Бүгүн биллиилээх оҕо суруйааччыта, фольклорист, тылбаасчыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ Петр Никифорович Дмитриев-Туутугу тиһэх суолугар атаардылар.
Петр Дмитриев-Туутук оҕо литературатын курдук уустук жанрга ылсан үлэлээбитэ. Кини хоһоонноро оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор хрестоматияларыгар, кылаас таһынан ааҕыы учебниктарыгар киирбиттэрэ. Тэрийэр, айар үлэҕэ талааннааҕа эдэриттэн биллибитэ. Ол да иһин хомсомуолга үлэлээн, кэлин төрөөбүт улууһугар Мэҥэ Хаҥаласка оскуолаҕа дириэктэрдээн, дьону-сэргэни түмэ тардар ураты дьоҕурун көрдөрбүтэ.
1972 с. саҕалаан Гуманитарнай чинчийии институтугар үлэлээбитэ.
Петр Никифорович – айылҕаттан талааннаах, дэгиттэр фольклорист, хомуйааччы. Кини олоҥхо 30 толору тиэкиһин аудиозапиһын оҥорторбута. Бу оҥорбут үлэтинэн П.П. Ядрихинскай “Дьырыбына Дьырылыаттата”, Н.П. Бурнашов “Кыыс Дэбилийэтэ”, Н.И. Степанов-Ноорой “Күн эрилитэ”, о.д.а. олоҥхолор ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсыбыттара. Бу олоҥхолору уһуларыгар кини аныгы техниканы туһаммыт буолан, устуута быдан хаачыстыбалаах. Онон наука эйгэтигэр биир сүҥкэн кылаатын киллэрсибитэ.
Петр Никифорович бэйэтэ ааттаах үчүгэй ырыаһыт, олоҥхоһут этэ. Норуот ырыаларын, олоҥхолору толороро. Ону сэргэ хаартыскаҕа түһэрэрин сөбүлүүрэ. Саха сирин суруйааччыларын араас кэмҥэ түһэрбит хаартыскалара билигин историческай суолталара улахан.
Петр Дмитриев тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата, үгүс сиэн эһэтэ. Кэргэнэ, ССРС норуодунай артыыһа Анегина Егоровна Ильинаны-Дмитриева айар үлэтигэр Петр Никифорович кырата суох өҥөлөөх. Ол курдук, кини айар командировкаларыгар, гастролларыгар, куонкурустарыгар төһүү күүс буолбута.
Петр Никифорович чугас дьонугар «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата дириҥ кутурҕанын тиэрдэр. Кини аата үйэлээх үлэтигэр, суруйан хаалларбыт айымньыларыгар, ыччатын ситиһиилэригэр өрүү ааттана туруоҕа.
***
САХАМ СЫЛГЫЛАРА
Хабырыттар хабараан тымныыга
Халыҥ хаары хаһан,
Хагдан сэтиэнэҕи хадьырыйан,
Сахам тымныы кыһынын туоруур
Сахам сылгылара барахсаттар!
Мин дьэбир тимир көҕөччөрдөрүм!
Мин тулуурдаах улан тураҕастарым!
Мин ахсым саалыр дьаҕылларым!
Мин сыыдам саһыл кэрэлэрим!
Бүгүн мин дьыл орулуур оройугар,
Тоһуттар тымныы туманыгар
Эһигини түһээн уһугуннум,
Эһигини ахтан оруһуйдум.
Хатан дьыбардарга дьагдьайа,
Кылыс тыалларга курдары оҕустара,
Тыыҥҥыт бурҕачыйа,
Таныыгыт дьаҥхара,
Ханна эрэ —
Халыҥ хаардаах маардарга
Хаһан аһыы турдаххыт.
Уулаах үтүрүм биэлэр барахсаттар,
Ороһу убаһалар муннаахтар,
Быһа түһэн хаалбакка,
Самаан сайыҥҥа тиийэн,
Саҥа күөххэ үктэниэххит.
Саал анньынан, толору куҥнанан,
Тардырҕас тэһии,
Эттээх сылгылар буолан,
Таныыгыт тыаһыы,
Биһигирэһэ сырсыаххыт.
Мин итинник бөҕөх эрэллээхпин!
Эһиги — тимир көҕөччөрдөрүм,
Эһиги — улаан тураҕастарым,
Эһиги — саалыр дьаҕылларым,
Саха сылгылара буолаҥҥыт —
Мин итинник бөҕөх эрэллээхпин.
Ол иһин мин биир дойдулаахтарбын,
Биир дьылҕалаахтарбын — эһигини
Аҕыннахпына
Мин «Киһи эбиппин эбээт» дэнэбин,
Тыйыс дьылҕабынан киэн туттабын.
Петр Дмитриев-Туутук.