Аммаҕа Олоҥхо Ыһыаҕар улуус-улуус аайыттан элбэх дэгиттэр талааннаах, устар ууну сомоҕолуур, көмүс куоластаах оһуохайдьыттар мустубуттар. Олор истэригэр Таатта улууһуттан Саха сирин оһуохайын үтүөлээх этээччитэ Афанасий Николаевич Попов.
— Оһуохай диэн Үөһээ Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн көрдөһөн Саха сиригэр самаан сайын кэлбитин, сирбит дойдубут көҕүрүү чэчириирин туһугар көрдөһөн-ааттаһан биһиги дьоммутугар-сэргэбитигэр үөрэн-көтөн Үрдүк Айыыларга махтаныы уонна сүгүрүйүү диэн буолар, — диэн Афанасий Николаевич кэпсэтиибитин саҕалаата.
— Онтон күүс-көмө биһиэхэ хайдах киирэрий?
— Уус оһуохайдьыт улахан талааннаах киһи буолуохтаах, ол аата: тыла баай, сатаан үҥкүүлүүр, айар буолуохтаах. Бу Үөһээ Үрдүк Айыылартан көрдөһөн, бу орто дойду дьонугар алгыырыгар хас биирдии киһи бэйэ-бэйэтин тутуһан, төһө баҕарар сүүһүнэн-тыһыынчанан биир киһи курдук хааманнар, кини этиитигэр киирэннэр, күүс-көмө ылаллар.
— Оһуохай сүрүнэ диэн туох үчүгэйдээҕий?
— Оһуохайга киирдэххинэ, Үрдүк Айыыларга көрдөстөххүнэ, бэйэҥ сүрдээх чэбдиктик уонна хаһан баҕарар санаан күүһүрэн настарыанньалаахтык үөрэ-көтө сылдьаҕын.
— Айыылар тустарынан кылгастык сырдатыҥ.
— Үрдүк Айыыларбытыгар тоҕус айыы олорор, ол курдук Айыыһыт биһигини күн аайы хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баар бу тапталы, эрэли иҥэрэр диэн. Иэйэхсит биһигини күн аайы көрө-истэ, көмүскүү, харыстыы сылдьар. Дьөһөгөй Тойон үһүс халлааҥҥа олорор, бу биһиги сылгыбыт диэн сахалар сылгыны кытары биир тутулуктаахпыт, ол курдук биһиги сылгы баар буолан, биһиги өбүгэлэрбит кырыылаах кыһыны этэҥҥэ сылдьаннар көмөнү биэрэр. Хотой Айыы күүс-уох биэрэр, биһиги кини курдук күүстээх буолуохтаахпыт, үрдүктэн үрдүккэ, кэрэттэн кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыахтаахпыт уонна Улуу Суорун биһигини үөрэҕи биэрэр, ханнык баҕарар киһи үөрэхтээх-сайдыылаах буолуохтаах, ол онно күүс-көмө буолар. Дьылҕа Хаан, Билгэ Хаан, Таҥха Хаан бу балар этини, халлааны, былыты биир оҥоһуулаах, кинилэр биһиэхэ уйгуну-быйаҥы биэрэр. Тоҕус халлааҥҥа Чыҥыс Хаан, Одун Хаан уонна саамай Үөһээ Үрүҥ Аар Тойон олороллор, биһиги кинилэргэ махтана сылдьыахтаахпыт.
Кэскилээнэ СИВЦЕВА, VIII кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.