Оҕо бары өттүнэн үүнэригэр-сайдарыгар усулуобуйа барыта баар. Биһиги күннэтэ Интэриниэт ситимигэр олорор араас саайтарбыт, төлөпүөҥҥэ баар сыһыарыыларбыт хайдах оҥоһулларын сорохпут билбэт буолуохпутун сөп. Онтон бу күннэргэ Сосновай борга “Новое поколение” симиэнэҕэ буола турар көмпүүтэр бырагыраамматын уруогар оҕолор сиһилии барытын билиэхтэрин сөп.
IT-бырагырамыыс Николай Бетчитов:
Билигин 200-тэн тахса оҕону академияннан араартаан күннэтэ дьарыктыы сылдьабыт. Биһиги сыалбыт диэн, кинилэр үөрэнэн бүтэллэригэр саайты хайдах оҥорорго үөрэммит буолуохтаахтар. Хамаанда аайы “бырагырамыыстар”, “менеджердэр”, “дизайнейдэр” бааллар. “Дизайнердэр” – саайт тас көрүҥүн, барылын, “бырагырамыыстар” ол барылынан саайты бэйэтин оҥоруохтара, онтон “менеджердэр” бырайыактарын көмүскүөхтэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ төһө да элбэх бэлэм барыл баарын иһин, кинилэр олоҕун өйдүөхтэрин наада. Мин санаабар, сахабыт сиригэр араас саайтар сайда тураллар. Оҥорооччу киһи да элбээбит. Биэс сыллааҕыта улахан устудьууйалар эрэ оҥорор эбит буоллахтарына, билигин ким өйдүүр, быһаарсар киһи барыта оҥоруон сеп. Оҕолор балачча билиилээхтэр, бу кэнниттэн баҕалаах оҕолор салҕыы сайдан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин”.
Биһиги эдкордарбыт Валера Емельянов уонна Владислав Потапов үөрэнэ сылдьар оҕолортон кыракый ыйытык оҥордулар.
Алеша Аммосов, Уус Алдан улууһун Курбуһах орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
Биһиги бөлөхпүт айылҕаны харыстыырга аналлаах сыһыарыы оҥоруохтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, билигин айылҕабыт наһаа киртийдэ, ол иһин былаастык бытыылканы Аан Дойду үрдүнэн бопсон эрэллэр, ону суох оҥорор сыһыарыы оҥордохпутуна олус да үчүгэй буолуо этэ”.
Виолетта Андросова, Анаабыр улууһа, Нерюнгритааҕы Артика оскуолатын үөрэнээччитэ:
Биһиги манна араас оҥоһуктары 3D гынан оҥоробут. Наһаа ыарахан эбит. Ол эрэн өйдөөн, оҥорорго кыһалла сатыам”.
Альберт Шарин, ХИФУ иһинэн үлэлиир лицей үөрэнээччитэ:
Билигин саҥа куоттары киллэрэ сылдьабыт, араас бырагырааммалары үөрэтэбит. Бэйэм интириэстээх буоламмын, миэхэ чэпчэки, барытын өйдүүбүн”.
Агит Стручков, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майатааҕы №2-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ:
Уруоктарбыт олус ыарахан эбиттэр. Биһиги бөлөхпүт 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах ОГЭ-КГЭ туттараары сылдьар оҕолорго аналлаах “демо-версия” сыһыарыы оҥоро сылдьабыт. Бу эксээмэн туттарар оҕолорго көмөлөөх буолуоҕа”.
Кэскил Рожин, «Айыы Кыһатын» үөрэнээччитэ:
Цифровой поколение” симиэнэҕэ 3D “моделирование” уонна “дизайн” уруоктарыгар сылдьабын. Остуолу, олоппоһу 3D оҥорорго үөрэтэллэр. Чэпчэки, барытын өйдүүбүн”.
Катя Попова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа лицейын үөрэнээччитэ:
IT өттүнэн бырагырааммалары баһылыахтаахпыт. Манна элбэҕи биллим. Сыһыарыыбытын мин көмүскүөхтээхпин. “Менеджменҥа” бэйэн элбэх саҥалаах буолуохтааххын дии саныыбын”.
Бу курдук, оҕолор кимиэхэ эрэ уустуктук, кимиэхэ эрэ чэпчэкитик бэриллэр билиилэрин туһанан наадалаах саайтары, сыһыарыылары таһаарыахтара диэн эрэнэбит.
Зинаида Григорьева, фото Василий Пак
Эдкордар: Валера Емельянов, Владислав Потапов,
Майатааҕы 2-с №-дээх орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччилэрэ