Педагогическай наука кандидата, доцент Лирия Алексеевна Дүпсүн сыл аайы “Кэскил” хаһыаты оҕолорго бэлэх уунар. Кини ити үтүө бачыымын иһин биир дойдулаахтара, И.Н.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын кэлэктиибэ махтал истиҥ тылларын аныыр: “Убаастабыллаах Лирия Алексеевна! Сылын аайы ыытар үтүө үгэскэр махтанабыт. Төрөөбүт үөскээбит Дүпсүнүҥ кэнчээри ыччата сайдыытыгар сэмэй кылааккын киллэрсэргиттэн олус диэн үөрэбит. Үлэҕэр-хамнаскар өссө үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт”.
Саҥа дьыл кэнниттэн Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ Ярик Дорофеев, Айаал Соловьев, Вика Алексеева Лирия Алексеевна көмөтүнэн “Кэскил” хаһыаты тиһигин быспакка ааҕар кыахтаммыттара. Бу сайын эмиэ, инньэ Саҥа дьылга диэри оҕолор “Кэскил” хаһыаты дуоһуйа көрүөхтэрэ, ааҕыахтара.
Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлээн аахпыт, бэчээттэммит “Бэлэм буолун” иһирэхтик санаан, ити курдук, оҕо ааҕыытын бэйэтин баҕа өттүнэн көҕүлүүр, өйүүр. Ис сүрэхтэн барҕа махталбытын Лирия Алексеевна Дүпсүҥҥэ аныыбыт.
Хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуу билигин да салҕанар. Биирдиилээн дьон, оҕо сурунаалын, хаһыатын бэлэхтиэн баҕалаахтар сайаапкаҕытын 4sakral@mail.ru почтаҕа суруйан ыытаргытын күүтэбит.
Жанна Леонтьева.
Алексей Васильев түһэриитэ.