Ыам ыйын 10-22 күнүгэр “Муҥура суох айар дьоҕур” (“Творчество без границ”) диэн регионнар икки ардыларынааҕы айар үлэ быыстапкатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Океан” оҕо киинигэр баран кыттан кэллим.
Биһигини сииктээх, уларыйа сылдьар халлаан туруктаах, ураты айылҕалаах сир көрүстэ. Лааҕырбыт Владивостоктан икки көс тэйиччи Японскай муора кытылыгар, Емар бухтатыгар олус кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Манна “Өлүөнэ кыраайа” Билим Аччыгый академията 41 оҕону Сахабыт сирин араас улуустарыттан талан ыыппыта. Биһиги “Саҥа үрдүк чыпчаалларга” диэн алтыс смена — “Муҥура суох айар дьоҕур” уонна “Доруобай көлүөнэ” үөрэх бырагыраамаларыгар кытынныбыт.
Спортсмен оҕолорго “Доруобай көлүөнэ” программа чэрчитинэн инструктордар саахымакка, остуол тенниһигэр, бадминтоҥҥа, футболга, волейболга уонна баскетболга куурустары ыыттылар. Маны таһынан сменаҕа кыттааччыларга анаан самбо, тхэквондо, кроссфит, чирлидин уонна спорт атын да көрүҥнэригэр маастар-кылаастары тэрийбиттэрэ.
Арассыыйа тоҕус регионуттан уопсайа икки сүүстэн тахса талааннаах оҕо “Үтүөнү ай” (“Твори добро”) диэн фестивальга түмсүбүппүт. Сахалин, Амур, Магадан уобаластарын, Камчатка, Забайкальскай кыраай оҕолорун кытта доҕордостубут. Быыстапка чэрчитинэн араас маастар кылаастары, «Творчество vs Креативность» диэн интерактивнай лиэксийэни иһиттибит, саҥа бырайыактары айар лабораторияларга дьарыктанныбыт.
Лааҕыр биэс дружиналаах: “Бригантина”, “Парус”, “Тигрёнок-Китёнок”, “Океанская эскадра”, “Галактика”. Мин “Флотилия Парус” дружинам биэс куорпуһа бары тус-туһунан ааттаахтар: “Фрегат”, “Каравелла”, “Бриг”, “Корвет”, “Клипер”. Бу дружина бэйэтэ ураты сиэрдээх, интэриэһинэй быраабылалардаах. 5-с нүөмэрдээх этэрээппитигэр 28 уруһуйдуур дьоҕурдаах оҕолор “Арт-Хаус” диэн ааттаммыппыт. «Плывет «Пять» под парусами, всем мы Вам желаем здравия!» — диэн девизтээх сылдьыбыппыт.
“Огонёк” тула мустаммыт араас билсиһии оонньуулары ааспыппыт, гитара доҕуһуоллаах доҕордоһуу ырыаларын ыллаабыппыт, “Көрдөөх стартар” күрэхтэспиппит, муора кытылын сибиэһэй салгыныгар сэрээккэлээбиппит — умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ.
Олус эйэҕэс майгылаах, эдэр баһаатайдарбыт: Оля, Даша, Таня барыбытын үтүө сыһыаннарынан түмэ тардан, бэһиэлэй эйгэни үөскэтэн, креативнай, эгэлгэ көрүүлэринэн угуйан, оҕолор бары олус доҕордостубут, бириэмэбитин туһалаахтык атаардыбыт.
Улахан остолобуой, киинэ-концертнай саала, оскуолалар, мастерскойдар, студиялар, эбии үөрэхтээһин салоннара, “информационнай туочукалар” — барыта “Бригантина” аныгылыы оҥоһуулаах сиригэр баар.
Үөрэнэргэ уонна эбии дьарыкка сөптөөх усулуобуйа тэриллибит. Оскуолаҕа нуучча тыла, литературата, омук тыла, математика, информатика, история, обществознание, география, биология, химия, физика курдук сүрүн предметтэргэ үөрэннибит. Барыбытыгар үөрэхпит туһунан таабыл биэрбиттэрэ. Сүрүн уруоктары таһынан олус интэриэһинэй эбии дьарыктарга сырыттыбыт: “Коммуникация лидерэ”, “Гончарнай мастарыскыай”, “Smola” арт-студия, “Древотектоника”, массаастыыр салон, аныгы бүрүчүөскэ салона, робототехника, үҥкүү студията, дизайн оскуолата, суоппар үөрэҕэ, кулинария студията. Мин бары көрүҥҥэ олус кэрэхсээн сырыттым, элбэххэ үөрэнним.
Ордук чаҕылхай умнуллубат өйдөбүлүнэн устудьуоннар педагогическай этэрээттэрин айар зачеттарыгар “Океан” спектаклы көрдөрбүттэрэ буолбута. Сайыҥҥы сезон саҕаланыан иннинэ Бүтүн Арассыыйатааҕы “Океан” оҕо киинигэр педагогическай кадрдары бэлэмнээһин көхтөөхтүк ыытыллар. Россия үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри баһаатай быһыытынан практикаларын ааһаллар. Баһаатай-иитээччи эрэ буолбакка, креативнай личность быһыытынан, соругу быһаарыыга өрүү саҥа идеялары булууга, сөптөөх сыһыаны тобулууга сылдьар. Бу сырыыга СПО этэрээтэ “Сулустарга суол” диэн мюзиклынан көрөөччүлэри сөхтөрдө. Биһиги, алтыс смена оҕолоро, айымньылаах үлэлэригэр уһулуччу сыанабылы туруорбуппут. Студенческай этэрээт оҕолоругар эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаралларыгар баҕарабыт!
“Океан” оҕо киинин интэриэһинэй дьону кытта билсэр площадкатыгар соторутааҕыта тахсыбыт “Уот” (“Огонь”) киинэ режиссерун Алексей Нужныйдыын көрсүһүүгэ сылдьыбыппыт. Хартыынаны көрдөрүү «Киит (киинэ уонна телевидение)» бырайыак иһинэн буолбута. “Уот” — уоттан дьону быыһыыр туһунан героическай устуоруйа. Иэдээҥҥэ түбэспит дьоҥҥо суһал көмө кэтэһэ сырыттахтарына, быыһааччылар кэрээнэ суох алдьархайы кыайаары кэлэллэр. Океанецтар киинэ айар кистэлэҥнэрин туһунан бэрт кэрэхсээн сэһэргэстибит. Киинэ сүрүн оруолларын толорооччулар бэлэмнэнэн документальнай киинэлэри көрбүттэрин, анаан дьарыктаммыттарын туһунан Алексей Нужный биһиэхэ кэпсээбитэ. Хартыынаҕа дьиҥ олоххо буолбуту көрдөрбүттэр. Карелия республикатыттан Москваҕа баар “Авиалес” баһаарынай бөлөҕө сүрүн консультаннарынан буолбуттар. Кинилэр сиргэ, ууга куттал суох буолуутун хааччыйбыттар уонна анал техниканы туһаммыттар. “Уот” киинэ режиссерун кытта көрсүһүү иннинэ смена кыттыылаахтарыгар киинэ туһунан кэпсэтии лиэксийэ, киинэни көрүү буолан ааспыта. Бу киинэни олус долгуйан, харах уулаах көрбүппүт, баһаарынай уонна ыксалллаах быһыы-майгы эйгэтигэр саамай хорсун, үтүө тускулаах дьон туруулаһар, үлэлиир эбит!
Бүтэһик күммүтүгэр түмүктүүр уруоктар, кылаас чаастара буолбуттара уонна киноконцерт саалатыгар “Тиһэх чуораан” бырааһынньыгынан түмүктэммитэ. Манна фестиваль кыайыылаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Мин оҥоһуктарым үрдүктүк сыаналанан иккис миэстэлээх дипломунан наҕараадаламмытым. Уһуйааччыларбар, Саргылаана Константиновнаҕа уонна Айталина Норимановнаҕа истиҥник махтанабын! Хас биирдии этэрээт бэлэмнээбит эҕэрдэ бырагыраамабытын көрдөрбүппүт. Биһиэхэ «Хулиганы в школе» диэн тиэмэ түбэспитэ. Олус көхтөөхтүк, биир санаанан туруоран, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыппыт.
Бу дириҥ ис хоһоонноох, үгүс үөрүүнү, оҕо сааспар умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбит, Россия биир бастыҥ оҕо лааҕырыгар баран кэлбиппэр төрөппүттэрбэр, кылааһым салайааччытыгар, Алампа аатын сүгэр үөрэнэр оскуолабар уонна СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр барҕа махталбын тиэрдэбин!
Лия МАРКОВА, Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх
орто оскуолатын 8б кылааһын үөрэнээччитэ,
“Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ.