Муҥха саха дьонун үгэһэ. Былыр-былыргыттан саха киһитэ балыгынан аһаан олорбута номоххо баар. Ыар сылларга саха киһитин балык тыыннаах хааларбыт. Халлаан тымныйдаҕына, күөл мууһа киһини уйар буоллаҕына, дьон билигин да күргүөмүнэн муҥхалыы киирэр.
Билиҥҥи кэмҥэ эдэр дьон муҥха сиэрин-туомун билэр ахсааннаах, ыйыыттахха муҥха туттар тэриллэрин да үчүгэйдик билбэттэр. Муҥхалыыр киһи эрэ киһи билэр, эбэтэр эбэтэр аҕа саастаах дьон. Ыччат өбүгэбит үгэстэрин умнан, сиэри-туому тутуһара аҕыйаата. Бултка өбүгэлэрбит сиэрдэрэ-туомнара умнуллуох курдук. Ону манна кылгастык өйдөбүлүн быһааран суруйуом.
Муҥха диэн тугуй? Мунха — балыгы бултуурга аналлаах тэрил. Өбүгэлэрбит муҥханы кылынан өрөн таҥаллар эбит. Былыр таастыганын ынах туйаҕыттан, оттон хотоҕоһун бэс мас хаптаһыныттан оҥороллоро. Эр киһи бултуу бардаҕына айылҕаҕа сылдьыы суруллубатах сиэрин-туомун тутуһуохтааҕын бары билэбит. Муҥха былыр былыргыттан элбэх үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах. Ону биһиги билиэхтээхпит.
Холобур, муҥха кэмигэр кэрэ аҥардар күөлгэ киириэ суохтаахтар. Дьахтар муҥханы үрдүнэн атыллаатаҕына балык хаппат буолар диэн этэллэр.
Муҥха кэмигэр эбэҕэ элбэх киһи киирэн айдаарыа, этиһиэ, үөхсүө суохтаах. Сахалар өйдөбүллэринэн туох барыта иччилээх. Дьон киирэн-этиһэн охсуһан бардаҕына эбэ иччитэ сөбүлүлээбэт, балыгыттан бэрсибэт .
Эбэ балыгын бэристэҕинэ хаһан даҕаны мыымматтар. Муҥхаҕа күөл төһө балыга бэрсибитин ону ылыахтааххын, үөрүөхтээххин. Олохпут сайдан билигин дьон мээнэ-мээнэ саҥарар. Олох мыыныа суохтаахпыт. Күөл төһө балыгы бэрсибитигэр биһиги махтаныахтаахпыт.
Ууга тимири түһэриэ суохтаахпыт. Тимир түспүт сиригэр балык кэлбэт буолан хаалар. Муус ыла сылдьан дьон алҕас анньыыларын мүччү тутан кэбиһэллэр. Күөлгэ үлэлииргитигэр сэрэнэн туттуллуохтаах.
Муҥхаҕа өлбүттээх киһи 40 хонук устата сылдьыа суохтаах, кирдээх киһи диэн ааттыыллар. Кини күөлгэ киирдэҕинэ, эбэ балыгын биэрбэт.
Барыта бүппүтүн кэнниттэн хаалбыт бөҕү ыраастаан барыахтааххын, эбэ үрдүгэр сыыс бөх суох буолуохтаах. Дьанырык маһы тыа саҕатыгар уурдарыахтааххын.
Сүрүн сиэри-туому тутустахпытына, биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин умнуохпут суоҕа. Саха киһитэ бултуу таҕыстаҕына «илии тутуурдаах, өттүк харалаах» кэлэр диэн дэлэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо. Булка сыһыаннаах дьон ити айылҕа сокуонун эндэппэккэ билэллэр.
Муҥха тэриллэрин төһө билэбитий? Дьону батыһан тэҥҥэ киирэн муҥхалаһабыт, бүтүүтүгэр балык үлэстиитигэр өлүүбүтүн ылаат, барабыт. Муҥха тэриллэригэр наадыйбаппыт даҕаны. Муҥха тэрилиттэн тугу эрэ ылан биэр диэтэхтэринэ, билбэккэбит ырааһынан көрөн баран турабыт. Ол иһин быһааран суруйуом:
Муҥха ийэтэ – балыгы мунньан тааһарар иһэ.
Муҥха кыната – балыгы күөйэн муҥха ийэтигэр киллэрэр.
Туос хотоҕос – муус анныгар киирэн баран тимирбэтигэр анаан «поплавога».
Таастыган – дьаакыр.
Ыт мас – муҥханы икки өттүттэн чардаатыгар салайар мас.
Анньыы – ойбон тэһэргэ аналлаах тимир.
Хамыйах – ойбон мууһун ыраастыырга анааллаах күрдьэх.
Ачаах – муус аннынан муҥханы салайар мас буолар.
Олуур – ыт мас туора барбыт буоллаҕына олуйан сөптөөх хайысхаҕа хйыһыннарар мас.
Көхө – үтүмэх кэлбитин тардан ылар күрүчүөк.
Үтүмэх – муҥханы тардар 10–15 миэтирэ уһуннаах быа.
Нырыы – балыктары куттуур, үргүтэр мас.
Бу курдук туттар тэрилбитин үөрэтэн кэбиһиэх. Үйэ-саас тухары бэйэҕэр туһалаах буолуо. Биһиги умнубатахпытына салгыы кэскиллээх ыччаппытыгар тиийиэҕэ. Булт сиэрэ-туома умнуллуо суохтаах.
Дьулустаан ГУЛЯЕВ.
Видео ватсап ситимиттэн