Үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар «Идэһэ» дьаарбаҥка Ньурба куоратыгар быйыл эмиэ сэтинньи 23 күнүгэр ыытылынна.
Эрдэттэн дьон «Кыталык» култуура дьиэтигэр тоҕуоруһа муһуннулар. Тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн атыылыыр, оҥорон таһаарааччылар остуолларга бородууксуйаларын тэнитэ ууран атыы-кутуу тэрээһиннээхтик ааспыта. Дьэ бу курдук, сылын аайы дьон-сэргэ кыстыыр олохтоох бородууксуйатын хааччынар «Идэһэ» дьаарбаҥката саҕаламмыта.
Олохтоох аһы-үөлү оҥорон таһаарааччылары кытары бу дьаарбаҥкаҕа сылын аайы агрооскуолалар эмиэ кыттыыны ылаллар. Быйыл эмиэ оннук буолла, ол эрэн агрооскуолаларга волейболга күрэхтэһии эмиэ бу күҥҥэ ыытыллыбыт буолан, аҕыйах оскуола кытынна.
Биһиги Хаҥалас орто оскуолата бу күн ас-үөл дьаарбаҥкатыгар бэйэбит сүөһүбүт этин, онтон оҥоһуллубут бородууксуйаны: эт аһын набора, фарш киирэн атыылаатыбыт. Тыһаҕас этин сымнаҕас диэн дьон сөбүлээн сиир, онон эппит тута барда, фарш эмиэ былдьаһык буолла. Эт ас набордара саҥа бородууксуйа көрүҥэ буолар – ол эрэн дьон-сэргэ тута буһарынан сииргэ, оҕолоругар куоракка ыытарга үчүгэйдик ыллылар. Онон Хаҥалас агрооскуолатын бородууксуйата атыыга дөбөҥнүк барда. Дьону хаһаастаан үөртүбүт, бэйэбит да харчылаһан үөрдүбүт.
«Ыллык» пост, Ньурба Хаҥалас.
keskil14.ru