Балаҕан ыйын 18 — Россияҕа ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ
Сэбиэскэй Сойуус Геройа, лесник Николай Саввич Степанов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Бүлүү улууһун, Бүлүү куоратын уонна Чинэкэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, “Бэлэм буолга” оҕо сылдьан суруйан саҕалаабыт суруналыыс Николай Крылов “Төлөнүллүбүт иэс” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ “Россия — Моя история” пааркаҕа ааста. Дириҥ ис хоһоонноох кинигэни “Кэскил” хаһыакка үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык үлэлээбит суруналыыс Василий Иванов олоҕун аргыһа Линда Николаевна Ивановалыын бэлэмнээн таһаарбыттара бэлиэ. Истиҥ, иһирэх ахтыылары сэргэ суруктар, докумуоннар, хаартыскалар, хоһооннор киирбиттэр. Кинигэҕэ “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат Бочуоттаах редактора Н.И. Протопопова, биһиги хаһыаппытыгар өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбит суруналыыс Н.С. Дмитриев ахтыылара киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр СӨ экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы А.Н. Коноплев, СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын депутата В.М. Прокопьев, “Бүлүү улууһа” МТ баһылыга Сергей Винокуров, “Общество лесоводов” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ салайааччыта С.П. Аммосова, профессор А.Н. Алексеев, “Хомус” норуоттар икки ардыларынааҕы Киин Президенэ, профессор И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан уо.д.а. кытыннылар.
“Биһигини кытары бу сиргэ сэргэстэһэ тыыннаах сылдьыбыт тиһэх Геройбут Николай Саввич Степанов биһиги кэккэбититтэн туораабыта отучча сыл буола оҕуста. Геройум Николай Саввич туһунан киирбит матырыйаалы барытын биир да строканы ордорбокко хомуйа сатаатым. Баҕар, кэнэҕэс бу матырыйааллары кэрэхсиир, дьарыктанар ыччат үүнүөҕэ. Геройдар дьыалаларын дириҥник, саҥа кэм ирдэбилигэр тэҥнии тутан чинчийэр дьон баар буолуохтара”, — диир ааптар Николай Крылов.
Андрей Борисов, биллиилээх режиссер, Саха үс буойунугар Сэбиэскэй Сойуус Геройун албан аата иҥэриллэригэр туруорсубут ССРС норуодунай депутата, Россия норуодунай артыыһа, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ:
— Ойууру кыра сааспытыттан билэбит. Ойуур диэн — мас эрэ буолбакка, ити духуобунай суолталаах тыл. Бүгүн чахчы духуобунай суолталаах күҥҥэ ойуур, тыа, Бүлүү лесхоһугар уһуннук лесниктээбит Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Саввич Степанов туһунан киэн тутта, сөҕө-махтайа кэпсэтэ олоробут. Кини духуобунас чаҕылхай туоһута. Ааптар Николай Крылов кинигэтин аата да үчүгэй, бэлиэ ис хоһоонноох: “Төлөнүллүбүт иэс”. Хас биирдии киһи иэстээх. Тус бэйэм Николай Саввичтыын ситэри алтыспакка хаалбытым. Ол эрээри, өйдүүбүн, кини олус сэмэй киһи этэ. Биирдэ эппитэ: “Эн биһикки Саввичтарбыт. Эн биһикки пулеметчиктарбыт”, диэн. Ол онтон күлсэн бөҕө.
ххх
“Төлөнүллүбүт иэс” — оскуолаҕа интегрированнай дьарыктары, метауруоктары ыытарга, оскуолаҕа патриоттуу тыыҥҥа иитиигэ уонна төрөөбүт дойду историятын, чулуу дьоннорун билиһиннэрэргэ баай чахчылардаах, матырыйааллардаах кинигэ буолбут.
Жанна Леонтьева.