Хаартыскаҕа көрөр уучахха олорор кыысчааҥҥыт Василина Корякина быйыл алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэн Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Бу сайыны кини «Оралчимна» лааҕырга атаарда.
Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгэр «Оралчимна» (сахалыы тылбааһа «Табаһыт») үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра үлэлээбитэ 19 сыла. Манна оҕолор кыра саастарыттан таба көрүүтүгэр сылдьаллар, улахан дьоннуун тэҥҥэ ыстаадаҕа сайылыыллар.
Лааҕыр тыа хаһаайыстыбатын производственнай дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар «МАГИР» общинаҕа тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлиир. «МАГИР» диэн эбээннии тылтан тылбааһа «Ыраас сир» — «Чистая земля» диэн. Кырдьык даҕаны, бу ыраас систэрдээх, тыытыллыбатах айылҕалаах, уйаара-кэйээрэ биллибэт туундаралаах хоту дойду сирэ салгынныын, иһэр уулуун ыраас,чэнчис уонна чэбдик. Оҕолор ол иһин кэтэһиилээх сайыннарын ыстаадаҕа атаараллара эгэ буолуо дуо?
Настаабынньыгынан удьуор табаһыт Дмитрий Христофорович Дьячков эдэрдэри үөрэтэ-такайа сылдьар. Бу элбэх сыллар устата Дмитрий Христофорович үгүс оҕону такайан кэллэ. Сорохтор номнуо бэйэлэрэ уопуттаах табаһыттар.
Бу хаартыскаҕа Аделя Тарабукина (7 кыл.), Эвелина Корякина (6 кыл.), Василина Корякина (5 кыл.), Ньургун Дьячков (4 кыл.), Айсен Соркомов (4 кыл.) ытык киһилэрин Дмитрий Христофоровиһы кытары бииргэ сылдьан айылҕаны кэтээн көрөн үөрэтэллэр. Бу хаартысканы биир бэйэм «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт» диэн ааттыам турдаҕа. Ытык дьон сүбэтэ хаһан баҕарар оруннаах буолар.
Лааҕыр салайааччытынан, «МАГИР» община бэрэссэдээтэлэ, удьуор табаһыт Екатерина Егоровна Дьячкова үлэлиир. Салгыы кини кэпсээнин истиэххэйиҥ:
— Бастакы сылларга «Оралчимна» лааҕырбытыгар уон биэстии оҕо сылдьар этэ, кэлин ол-бу мэһэйдэр көстөннөр, оҕобут ахсаанын уонна сезомммутун кыччаппыттара. Быйыл икки сезон көҥүллэммитэ, бэс уонна от ыйдарыгар 14-түү хонук. Лааҕырбытыгар кыра кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан улахан кылаас оҕолоругар тиийэ сылдьаллар. Лааҕырбыт сыала-соруга — оҕону кыра сааһыттан таба үлэтигэр сыһыарыы, иитии диэн төрүөтүнэн сылдьабыт.
Кыра кылаастан табаҕа сыстыбыт оҕо оскуоланы бүтэриэр диэри лааҕырга сылдьар. Кинилэри ким да күһэйбэт, оҕолор улахан дьону кытары тэҥҥэ таба ыстаадатыгар сылдьалларын олус сөбүлүүллэр, сайын аайы бэйэлэрэ баҕа өттүнэн кэлэ тураллар.
Лааҕырбытыгар оҕолорго эбээн норуотун үгэһин, тылын-өһүн дириҥэтэн үөрэтэбит, маны таһынан оҕолор уопуттаах табаһыттар үлэлэрин билэ-көрө улааталлар, бииргэ сылдьыһан барытыгар үөрэнэллэр, онон олоххо мантан бэлэмнээх тахсаллар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Аны тулалыыр эйгэни оҕо эрдэхтэн харыстыы, айылҕа көстүүлэригэр, дьайыыларыгар бэлэмнээх буолаллар, кыыллары-сүөһүлэри көрө-харайа улааталларыгар бу лааҕырбыт, ыстаада олоҕо улахан оруоллаах.
Оҕолор бу сылдьыбыт кэмнэригэр хамнас аахсаллар. Эбии улуус үлэлээх буолуу киинэ 14 саастарын туолбут оҕолорго хамнас төлүүр.
Уолаттар атынан сылдьан бостууктууллар. Бэл, кыргыттар атынан сылдьан табалары мэччитэллэр.
Онтон 4 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Соркомов ыстаадаҕа быйыл саҥа сайылаата. Лааҕыр олоҕун кини олуһун сөбүлээтэ. Табаны аан маҥнай миинэн үөрүүтэ муҥура суох.
Оҕолор табаһыттарга көмөлөрө улахан. Атаҕын өлөрбүт табалары эмтииллэр, туйахтарын ыраастаан көрөллөр-истэллэр.
Хоту дойду хоһуун кыргыттара дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар сыстаҕастар. Мас кэрдэн хайыталлар, лэппиэскэ мэһийэллэр, таҥас сууйаллар.
Ыстаадаҕа олорон үөрэҕи эмиэ умнубаттар. Оҕолор араас кинигэни ааҕаллар, суоттууллар, ахсаан төгүлүн таблицатын үөрэтэллэр. Таба ахсаанын ааҕарга бастыҥ көмөлөһөөччүлэр.
Устар сайын тухары уолаттар көмүс хатырыктааҕы илимнээн дьоннорун күндүлүүллэр.
Иллэҥ кэмҥэ оҕолор маамык быраҕа оонньууллар. Ким элбэхтэ таба муоһун баайбыт — ол кыайыылаах.
Дьэрэкээн ойуулаах, сарыыттан тигиллибит төрүт көстүүмнэрин кэтэн оҕолор айылҕаҕа тахсан хаартыскаҕа түһэллэр. Көрөргүт курдук сайыҥҥылыы чаҕылхай, кинигэттэн түспүт курдук олус табыллыбыт хаартыскалар!
Ити курдук «Оралчимна» лааҕыр оҕону кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ, үөрэххэ, айылҕаны уонна кини оҕолорун харыстыы үөрэнэргэ, олоххо бары өттүнэн бэлэмнээх буоларга үөрэтэр. Бу сылдьан оҕолор табаһыттарга даҕаны улахан көмөнү оҥороллор, бэйэлэрэ даҕаны элбэҕи билэ-көрө сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.