Сэтинньи 23 күнүгэр Амма улууһугар “WorldSkills 2022” чемпионат ас астыыр түһүмэҕэ буолан ааста. Биһиги оскуолабытыттан икки кыыс кытынна: 6 кылаас үөрэнээччитэ Юлиана Ноговицына уонна 9 кылаас үөрэнээччитэ Милена Ларионова. Салайааччылара — Валентина Ивановна Иванова.
Милена күрэххэ кыттыы туһунан маннык кэпсээтэ: “Бастакы түһүмэх оҕуруот аһын кырбааһын этэ. Онтон винегрет астааһына. Ол кэнниттэн бешамель диэн соус оҥорбуппут. Бу соуһу оҥорорго ынах арыыта, бурдук, үүт уонна мускатнай эриэхэ наада. Салгыы ынах этинэн итии аһы астаабыппыт. Бэйэбит сөбүлүүрбүтүнэн гарнирдаабыппыт. Онтон сырник буһарбыппыт, куурусса этинэн итии ас астааһына. Мин куонкуруһу олус сөбүлээтим, бэйэм кыахпынан кытынным дии саныыбын. Ас астыырбын сөбүлүүбүн”.
Милена уонна Юлиана бэйэлэрин саастарыгар 2 миэстэ буолан, үөрэн-көтөн кэллилэр.
«Кэскил» медиакиин, Эмис орто оскуолата, Амма улууһа.