«Мультляндия» өрөспүүбүлүкэтээҕи II бэстибээл Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ааста. Манна оҕону аралдьытарга тиһиктээх дьарыктар уонна оонньуулар араастара элбэхтик көһүннэ. Биһиги дьон кэрэхсэбилин ылбыт былаһааккаларын бэлиэтээтибит.
Лего кыаҕа
Аныгы сайдыылаах үйэҕэ «Lego» диэн тыл күннээҕи олохпутугар үгүстүк туттуллар буолбута ыраатта. Билигин манан оскуола үөрэнээччилэрэ, биэбэйик иитиллээччилэрэ дьарыктаналлар.
34 №-дээх орто оскуола IV кылааһын үөрэнээччитэ Алёша Лохвич Lego конструктортан «Черепашки-ниндзя» куоратын оҥорбут. Сөбүлүүр мультигын сүрүн дьоруойдара Леонардоны, Микеланджелоны, Рафаэлы, Донателлоны уо.д.а. барытын хомуйбут. Биэс сааһыттан дьарыктанар буолан, дьиэтигэр Lego оонньуура элбэх, онтон араас киэптэри толкуйдаан, чочуйан, быыстапкаҕа кыттар.
– Lego көмөтүнэн тугу баҕарар оҥоруохха сөп. Онон үчүгэй! Оонньуур сыаната ыарахан. Миэхэ дьонум ылан биэрэллэр. Улаатан баран, тутуу үлэһитэ, архитектор эбэтэр бырайыак оҥорооччу киһи буолуом.
Lego-ны ханнык баҕарар төрөппүт атыылаһар кыахтаах. Оонньуур атыыга биирдии-биирдии тахсар буолан, сыыйа бүтүн кэмпилиэк хомуллуон сөп.
Робот… кыргыһар
Робототехника – оҕону умсугутар уонна сайыннарар дьарык. Илиинэн таҥан оҥорууну (конструированиены), электрониканы уонна көмпүүтэр технологиятын тэҥинэн үөрэтэр. Хата, биһиги кииммитигэр робототехника бары тэриллэрэ бааллар.
Аан дойдуга киэҥник биллэр “Lego” маарка айбыт «Mindstorms EV3» роботы салайан, сүүрдэн, бэйэ-бэйэлэрин утары биир-биир киирсэллэр. Оонньуу иккилии кыттааччылаах буолар. Роботы хамсатан, утарсааччыны түҥнэри суулларыахтаах эбэтэр хайаҕас иһигэр киллэриэхтээх. Киирсии икки кыайыыга диэри барар.
– Хамсатарга, салайарга чэпчэки, ол эрээри пульта кыра буолан, олус табыгаһа суох. Sony PlayStation приставкаҕа UFC оонньуубун. Ол иһин роботынан киирсиини онно майгыннаттым. Эн кыайаҕын, эбэтэр хоттороҕун! Тэҥнэһии диэн суох, – диэн 23 №-дээх орто оскуола III кылааһын үөрэнээччитэ Артём Макаров кэпсээтэ.
Уопут мэлдьи дьикти
Быйыл Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар «Химикум» диэн ааттаах саҥа куруһуок тэриллибит. VII кылаас үөрэнээччитэ Артём Данилов химия уруогун ордук сөбүлүүр. Онон салайааччытыныын бу тэрээһиҥҥэ «Вулканчик», «Фараоновая змея», «Лава лампы» диэн химическэй уопуттары бэлэмнээбиттэр:
– Бастаан үчүгэйдик оҥорорго кыһалла сатаатым. Билигин да үөрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, билбэтим элбэх, ырысыабыгар да буоллун, саҥаттан саҥа уопут эбиллэ турар. Ол иһин салайааччым этиитин истэбин уонна Интэриниэти кэтиибин.
Тэрээһиҥҥэ кэлбит оҕо аймах бука бары үрдүктүк сыаналаата, элбэҕи ыйытта, сорохтор дьиэлэригэр оҥоруохтарын баҕардылар.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ – уопуттары барытын дьиэҕэ оҥоруохха сөп. Краситель, Fairy, зелёнка, перекись водорода маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа атыыланаллар. Ити састааптар көмөлөрүнэн, кыра вулкан уотун сырдатан көрдөрдүлэр.
Кумах кэрэ эйгэтэ
Кумахха уруһуйдуур диэн ураты искусство. Тэрээһиҥҥэ кэлбит оҕолор үксүлэрэ аан бас- таан холонон көрдүлэр.
– Мин бастакыбын тарбахпынан кумахха уруһуйдаатым. Наһаа ураты, үчүгэй ойуулары түһэрэҕин. Кумаҕы көрдөхпүнэ, оҕо былаһааккатын, оонньууру саныыбын. Хата, манна элбэҕи толкуйдаан, айан таһаарыахха сөп. Холобур, бастаан оҕону уруһуйдаатым, онтон массыынаны эбэн биэрдим, – диир II «В» кылаас үөрэнээччитэ Максим Адамов.
Максимы кытта бииргэ үөрэнэр Айархаан Семёнов уруһуй быыстапкаларын, көрүүлэрин кыттыылааҕа. Кини уруһуйдуурун 4 сааһыттан саҕалаабыт. Сөбүлүүр дьарыгын туһунан бу курдук кэпсиир:
– Уруһуйдуурбар харандааһы, акварелы, гуаһы туһанабын. Кумахха ойуулуур олус ураты. Араас албастары билэбин. Кумахха оһуору, айылҕаны, дьиэлэри, динозавры, сөмөлүөтү оҥорору сатыыбын.
Оҕолоор, эһиги эмиэ бу оҕолор курдук сөбүлүүр дьарыккытын салгыы сайыннардаххытына, ситиһиилээх буолуоххут!
Павел ИЛЬИН.
Ааптар түһэриилэрэ.