Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр — эйэ, дьол, үлэ күнүгэр үгэс быһыытынан Ньурба оройуонун Маар нэһилиэгэр Саргылана Петровна Фёдорова салайааччылаах «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо народнай фольклорнай ансаамбылын отчуоттур кэнсиэрэ буолан ааста.
Бу күнү ансаамбылбыт оҕолоро сыл ахсын долгуйа күүтэллэр. Биир сыл иһигэр туохха үөрэммиттэрин, сыраларын ууран туран бэлэмнэммиттэрин көрөөччүлэргэ, ыалдьыттарга көрдөрөллөр. Ыҥырыылаах ыалдьыт буолан Саха Өрөрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Ньурба култууратын бочуоттаах үлэһитэ, култуура департаменын норуот творчествотын специалиһа Наталья Федотовна Трофимова уонна Чарпыков Василий Александрович, олоҥхоһут Н.Ф.Осипов-Чоомуут кыыһа Мария Николаевна Осипова кэлэн барбыттара.
Ол курдук кэнсиэрбитигэр сыллааҕы үлэбитин: чабырҕаҕы, олоҥхону, тойугу, норуот ырыатын иһитиннэрдибит. Ону кытта биир дойдулааҕым Николай Федотович Осипов-Чоомуут «Оҕуруокка киирбэтэх, ойбоҥҥо уулаабатах уот кугас аттаах Уол Туйгун бухатыыр» диэн олоҥхотун туруордубут, көрөөччүлэр биһирээтилэр. Кэнсиэр бүтүүтэ төрөппүттэрбит сибэкки дьөрбөтүн уонна торт бэлэх ууннулар. Салайааччыбытыгар, төрөппүттэрбитигэр, ыалдьыттарга улахан махталбытын тиэрдэбит.
Төһө да көрөөччү аҕыйаҕын иһин бэркэ ааста. Хаалааччы оҕолорго үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Анжелина Жданова
Х кылаас. Ньурба, Хаҥалас.
«Ыллык» эдкорпост.