Сахабыт сирин сайына төһө да кылгаһын иһин араас сир аһынан күндүлүүр, бэлэхтиир эбээт! Онтон биһиги нэһилиэкпит – Ньурба оройуонун Хаҥалаһа, уруккуттан да сир астааҕынан аатырар, суон сураҕырар.
Мин дьоммун кытары айылҕаҕа сылдьарбын, сир астыырбын олус диэн сөбүлүүбүн, астынабын. Хаҥалаһым сиригэр быйыл сир аһа барыта кэриэтэ үүммүт: дьэдьэн, киис тиҥилэҕэ, сугун, биэ эмиийэ, хаптаҕас, моонньоҕон. Отон да үүнүүтэ быйыл баһаам эбит. Дьоннор кэлин өссө сорунан туран дьөлүһүөнү, долохунаны уонна күлүүкүбэни хомуйар буоллулар.
Сир аһыттан араас минньигэс, иҥэмтэлээх барыанньа оноробут. Муорус да оҥостон истэххэ, олус туһалаах буолар. Киһи этин-сиинин бөҕөргөтөр, хаанын тупсарар.
Онон хаалбыт сылаас кэмнэри туһанан, элбэхтэ сиргэ сылдьан сир аһын хаһааныҥ, кыһыҥҥы кыстыкка бэлэмнэниҥ.
Анатолий ГРИГОРЬЕВ, 7 кылаас, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба.