктаах.
1992 сыллаахха «Дириҥ оскуолатын холобуругар рынок инфраструктуратын тэрийии» диэн республиканскай экспериментальнай площадка буолбута.
30 сыл устата агрооскуола сайдыытыгар үгүс элбэх үлэ ыытылынна. Оскуоланы бүтэрээччилэр тыа сирин сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэлэрэллэр. Оскуолабыт биир ураты хайысхатынан оскуоланы бүтэрээччилэр талбыт сэттэ идэлэрин баһылаан тахсаллара буолар. Ол курдук “мастер овощевод”, “мастер животновод”, “оператор ЭВМ”, “столяр”, “швея”, “А,В категориялаах суоппар”, “тракторист-машинист” идэлэрин баһылыыллар.
Биһиги оскуолабытыгар олус элбэх интэриэһинэй куруһуок уонна секция баар. Гитара устуудьуйата, “Дабаан” театральнай куруһуок о.д.а. Көҥүл тустуу, мас тардыһыытын секцияларыгар элбэх уол дьарыктанар. А. В. Посельская аатынан музыкальнай оскуолаҕа сылдьабыт. Үҥкүү, байаан, ырыа, уруһуй, фортепиано кылаастарыгар оҕолор сөбүлээн сылдьаллар уонна араас күрэхтэргэ кытталлар. Биһиги оскуолабытыгар сүрдээх элбэх үчүгэй үөрэхтээх, талааннаах оҕолор үөрэнэллэр. Сыл ахсын өрөспүүбүлүкэтээҕи “ Иннникигэ хардыы” научнай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттыыны ылабыт. “Чугуновскай”, “Интеллектуальный потенциал села” НПК-ларга элбэх оҕо сылын ахсын миэстэлэһэр. Ол курдук Соня Тарасова, Уля Корякина бүтүн Россиятааҕы конференцияларга ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Предметнэй олимпиадаларга улууска биология, география, экология,технология, математика предметтэригэр инники миэстэҕэ тахсаллар.
Оскуолабытын бүтэрээччи Айза Габышева саха тылын олимпиадатыгар республикаҕа икки сыл маҥнайгы миэстэни ылбыта. Биһиги оскуолабытыгар бизнес-инкубатор ситиһиилээхтик үлэлиир. Оҕолор араас сатабыллары баһылаан сыл ахсын “World Skills ” чемпионакка улууска инники күөҥҥэ тахсан өрөспүүбүлүкэ иһигэр миэстэлэһэллэр.
Биһиги уолаттарбыт көҥүл тустууга, мас тардыһыытыгар элбэх күрэхтэһиилэргэ кытталлар. Ол курдук Влад Кузьмин мас тардыһыытыгар улуус, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, Горнайга буолбут Манчаары оонньууларыгар оҕолорго многоборьеҕа кыттан, хас да көрүҥҥэ инники миэстэҕэ тахсыбыта.
Биир талааннаах чаҕылхай кыыспыт Уля Корякина буолар. Кини оҕо сааһыттан олоҥхолуур. Сыл ахсын республикаҕа олоҥхо күрэхтэригэр кыттар, “Сэргэх толоруу”, “ Кэскиллээх толорооччу” ааттары ылары ситиспитэ.
Оскуолабыт үбүлүөйдээх сылынан сибээстээн акциялар бара тураллар. «100 үтүө дьыала» диэн акцияҕа кыттан бэтэрээн учууталларга, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөбүт. “100 биэс сыана” диэн акция бара турар, үөрэнээччилэр элбэх биэс сыана ылар иһин күрэстэһэллэр.
Тапталлаах оскуолабыт үүнэ-сайда, чэчирии турдун!
Дириҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ,
Чурапчы улууһа.