Бу нэдиэлэ устата үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһиннэр оскуола аайы ыытылыннылар. Сүүһүнэн бүтэрээччи стипендия тутан үөрдэ, олимпиадаҕа, спорка, култуураҕа ситиһиилэммиттэр грамотанан наҕараадаланнылар. Маладьыастар!
Саха политехническай лиссиэй бастыҥ үөрэнээччилэригэр «За честь школы» диэн мэтээллэри туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.
– Быйыл физика олимпиадатыгар уонна «Кэскилгэ хардыы» НПК-ҕа өрөспүүбүлүкэҕэ иккистээбитим. Үөрэхпэр туйгуммун. Быраас буолар баҕа санаалаахпын, – диир Арчыына Заболоцкая.
– Оттон мин ОБЖ Дьокуускай куораттааҕы олимпиадатыгар призердаабыппын иһин биэрдилэр. Бастакы кылаастан футболунан үлүһүйэбин. Бастаан «Заря» мини-футбол кулуубугар эрчиллибитим, онтон ахсыстан ыла «Якутия» ФК Лигатыгар оонньуубун. «Лучший полузащитник» диэн ааты ылбытым, – диэн кэпсиир Саша Степанов, IX «А» кылаас үөрэнээччитэ.
Оскуоланы бүтэрээри сылдьар Ася Бочкарева уонна Дарина Атакова иккиэн кыһыл көмүс мэтээлгэ хандьытааттар эбит. Ася онно эрэ буолбакка, ытыыга спорт маастарыгар эмиэ хандьытаат! Москваҕа Н.Э. Бауман аатынан университет геологияҕа салаатыгар киирэр соруктаах. Сыалы табар кыыс, бу да сыалын ситиһиэ диэн эрэнэбит.
Химия, обществознание олимпиадаларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар Дарина инникитин билиҥҥиттэн саныыр:
– Ээ, химик буолбаппын. Бүтэрэн баран, үлэ булбакка эрэйдэнэллэр дии. Ол кэриэтэ экономист буолуом. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ ирдэниллэр идэ. «Куораппын, ол иһин хайаан да соҕуруу үөрэнэ барыахтаахпын», – диэн бэйэбин хааччахтаабаппын. Ханна киирэрбинэн. ХИФУ-га туттарсан көрүөм. Дьиэбиттэн чугаһа өссө ордук курдук. Түгэнинэн туһанан, кылааспыт салайааччыта Антонина Гаврильевна Васильеваҕа уонна СПЛ бары учууталларыгар эҕэрдэбин уонна махталбын тиэрдэбин!
Анисия ИЕВЛЕВА.