Муома улууһун Соболоох оскуолатыгар оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар үлэ утумнаахтык барар. Соторутааҕыта оскуола бибилэтиэкэтигэр олохтоох суруйааччы айымньытын кытары билиһиннэрдилэр.
Биһиги оскуолабытыгар элбэх тэрээһин буолар. Соторутааҕыта оскуолабыт бибилэтиэкэтигэр олохтоох суруйааччы Тихон Толомон оҕолорго анаан суруйбут остуоруйаларынан «айан” буолла. Биһиги бу суруйааччылыын бастакы билсиһиибит буолар.
Бу интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ Толомон «Аарыма кымырдаҕастар» остуоруйатынан урут видео оҥорбуттарын көрдүбүт. Ол кэнниттэн «Таарбаҕан тириитэ» кэпсээни аахтыбыт. «Эһэчээн-мэнигийээн» хоһоону сэҥээрдибит. Толомон айымньытын кытта билсиһиибит манан бүппэтэ. Дьиэбитигэр салгыы «Туундара үөрүүтэ» диэн остуоруйаны ааҕан баран, уруһуйдуур сорудах ылан тарҕастыбыт. Маннык интэриэһинэй уруогу бибилэтиэкэр Любовь Реворьевна бэлэмнээн, олус элбэҕи биллибит, литература дойдутугар “айаннаатыбыт”.
Артур ШКУЛЕВ, 4-с кылаас.
Соболоох, Муома.