Дьокуускайдааҕы Оҕо дыбарыаһын бастакы мэндиэмэнигэр киирдэххитинэ, аныгы үйэ хайдах буолуохтааҕын хайыы-үйэ билигин билсиэххитин сөп. Манна IT-технология, лазер, нано, робот, нейро, “виртуальная реальность” саарыстыбалара – “Кванториум”!
Оҕо технопаарката, уопсайынан, аныгылыы тиэхиникэлээх 8 анал лабораториялаах: “VR/ARквантум”, “Нейроквантум”, “Аэроквантум”, “Космоквантум”, “Геоквантум”, “Робоквантум”, “Энерджиквантум”, “IT-квантум”. Маны таһынан, уопут уонна эксперимент оҥорорго аналлаах, бастыҥ оборудованиелаах High-Tech сыах баар.
Балартан дыбарыаска 4 баар: “IT-квантуму” Татьяна Борисовна Зуева, Анатолий Павлович Тимофеев, “Энерджиквантуму” Марфа Николаевна Дьяконова, Сардана Дмитриевна Тимофеева, “Робоквантуму” Дмитрий Дмитриевич Петров, Михаил Владимирович Неймохов, “High-Tech” сыаҕы Семен Анатольевич Гаврильев, Денис Алексеевич Данилов салайаллар.
Күһүн аһыллыаҕыттан бастакы семестргэ 279, иккискэ 341 оҕо үөрэнэн, аттестацияны баран, сертификат ыллылар. Салгыы талбыт хайысхаларын өссө дириҥэтэн үөрэниэхтэрин эбэтэр атын хайысханы талыахтарын сөп.
Сардана Дмитриевна Тимофееваҕа 50 оҕо ситиһиилээхтик дьарыктанар. Дьарыктарын тиэмэтэ – “Альтернативные источники энергии”. Ол аата уу, салгын, о.д.а. айылҕа көстүүтүн энергиятын дьон күннээҕи олохторугар туттарга таһаарыы.
Соторутааҕыта кини үөрэнээччилэрэ Айаан Копырин, Андрей Сидоров, Дьулус Семенов, Максим Сторожев, Ян Борисов, Айтал Шамаев, Артем Винокуров, Егор Местников, Геннадий Терентьев уонна “IT-квантумтан” Анатолий Павлович Тимофеев үөрэнээччилэрэ Александр Федоров, Данил Шахтарин Анапа куоракка баран күрэхтэһэн кэллилэр. Онно Россия 12 бастыҥ кванториумнарын талан ыҥырбыттар.
Күрэхтэһии “Проект-АШ” уонна “Автотест” хайысхаларынан буолла. “Автотест” күрэххэ Александр Федоров, Данил Шахтарин хамаандата III миэстэни ылла. Соруктара – 3 чаас устата айаннарыгар ордук аҕыйах “гибриднэй” оттугу ороскуоттааһын. Бу сырыыга аҥаардас авто-массыыналар эрэ икки ардыгар күрэхтэспиттэр. Эһиил, маны таһынан, көтөр, уу үрдүнэн уонна аннынан устар массыыналар кыттыахтаахтар. Оттуктара эмиэ араас көрүҥ буолуохтаах.
“Проект-АШ” – манна биһиэннэрэ “Энергия из ТКО” (ТКО – “твердые коммунальные отходы”) уонна “Энергия сточных вод” бырайыактары билиһиннэрдилэр. Маннык бырайыагы оҥорор ыарахана диэн, Саха сирин тымныыта уонна ирбэт тоҥо мэһэйдэри үөскэтэр эбит.
Кыайыылаах уолаттартан Данил Шахтарин сөбүлүүр уруоктара – физика уонна информатика, оттон тыл өттүгэр ортотук үөрэнэр. Кинигэни ааҕарын сөбүлээбэт: ”Киһи кинигэни эрэ ааҕан сайдыбат, атын ньыма элбэх”, – диэн санаалаах. Инникитин Москваҕа үөрэнэн, инженер-программист буолар уонна Гонконг, Кэриэйэ эбэтэр Япония диэки үлэлии, олоро барар баҕалаах.
Александр Федоров, төттөрүтүн, “төгүрүччү туйгун”, үөрэҕэр туйгун, кинигэни да ааҕар, тэпилииссэни да тутар, массыынаны да ыытар. Оскуолатыгар саамай наадата суох бэридимиэтинэн “Профессиональное самоопределение” ааттыыр. Кини физика-техническэй лиссиэйгэ үөрэнэр буолан, итинник уруоктаах эбит. “Киһи инники идэтин, тестэринэн буолбакка, бэйэтэ холонон көрөн талыахтаах”, – диир.
Таисия АЛЕКСЕЕВА.