Сэтинньи ый 25 күнэ — Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиир ураты күн . Олоҥхо – саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт. Бу биһиги норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, историяны кэрэһилиир өйдөбүнньүгэ.
Бүгүн Хаҥалас нэһилиэгэр, Олоҥхо күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн иккис сылын ыытыллар ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА-2022 ыытылынна. Дьыктаан тиэкиһэ П.А. Ойуунускай саха норуотугар киэҥник биллибит «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхотун тылларыттан сурулунна, тиэкиһи олохтоох оскуола иитэр үлэҕэ дириэктэрэ, саха тылын учуутала А.В. Васильева аахта. Дьыктааҥҥа уопсайа 16 киһи кыттыыны ылла. Хас биирдии кыттааччылар туоһу суруктары, олоҥхо тылын таба, туйгуннук суруйбут кыттааччылар Дипломнары туттулар. Элбэхтик аахпыт, киэҥ билиилээх ааҕааччыларбыт, нэһилиэк олохтоохторо Светлана Прокопьевна Васильева, оскуола библиотекара Антонова Галина Никитична, “Алаас Хотуна” түмсүү актыыбынай эбэлэрэ Валентина Егоровна Николаева (иккис сылын), Адамова Антонина Семеновна, ыччат лиидэрэ Васильева Анжелика Николаевна туйгуннук суруйан Дипломунан наҕараадаланнылар. Тэрээһини Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлээн, В. Васильев-Маайда, Гаврил Яковлев ырыанан киэргэттилэр.
Саха буоларгытынан киэн тутта, Олоҥхо кэрэ эйгэтигэр кыттыһан, дьыктаан кэлэн суруйбут дьоммутугар махталбытын аныыбыт.
Мария Николаева, библиотекарь.
Хаҥалас, Ньурба