Бэс ыйын 21 күнүгэр Аммаҕа Олоҥхо Ыһыаҕар Моҕол ураһаҕа олоҥхоһуттар түмүктүүр түһүмэхтэрин күрэҕэ буолан ааста. Көрөөччүлэр олус сэргээн хас биирдии олоҥхоһут толоруутун иһиттилэр.
Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо Сусанна Васильевна Лазарева бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран олоҥхолуур буолбут.
— Сунтаарга 2006 сыллаахха бастакы Олоҥхо Ыһыаҕа буолбута, онно мин Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕырыма Бухатыыр» олоҥхотунан кыттыбытым. Иккис үөрэппит олоҥхом — Платон Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотуруттан» 8-c ырыата этэ. Билигин «Дуулаҕа Баатыр» диэн Николай Михайлович Тарасов олоҥхотунан кытта сылдьабын.
— Олоҥхону үөрэтэргэ туох нааданый?
— Олоҥхону үөрэтэргэ дьулуур, тулуур уонна куруутун айымньыны хатылыы сылдьыахха наада, хатылыы сылдьыбатахха умнаҕын.
— Олоҥхону оҕолорго уонна ыччаттарга хайдах тарҕатыахха сөбүй?
— Мин санаабар, оҕолорго олоҥхону кыра эрдэхтэриттэн үөрэтиэххэ наада, оччоҕуна оҕо уһуйаан эрдэҕиттэн интириэһэ тардыллар. Син-биир талааннаах оҕо онно биллэр.
— Махтал, кэпсэтиибит иһин. Ситиһиилэри!
Кэпсэттэ Сайаана Сорокоумова, Чурапчы орто оскуолата.