Бүгүн Бүлүү куоратын «Кэскил» оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар киин таһыгар «Кэскил» хаһыат Бочуоттаах эрэдээктэрэ, «Бочуот знага», «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьаннар кавалердара, СӨ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа Госбириэмийэ лауреатын Нина Иннокентьевна Протопопова аатын сүгэр скверы уонна пааматыннньыгын арыйыы сиэрэ-туома буолла.
Оҕо дьон бастыҥ доҕоро буолбут, баһаатай, тэрийээччи эрэ барыта билинэр, ытыктыыр киһибит Нина Иннокентьевна Протопопова Саха сиригэр оҕо общественнай хамсааһына сайдарыгар, иккистээн тыын ыларыгар уонна государственнай таһымҥа өйөнөрүгэр улахан өҥөлөөх.
Нина Иннокентьевна бэйэтин холобурунан, үтүө суобастаах үлэтинэн, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах уонна ийэлии эйэҕэс сыһыанынан, олоххо, үлэҕэ ураты кэрэ дьоҕурунан үгүс көлүөнэ ыччаты ииттэҕэ-такайдаҕа, суолларын арыйдаҕа, үрдүккэ көтүттэҕэ…
Кини айымньылаах суруйуулара, олохтоох дьаһаллара оҕо тэрилтэтин историятын, күннээҕи түбүгүн, инники кэскилин кытта быһаччы ситимнээхтэрин куруутун билинэбит уонна киэн тутта кэпсиибит!
Убаастыыр киһибит Н.И.Протопопова биир дойдулаахтара үтүө санаалаах дьаһалларын, дириҥи уонна инникилээҕи толкуйдуур кыахтарын, түмсүүлээх уонна таһаарыылаах үлэлэрин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Геннадий Охлопков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун общественнай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ.