Павловскай орто оскуолатыгар саха норуотун чулуу уола, улуу бөлөһүөгэ, бастакы суруйааччыта, общественнай деятелэ А.Е. Кулаковскай нэһилиэстибэтин иитэр-үөрэтэр улэҕэ тирэх оҥостубуттара 12 сыл буолбут. Ол тухары Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын, научнай үлэлэрин ис хоһооно, суолтата үөрэттэх, биллэх аайы өссө дириҥээн, кэҥээн иһэр эбит.
А.Е. Кулаковскай баай нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии—учуутал ытык анала диэн санаанан сиэттэрэн, Павловскай орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Галина Васильевна Егорова 1990 сыллаахтан кэскиллээх үлэтин саҕалаабыта.Галина Васильевна саха тылын уонна литературатын учуутала буолан, Национальнай оскуола концепциятын тула араас таһымнаах кэпсэтиилэр барар, идеялар үөскүүр кэмнэригэр олус сөптөөх санааны тобулан, ол тула бэйэтин биир идэлээхтэрин түмпүт.
Саха оскуолата туох ханнык иннинэ төрөөбүт норуотугар, дойдутугар бэриниилээх, норуотун олоҕун, кыьалҕатын өйдүүр саха ыччатын иитэн — үөрэтэн таһаарыахтаах. Оттон оннук киһини норуотун дьылҕатын, Аан дойдуга миэстэтин туһунан киэҥник толкуйдуур, кэскиллээҕи кэрэһэлиир, саха киһитин уратытын билэр учуутал эрэ иитэр-уерэтэр кыахтаах. Ону өйдөөн, Галина Васильевна Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин үөрэтиини учууталлартан саҕалаабыт бэйэтин биир идэлээхтэрин уһуйбут. Ол түмүгүнэн, сыл аайы Павловскай орто оскуолатыгар А.Е. Кулаковскайга аналлаах философскай киэьэлэргэ учууталлар саха оҕотун үөрэтии-иитии философиятыгар бэйэлэрэ тугу билбиттэрин көрбуттэрин, туох санааҕа кэлбиттэрин билиһиннэрэллэр, санааларын атастаһаллар.
Быйылгы дьылга, Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылыгар, Саха республикатыгар биллэриллибит Ыччат сылыгар аналлаах Кулаковскай ааҕыылара буолла. Нөөрүктээйи нэһилиэгин үөрэх эйгэтин тэрилтэлэрэ, үөрэнээччилэрэ, иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ, ветеран учууталлар, общественность, ыҥырыылаах ыалдьыттар, 2004-2011 сс. выпускниктар кыттыыны ыллылар.
Эбиэт иннинэ оҕолор чинчийэр үлэлэрин пристендовай истии буолла. Павловскай оҕолоро детсаадтан саҕалаан чинчийэр үлэлэри ыыппыттар. Уопсайа 100 тахса үлэни көмүскээтилэр. Маны таһынан, 5-11 кылаастарга идэҕэ туһаайар кылаас чаастара буоллулар.
Эбиэт кэннэ маастар-кылаастар (дискуссионнай площадкалар) тэриллэн ыытылыннылар. Ол курдук, профильнай үөрэхтээһиҥҥэ «Удьуор утума», лидер оҕолорго, депутаттарга, салайааччыларга «Бас-көс дьон», детсад, оскуола педагогтарыгар, нэһилиэк администрациятыгар «Учуутал оскуолата», педагогтарга уонна төрөппүттэргэ «Төрөппүт оскуолата» тэриллэн ыытылыннылар. Маастар кылаастар түмүктэринэн санаа атастаһыыта буолла.
А.Е. Кулаковскай «Байанай алгыһа» айымньытынан оҕолор туруорбут театральнай дьүһүйүүлэринэн түмүктэннэ. Салайааччылар Протодьяконова А.А. (театральнай кружок), Еремеева Д.А. (вокальнай кружок).
Габышева Вика, IX б кылаас, юнкор пост Павловской СОШ «Билим»