Самаан сайыммыт олус үчүгэйдик ааста! Лааҕырбыт үлэтин сыалын-соругун ситистэ диэххэ наада. Оҕолор ыстааданы сөбүлээн, 2 сезон, ол эбэтэр 28 күн эрэ буолбакка, 3 ыйы быһа табаһыттары кытта сайылаатылар, күүс-көмө буоллулар.
20 сыл анараа өттүгэр лааҕыр тэриллиитигэр араас өҥнөөх сиитэс таҥаһынан былаах тикпиппит: ортотугар сүүрэн эрэр табалаах уонна күннээх. Ол өҥнөрө барыта тус-туспа суолталаах. Быйыл ол былаахпытын аныгылыы баннер быһыытынан оҥотторбуппут.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр оҕолор бэйэлэрэ лааҕыр түмүктэниитинэн кыра эҕэрдэ концерт бэлэмнээбиттэрэ. Тэрээһиҥҥэ лааҕыр былааҕар араас өҥүнэн бэлиэтэммит сыалын-соругун көрдөрдүлэр.
Ол курдук, «халлаан күөх» өҥүнэн — үлэнэн иитии диэн лааҕырбыт биир сүрүн сыала-соруга бэлиэтэнэр. Оҕолорбут анал ааттарынан бэлиэтэннилэр: «Оралчимна» (Табаһыт) диэн ааты — Камила Корякинаҕа, Эвелина Корякинаҕа, Айсен Соркомовка, Күннэй Литвинцеваҕа, Айаал Тарабукиҥҥа иҥэрдилэр. Оҕолор сайыны быһа табанан, атынан, сатыы Дмитрий Христофоровичтыын табалары маныы сырыттылар.
«Үлэ десана» («Бойцы невидимого фронта») диэн анал ааты Ганя Алексеевка, Ньургун Алексеевка, Варя Алексееваҕа, Талбаана Слепцоваҕа, Василина Корякинаҕа, Тимур Корякиҥҥа, Илья Беленоевка туттардылар. Бу оҕолор күннээҕи дьиэ үлэтигэр улахан көмө буоллулар, табаһыттар сылаас дьиэҕэ кэлэллэригэр мас бөҕөтүн бэлэмнээн, элбэх ас буһарыгар уу таһар иһиттэрэ куруук толору буолар, хайа баҕарар үлэни кыайалларынан-хотоллорунан маладьыас оҕолор. Онон үлэҕэ иитии диэн сыалбыт ситистэ диэххэ наада.
«От күөх» өҥүнэн — тулалыыр айылҕанан иитии биир көрүҥэ бэлиэтэммит, оҕолор үүнээйилэри, кыыллары, тулалыыр эйгэни, айылҕаны, туундарабытын харыстыырга үөрэннилэр. Айылҕаҕа хайдах сөпкө сылдьыы, туттуу быраабылаларын биллилэр, ону сөпкө туһанарга үөрэннилэр. Тэрээһиҥҥэ оҕолор «Хотугу дойдум» диэн үҥкүүнү бэлэх ууннулар.
«Кыһыл» өҥүнэн — майгы-сигили өттүгэр иитии бэлиэтэммит, оҕолор төрөөбүт дойдуга, төрөппүккэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ таптал, убаастабыл, сыанабыл, киэн туттуу диэн үөрэҕи үчүгэйдик ылыннылар. Быйыл лааҕырбыт тэриллибитэ 20 сыла, нэһилиэкпит төрүттэммитэ 90 сыла, Саха АССР 100 сыла, Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин, оттон Сахабыт сиригэр Ийэ сыллара. Итини барытын бэлиэтээн оҕолор сайын устата хас да видеоролик оҥордулар уонна ийэлэригэр анаан сахалыы үҥкүү бэлэхтээтилэр.
«Саһархай» өҥүнэн — эт-хаан, чэбдигирии өттүгэр иитии бэлиэтэммит. Оҕолору көрөн киһи үөрэр! Кырдьык даҕаны, бу сибиэһэй салгыҥҥа, ып-ыраас ууга, минньигэс аска оҕолорбут төлөрүйэ улааттылар, эт-хаан өттүнэн сайдыбыттар.
Оҕолор табаһыттары, ыалдьыттары уонна Екатерина Егоровна, Дмитрий Христофоровиһы араас аныгылыы үҥкүүлэринэн эҕэрдэлээтилэр.
Концерт кэнниттэн, үгэс курдук, «Игры Чиктикана» Христофор Дмитриевич тэрийэн оҥордо. Оҕолор 3 сүһүөҕүнэн кыра саастаах оҕолор, кыргыттар, уолаттар диэн арахсан күрэхтэстилэр. Манна оҕолор туох баар кыахтарын, күүстэрин ууран туран кыайыыга дьулуурдарын көрдөрдүлэр. Ол курдук, кыра саастаах оҕолорго Коля Наумов бастаата, кыргыттарга — Варя Алексеева, улахан уолаттарга — Айаал Тарабукин кыайыыны ситистилэр.
Лааҕырбыт үбүлүөйдээх сезона олус үчүгэйдик, ситиһиилээхтик түмүктэннэ.
Суруйда Екатерина ДЬЯЧКОВА, «Оралчимна» лааҕыр салайааччыта,
Улахан Чыыстай, Муома улууһа.