Бэс ыйын 21-22 күнүгэр Норуоттар икки ардыларынааҕы “Артек” лааҕыр “Культурный код” диэн 7-с симиэнэтэ элбэх оҕону түмэ тарпыта. “Артек” лааҕыр иһинэн “Полевой”, “Речной”, “Янтарнай”, “Кипариснай”, “Озернай”, “Хрустальный”, “Лазурный”, “Лесной” уонна “Морской” диэн ааттаах лааҕырдар бааллар.
Саха сириттэн 14 оҕо буолан барбыппыт, путевкабытынан “Морской” лааҕырга киирбиппит. Оскуолабыттан үһүө этибит: бииргэ үөрэнэр кыыһым Дуня Старостина уонна 8 кылаас үөрэнээччитэ Ярослав Андросов. “Морской” лааҕыр “Артек” маҥнайгы лааҕыра, муора кытылыгар турар. Манна 1925 сыллаахха аан бастакы Артековскай линейка буолбут.
Лааҕырдар аайы араас этэрээттэр бааллар: медиа, медицинскэй, туристическай, театральнай, КВН, муора флатилията уо.д.а. Биһиги Дунялыын “Альфа” диэн этэрээккэ анаммыппыт. Онно улахан, орто уонна кыра диэн сүһүөхтэринэн сааспытынан арахсабыт, биһиги этэрээппитигэр уон үһүө этибит. Этэрээппитигэр Арассыыйа бары муннугуттан кэлбиттэрэ. Этэрээппит байыаннай-туристическай хайысхалаах. Программабытыгар Малахов-Курган, Крым сэриитин туһунан кэпсиир түмэл, Аҕа дойду сэриитин биир улахан фашисткай “Красный” концлааҕырыгар, ФСБ салалтатыгар экскурсиялар буолбуттара, Аю-даг хайаны дабайбыппыт, бу хайа быһыыта эһэҕэ майгынныырын иһин олохтоохтор Эһэ Хайа диэн ааттыыллар. Хайа анныгар баар Осман күөл аттыгар походтаабыппыт. Акваланнаах уу анныгар түспүппүт, автомат ыспыппыт-хомуйбуппут, тактико-техническай характеристикаларын үөрэппиппит, сыал ыппыппыт, араас байыаннай погоннары, муора узелларын билбиппит.
Сынньалаҥмытыгар араас күрэхтэһиилэр, фестиваллар, араас интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Бары биир киһи курдук тэҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Хас биирдии оҕо лааҕырга сылдьан бэйэтин тэҥнээхтэрин кытта алтыһан, саҥаны билэн- көрөн, атын дьону кытта алтыһыыга инники олоҕор туһалаах хардыыны оҥорордо дии саныыбын.
Маннык үрдүк таһымнаах лааҕырга мин иккиспин сырыттым. Киһи төһөнөн элбэхтэ сылдьар да, кини билиитэ-көрүүтэ тосту уларыйар, элбэх саҥаны билэҕин, биир толкуйдаах, интэриэстээх оҕолору кытта алтыһан өйгүн-санааҕын кэҥэтэҕин. Тыйыс айылҕалаах, тымныы кыһыннаах сир оҕото муора салгынынан тыынан, айылҕата кэрэтинэн дуоһуйан, дууһалыын, куттуун-сүрдүүн сынньанан, элбэҕи көрөн-истэн, олус астынан кэлбитим.
Майя БОЯРОВА, 11 кылаас,
Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык Күөл ОО
“Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ.