1991 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо хамсааһынын тэрийэр туһунан улахан хабааннаах үлэ саҕаламмыта. Сүрүн сыала: пионерскай тэрилтэ үтүө үгэстэрин салҕааһын, оҕолору ботуруйуоттуу тыыҥҥа иитии.
Хамсааһын төрүттэммит күнүн — ахсынньы 5 күнүн өрөспүүбүлүкэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ эрдэттэн бэлэмнэнэн тэрээһин үрдүк таһымҥа ааһарын курдук ыыталлар. Бу бэлиэ күн Ороһу орто оскуолатыгар эмиэ ыытылынна. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Руслан Русланович Огочонов, Александра Ивановна Егорова ыыттылар.
Кылаастар икки ардыларыгар үөрэххэ, бэрээдэккэ, кылаас, оскуола тэрээһинигэр кыттыы туһунан кылаас ыстаарысталарын кэпсээннэрин истэн, кылааһынан бэлиэ күҥҥэ сыһыаннаах боппуруостарга сөптөөх эппиэттэри биэрбит кылаастары чуолкайдаан баран, түмүк таһаардылар. Түмүк кылаастар икки ардыларыгар улахан араастаһыы суоҕунан барыларыгар Туоһу сурук туттарылынна.
Кылаас актыбыыс оҕолоругар Милан Павлов (5кылаас), Юлия Кондакова (6 кылаас), Джулия Яковлева (7 кылаас), Валерий Ласточкин (8 кылаас), Камила Малахаева (9 кылаас) грамотанан бэлиэтэннилэр. Тэрээһин флешмобунан түмүктэннэ.
Ванесса Прокопьева ,»Тымтык» эдкорпост, Ороһу.