Ороһу нэһилиэгэр кырыа кыһыны атаарар бэлиэ күн буолан ааста. Эбиэт иннигэр сыал ытыыта, ханаат тардыһыыта, салаасканан сосуһуу, куулу кэтэн баран сүүрүү, баҕанаҕа ыттыы курдук көрдөөх күрэхтэр ыытылыннылар.
Эбиэт кэнниттэн былыр-былыргыттан саха эр киһитэ балыктыыр үгэһэ бу күҥҥэ тиийэн кэлбит өбүгэлэрбит дьарыктарын, уол оҕолорго тиэрдэр сыалтан, оскуола кэлэктиибэ (дириэктэр Прокопий Устинович Никонов), култуура киинэ (дириэктэр Мария Сергеевна Захарова) биир санаанан нэһилиэк эр дьонугар, аҕаларга, оҕолорго анаан куйуур күрэҕин тэрийдилэр.
Эбэҕэ куйуурдуу киириэх иннинэ уол оҕолорго, Эбэҕэ сылдьыы бэрээдэгин, балыктыырга аналлаах сиэр-туом туһунан билиһиннэрдилэр. Ол кэнниттэн Аал уоту оттон, уот иччитигэр Хатан Тэмиэрийэттэн, күөх далай иччититтэн Боллох Тойонтон балыгынан күндүлүүрүгэр көрдөһөн туран, Дмитрий Иванович Константинов арыылаах алаадьынан айах тутта, маҥан сылгы сиэлинэн кэксиҥ сыт таһаарда. Куйуурдуу киирээри турар оҕолор, улахан дьон иччилэри алаадьынан күндүлээтилэр, сиэлинэн сыт таһаардылар, кири-дьайы киэр илгэр кытыан лабаатынан буруо таһааран ыраастаннылар. Дьэ, ол кэннэ, Эбэҕэ дьону олордубут массыыналар, бурааннар хотоҕостуу субурустулар.
Эбэ барахсан, ып-ыраас, мап-маҥан хаарынан бүрүллэн, баар минньигэс собобун сомсон ылыҥ диэбиттии нэлэһийэн турара туспа көстүү буолан уонна булт абылаҥар ылларыы тыынын биэрдэ.
Күрэх хаамыытын этэн тураннар, хамаанданан хайдыһыы буолла. Күүстээх үлэҕэ турунуох иннинэ, эти-хааны эрчийэн, оҕолорго тоҥуу хаарга буурдааһын, эр дьоҥҥо ойбон алларыытын, хамаандаларга тоҥуу хаарынан сүүрүү, туут хайыһарынан сүүрүү, хомуур хапсаҕай күрэхтэрэ ыытылыннылар. Ол кэнниттэн анньыы тыастара халыҥ муоска лиҥкинэстилэр, ойбоннор бииртэн биир кэккэлэһэн истилэр. Көрөөччүлэр, ыалдьааччылар хамаандалар аайы тоҕуорустулар. «Кытаатыҥ!», — диэн саҥалар хойуннулар, ол аайы хамаанда уолаттара хамсаныылара тэтимирэн-эрчимирэн барар.
Ити курдук, күүстээх, тыҥааһыннаах үлэ түмүгэ көстөр: «Бастыҥ буурдьут», «Бастакы балык» — Егор Крылатов, «Кус быһый» — Дима Константинов, «Эдэр кэскиллээх куйуурдьут» — Илья Терентьев, «Саастаах куйуурдьут», «Бастыҥ анньыыһыт», «Улахан балык» — Гаврил Андреевич Селясинов анал ааттары ыланнар, анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр. Бэлиэтээн этэр тоҕоостоох: балыксыт Аким Семёнович Таныков аатынан анал бирииһи оҕолоро, сиэннэрэ 5000 харчыны Дима Константиновка туттардылар.
Хамаанданан 1 миэстэ — «Хотойдор» (Г.А. Селясинов уолунаан Айыстаанныын, Сайаан Павлов, Дима Константинов) анал байыаннай дьайыыга сылдьар Алексей Алексеевич Егоров 10000 солк. харчы бирииһин ыллылар, хас биирдиилэригэр мангал бэрилиннэ. 2 миэстэ — «Байанайдар» (Павел Николаевич Иванов уолунаан Спиридоннуун, Егор Крылатов, Илья Терентьев). Нэһилиэк дьаһалтата туруорбут 3000 солк. харчыта, хас биирдиилэригэр шашлык буһарар анал сиэккэ. 3 миэстэ — «Мохсоҕоллор» (Иван Капитонович Васильев, Владик Таныков, Гена Иванов, Алик Михайлов) бириистэрэ биолит, эрбии. И.К. Васильевка анал бириис — мангал. 3 миэстэ — «Боотурдар» (Руслан Русланович Огочонов, Милан Павлов, Саша Потримай, Валерий Ласточкин). Бириистэрэ булчут курууската, сиргэ олорорго аналлаах олоппос. Маны таһынан Алик Михайловка оскуола эр дьоно туруорбут бөрбөлүүт истээх утуйар мөһөөччүгэ, оскуола директора П.У. Никонов анал бирииһэ күлүүс набора Валерий Ласточкиҥҥа туттарылыннылар.
Хамаанданан иккис, үһүс миэстэлэргэ кыттыбыттарга «Ороһу эр хоһууннара» түмсүү туруорбут умсаах мончууктара бэрилиннэ. Оскуола кэлэктиибин бирииһэ аҕалыы уол Ивановтарга сиргэ туһаныллар, хомуллар остуол, Селясиновтарга гаас билиитэ, банаар бэрилиннэ. Күрэххэ успуонсардаабыт оскуола-уһуйаан үлэһиттэригэр, култуура киинигэр, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэригэр, нэһилиэк дьаһалтатыгар, А.А. Егоровка, Н.Н. Захаровка, И.Г. Кысылбаиковка, «Ороһу хоһууннара» түмсүүгэ, хаалыктаах хаамыы бөлөҕөр, А.С. Таныков дьиэ кэргэнигэр, П.У. Никоновка күрэх кыттааччылара махталларын биллэрэллэр.
Бултаммыт балыгы күрэххэ тиийэн көх-нэм буолбут, успуонсардаабыт «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэригэр (салайааччы Н.В. Котоконова) анааннар, эбэлэр үөрүүлэрэ үрдээтэ. Эбээлэр бултаммыт балыгы үллэстэн, тутатына ыһаарылаан, мииннээн сиэн куйаар ситиминэн махтал тыллары суруйдулар: «Кэһии тутан олус үөрдүбүт, улахан баһыыба. Үтүө, аһымал санааҕыт эһиэхэ хас эмэ бүк үтүөнэн эргилиннин!». Куйууру көҕүлээн ыыппыт тэрийээччилэргэ: «Үчүгэй тэрээһин буолла. Тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга, бириис туруобуттарга барҕа махтал. Өрүү итинник көхтөөх, ситиһиилээх буолуҥ!».
Ороһу орто оскуолата дьон махтанар, үөрэр гына куйуур күрэҕин тэрийбитэ олус үчүгэй. Саамай сүрүнэ уол оҕолорго куйуур кистэлэҥин үөрэппиттэрэ уонна үлэ түмүгэ хайҕаллаах, махталлаах, ситиһиилээх буоларын билбиттэрэ.
Тэрийээччилэр сыллата куйуур күрэҕин кэҥэтэн, кыттааччылары элбэтэр соругу туруоруннулар.
«Тымтык» эдэр кэрэспэдьиэннэрин салайааччыта Нина Михайлова,
Ороһу, Үөһээ Бүлүү.