Саҥа дьыл оҕо-уруу, дьиэ кэргэн бүттүүн кэтэһэр бырааһынньыкпыт буолар. Ахсынньы 23 күнүгэр Ньурба улууһун баһылыгын Харыйатыгар оройуоммут спортка, үөрэххэ ситиһиилээх оҕолоро киирэн таҕыстыбыт.
Биһиги оскуолаттан 5 оҕо буолан киирэ сырыттыбыт: Сема Анисимов (11 кылаас), Виолетта Иванова, (11 кылаас), Олег Адамов (10 кылаас), Марина Васильева (9 кылаас), Саша Жданов (8 кылаас).
Күнүс «Юнион» кинотеатрга сана дьыллааҕы киинэ «Приключение Тедди» сырыттыбыт. Онтон 15 чаастан «Кыталык» култуура киинин киэн уораҕайыгар улуус баһылыгын Харыйатын үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Баһылык А.М. Иннокентьев мустубут оҕолору эҕэрдэ тылынан көрүстэ, инникигэ өссө үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран, оҕолорго минньигэс, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттартаата.
10 чулуу спортсмен оҕолорго 15000 суумалаах харчынан сертификат туттартаата. Ол иһигэр нэһилиэкпит кэскиллээх спортсмена, тустуук, 8 кыл. үөрэнээччитэ Саша Жданов баар.
Култуура үлэһиттэрэ театрализованнай дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһээһининэн уонна уоттаах дискотеканан түмүктэннэ.
Олег Адамов, Ньурба, Хаҥалас, «Ыллык» эдкорпост.